«Саха сирэ» хаһыат Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр ананна 

Ааптар: 
20.02.2020
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү чэппиэрдээҕи нүөмэрэ  Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр  ананна. 

edersaas.ru

 “Ыйыт-эппиэттиибит” балаһаҕа үгүс ыйытыы киирэр.  Элбэхтэн сороҕун билиһиннэриим. “Урукку хаһаайын туһаммыт уотугар иэһин төлөөбөккө барбыт эбит. Ону хайдах гынабыт?; Ыстааты сарбыйыыга түбэспит киһи уурайан баран нэдиэлэ буолаат ыарыйдаҕына, үлэни биэрээччи быстах үлэлээбэт буолууга босуобуйаны төлүөхтээх дуо?”. Бу уонна да атын боппуруостарга кимнээх туох хоруйу биэрдилэр? Бу туһунан суруналыыстар Анивера Акимова уонна Женни Стрюкова бэлэмнээбит матырыйаалларыгар ааҕыҥ.

“Халлааны, сулустары көрөрбүн сөбүлүүрүм. 9-с кылааска үөрэнэр сылбар интэриниэтинэн үөрэхтэри хасыһа олорон, училище баарын, пилоттары үөрэтэллэрин билбитим. Онон училищеҕа киирэбин диэн тута быһаарыммытым. Сайабылыанньабын пилот идэтигэр уонна  10 ыйдаах газоэлектросварщик идэтигэр биэрбитим”, — диэн ким санаатын үллэһиннэ? Бу туһунан Людмила Попова Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө Санкт-Петербурдааҕы гражданскай авиация судаарыстыбаннай университетын авиационнай тиэхиньиичэскэй училищетын (колледж) Дьокуускайдааҕы филиалыгар сылдьан оҥорбут матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Сэниэтик олорбут ыал аҕата, Хара муора флотугар хапытааннаабыт, арыгыһыт буолан хаалбыт Сергей Железнов куһаҕан кэмэлдьитэ биллэн, холуобунай дьыала тэриллибит, хаайыллаары сылдьар. Онуоха кэргэнэ Тимир Баасса: “15 сылы быһа көрөн-истэн кэлбит хаһаайыстыбабын ыһар санаам суох. Эн сууттаннаххына,  аптарытыаппыт түһэр, кыргыттарбытын ким да кэргэн ылбат, ыал аатыттан ааһабыт” , — диэн икки кыыһын, уолун, сиэнин инникилэрин санаан,  кэргэнин дьааты иһэн, олохтон туорууругар көрдөһөр. Биллэн турар, сиэр-майгы өттүнэн көрдөххө, олус ыарахан суол”, – бу Надежда Егорова “Кырдьыгы уот харахха этиэххэ…” диэн ыстатыйатыттан холобурдаатым. Суруналыыс бу курдук суруйан туран, туох сытыы боппуруоһу көтөхтө? Киһини улаханнык толкуйдатар ыстатыйаны хайаан да булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

“Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара — айан аргыстаах дьон. Онон бүгүҥҥү хаһыакка айан блокнотуттан үгүс бэлиэтээһини ааҕыахха сөп. Бу күннэргэ Раиса Сибирякова Нам улууһун Таастааҕар командировкаҕа баран кэллэ. “Бааһынай хаһаайыстыба эргэ хотонун түүлэһэн кыстыыбыт. Ньирэйдэр тоҥуохтара диэн, улахан тымныыларга тимир оһоҕу оттобут. Ити эрээри, саха сүөһүлэрэ симменталь уонна холмогор боруода курдук буолбатахтар, наһаа сылааһы сөбүлээбэт эбиттэр. Аска-үөлгэ хаппырыыстара суох. Харчы кырыымчыгынан, сиилэс уонна сенаж көрүллүбэт, арай, төрөөбүт ынахтарга комбикорм салатабыт”, — диэн “Абылыыр дьиктилээх саха сүөһүтэ” ыстатыйаҕа ким санаатын суруналыыһы кытта үллэһиннэ? Тыа хаһаайыстыбатыгар идэтийбит суруналыыс суруйуутун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Соторутааҕыта Марианна Тыртыкова Тулагыга тиийэн, мас уустарын үлэлэрин көрдө-иһиттэ. “Миэбэл оҥоһуутун технологията оннук уустук буолбатах, биһиэхэ хатыҥ, бэс, тиит мас баар. Мин кэлин бэһи туттабын, соҕуруу дойду маһа —  дууп сыаналаах, ыраах сиртэн тиэйэн аҕалыахха наада. Билигин маҕаһыын миэбэлэ искусственнай матырыйаал, мас көөбүлүн килиэйдээн баран оҥороллор. Маҥнай утаа үчүгэй көстүүлээх, онтон эргэрэн истэҕин аайы үллэн тахсыан, килиэйэ хоҥнуон сөп. Оттон дьиҥнээх маһыҥ сыл-хонук аастаҕын аайы кииллийэн иһэр», — диэн суруналыыска ким санаатын тиэртэ? Мас уустарын үлэлэрэ бүгүҥҥү хаһыакка үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара.

“Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ Иван Белолюбскай многоборье күрэхтэһиилэригэр уолаттары дьарыктаабыта биэс сыл буолла. Үс сылтан бэттэх кини, аны оҕолору кытта үлэлэһэн эрэр. Аатырбыт спортсмены кытта дьарык, уол оҕону иитии, төрүт многоборье кэскилин, “Боотур” кулуупка кини туох санааттан кыра оҕолору дьарыктыыр буолбутун туһунан бүгүҥҥү хаһыакка  Айтана Аммосова суруйуутун ааҕыҥ.

“Устудьуоннуу сылдьан суруйан бооччойбут хоһооннорбун, лоскуй кэпсээннэрбин суруйааччы киһи сыаналаарай диэн илдьэн туттаран кэбиспитим. Василий Архипович суруйууларбын ааҕан баран, кэлин көрсөрбүтүгэр маннык диэбитэ: “Уля, дьэ, хоһоонноргун, кэпсээннэргин аахтым. Кэпсээннэриҥ ордуктар,” — диэн Ульяна Захарова, итии үүттээх чэй иһэ-иһэ, ханнык суруйааччыны кытта алтыспыт үтүө кэмнэри ахтыһар дьоро киэһэҕэ кыттыбытын туһунан суруйбутун эмиэ бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаан олунньу 24 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыахтаах Эр дьон күнүгэр анаммыт дьоро киэһэҕэ кыттар Аскалон Павлов, Эдуард Рудых, Юрий Баишев уо.д.а. биллиилээх дьон аармыйаҕа сулууспалаабыт кэмнэрин,

андролог быраас Николай Григорьев-Маганскай уол оҕолоох ыалга эр киһини иитиигэ туохха болҕомтону ууруохха сөбүн туһунан сүбэтин, ону тэҥэ Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ нэһилиэгэр командировкаҕа баран кэлиим туһунан суруйдум.

Күндү доҕоттор, “Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн сорох матырыйааллары кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник. Бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы хаһыаты киоскалартан атыылаһан хайаан да ааҕыҥ. Оттон суруттарбыт дьон хаһыаттарын тэһийбэккэ кэтэһэллэрэ чахчы.

  Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска – суруналыыстар матырыйаалларыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0