«Саха сирэ» хаһыат тугу суруйда?

Ааптар: 
27.02.2020
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэригэр Анивера Акимова уонна Женни Стрюкова бэлэмнээн таһаарар “Олох-дьаһах” балаһаларыгар олорор дьиэни атыылаһыыга сыһыаннаах үгүс боппуруос киирдэ. Бу, биллэн турар, үгүс ааҕааччы интэриэһин тардыаҕа.

edersaas.ru

 Үгүс киһи күһүҥҥү сибиинньэ оҕотун туруорар сирэ суох буолан, кыстаппат. Ол эрээри кыһын гарааска кыстатыахтарын сөп ньыма баар эбит. Бу туһунан сибиинньэ ииттиэн баҕалаах дьон Раиса Сибирякова матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Куруусчутунан үлэлии сылдьыбыт киһи баҕа санаатын толорон, история учуутала буола сылдьан күннээҕи түбүгүн кэпсиирэ ааҕааччы интэриэһин тардар. Матырыйаалы Егор Карпов суруйда.

Үс дойду аанын биир суумкаҕа уган айаннаабыттарын туһунан Ульяна Захароваҕа ким эрэ Индияҕа сырыы туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.  Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Дьокуускайга Космонавтика күнүгэр Юрий Гагарин аатынан култуура киинэ аһыллыаҕа. Бу баараҕай дьиэҕэ киһи хайдах сынньаныан сөбүй? Бу туһунан Марианна Тыртыкова сиһилии билиһиннэрдэ.

Кулун тутарга Сунтаар улууһугар ким да хаһан да харахтаан көрбөтөх кыыллара баар буолаллара күүтүллэр. Ол курдук Кэмпэндээйигэ Канада бизоннарын аҕалаллар үһү. Бу айылҕа биир дьикти кыыллара Сунтаарга тоҕо олохсуйуохтарай? Бу туһунан Надежда Егорова сиһилии быһаарыытын аахтаххытына, ыйытыкка хоруйу булуоххут.

Саха сиригэр «Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, 5 эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Бу бырайыактарынан үп-харчы кэлэр, онон үлэ-хамнас барар, сайдыы суола торумнанар. Дьэ, ааспыт сылга туох үлэ ыытыллыбытый? Бу туһунан Ангелина Васильева ырытта.

Чурапчыга икки күн устата буолан ааспыт “Тыл – омук тыына” пуорумҥа кыттыыны ылбыт Санкт-Петербургдааҕы судаарыстыбаннай университет илиҥҥи факультетын түүр филологиятын кафедратын дассыана Маргарита Дубровина пуорум үлэтин туох санаалааҕый? Бу туһунан Родион Кривогорницын суруйуутугар ааҕыҥ.

“Былырыын куоракка кэлэ сылдьан санаам дэлби түһэн барбытым. Оҕолортон сахалыы билэҕин дуо, диэн ыйыттахпына “ээ, мээнэ” эбэтэр “нет” диэн кэбиһэллэр. Манна Чурапчыга кэлэн санаам көтөҕүлүннэ. Оҕолор бары сахалыы саҥараллар, тус бэйэм ааппыттан төрөппүттэргэ махтанабын. Дьиҥэр, саха тылыгар куттал саҥа үөскээбэтэ. Өссө 1950-с сылларга Семен Данилов күннүгэр: “Саха интэлигиэнсийэтэ, саха тылын билбэт. Билэр да буоллаҕына, билбэт курдук туттара-хаптара тугу этэрий? Алааска сүүс чыычаах ыллыыра олус кэрэ. Арай, ол чыычаахтар ырыаларыттан биирэ-иккитэ сүтэн хааллаҕына, туох да сүппэт дии саныыбыт дуо?” — диэн суруйан турардаах”. Бу саха киһитэ буолбакка, уу сахалыы саҥарар омук киһитин санаата. Людмила Попова маннык толкуйдаах ханнык омук киһитин кытта кэпсэттэ? Матырыйаал бүгүҥҥү хаһыакка таҕыста.

Чурапчы Дириҥэр тыа сирин сайыннарар саҥалыы тыыннаах “Сатабыл” бырайыак олоххо киирэн эрэр. “Точка кипения” тэрилтэ тоҕо бу нэһилиэги кытта үлэлэстэ? Бу туһунан “Сатабыл” балаһаҕа суруйуубун ааҕыҥ.

Бүгүҥҥү 48 сирэйдээх халыҥ хаһыаты кылгастык ырыттахха итинник. Хаһыат өссө да атын матырыйаалларыттан бэрт үгүһү билиэххит.

 Хаһыаппытын ааҕыҥ, доҕор оҥостуҥ!

 

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0