Саха сирэ бэйэни хааччахтаныыга саамай сайдыылаах ньымалары туттар эрэгийиэннэр истэригэр киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Татарстан, Саха сирэ, Нижегородскай уонна Томскай уобаластар бэйэни хааччахтаныы эрэсиимин тутуһууну кэтииргэ саамай сайдыылаах, технологическай ньымалары киллэриигэ бастыҥ эрэгийиэннэр буоллулар диэн Арассыыйа инновационнай эрэгийиэннэрин ассоциациятын (АИРР) дириэктэрэ Иван Федотов бэлиэтиир.

АИР баһылыга эрэгийиэнтэн уонна кини уратыларыттан көрөн араас дьаһаллар ылыллалларын бэлиэтээтэ. Коронавирус тарҕаныыта араас сирдэргэ тэҥэ суохтук сайдар, онон бары субъектарга биир тэҥ эрэсиими олохтуур сатамматын туһунан эттэ.

Холобура, Саха сиригэр биирдиилээн киһиэхэ буолбакка, тырааныспарга цифровой пропуск биэрэр буолбуттар. Улуустар икки ардыларыгар хамсааһыны хонтуруоллуурга ордук көдьүүстээх ньыма.

Оттон Нижегородскай уобаласка атын быһыы-майгы эрэйиллэр — биирдиилээн киһини кэтиир ордук. Билигин дьон хамсааһынын суотабай сигнал нөҥүө кэтээн хонтуруоллууллар уонна онлайн систиэмэ нөҥүө харантыыҥҥа олоруохтаах дьону кэтээн көрүөххэ сөп.

Егор Карпов, edersaas.ru

Хаартыска — sochisirius.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0