Саха сиригэр дьиэҕэ хааччахтаан олоруу ыйытыыларыгар хоруйдуубут
Дьокуускайга, Жатайга, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарыгар дьиэттэн олоччу тахсыбакка олоруу эрэсиимэ киирдэ. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эппитинэн, бу кэмтэн ыла олохтоохтор дьиэлэриттэн барыа суохтаахтар, уһулуччу наадалаах түгэннэртэн уратыларга. Булгуччу үлэлиир эбээһинэстээх эрэ дьон үлэҕэ бараллар.
Ону тэҥэ чугастааҕы маҕаһыыҥҥа, бөх тоҕо, дьиэ кыылын таһаара тахсыахха сөп – ол эрээри булгуччу дьиэ таһыгар эрэ. Маны сэргэ бу муниципальнай тэриллиилэргэ арыгыны атыылааһын муус устар 6 күнүгэр диэри бобуллар. Саха сирин Ил Дарханын үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимин биллэрдик кэҥэтэр туһунан Ыйааҕа дойду салалтатын коронавируһу бохсор бэлиитикэтигэр толору сөп түбэһэр.
Дьиэттэн тахсыбакка олоруу туһунан сүрүн ыйытыыларга хоруйдар:
— Социальнай тэйиччи буолуу диэн тугуй уонна итини кимнээх тутуһуохтаахтарый?
— Дьокуускай, Жатай, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарын олохтоохторо 1,5 миэтэрэттэн кырата суох социальнай тэйиччи буолууну булгуччу тутуһуохтаахтар. Мантан туорааһын – таксинан айаҥҥа.
— Туох бэлиэний (размтека) уонна ким итини оҥоруохтааҕый?
— Бары тэрилтэлэр уонна предприятиелар дьон бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сылдьар усулуобуйаларын хааччыйыахтаахтар. Бу бэлиэни оҥоруу эбэтэр сылдьыы анал эрэсиимин олохтооһун.
— Дьиэттэн ханнык түгэҥҥэ тахсыахпын сөбүй?
— Гражданнар маннык түгэннэртэн уратыларга дьиэттэн тахсыа суохтаахтар: суһал көмөҕө наадыйыы, киһи олоҕор уонна доруобуйатыгар быһаччы куттал суоһаатаҕына, өскөтүн тохтотуллубатах буоллаҕына, үлэлиир сиргэ барыы уонна төннүү, аттынааҕы ас-үөл, бастакы уочарата наадалаах маҕаһыыҥҥа, бааҥҥа уонна сибээс солуонугар сылдьыы, дьиэ кыылын таһырдьа дьиэттэн 100 миэтэрэттэн тэйиччитэ суох таһаарыы, бөҕү тоҕо тахсыы.
Николай БОРИСОВ, СИА.
Женни Стрюкова бэлэмнээтэ, edersaas.ru
Хаартыска: СИА