«Саха сирэ» хаһыат Флицердэргэ көмөлөстө

18.02.2020
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 20 күнүгэр Ленскэй куоратыгар бэйдиэ сылдьар ыттар аҕыс саастаах оҕоҕо саба түһэн улаханнык эчэппиттэрэ. «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ тута сибээскэ тахсан бу туһунан сырдаппыппыт, оҕо аҕатын кытта кэпсэппиппит.

Бэлиэтээн суруйар буоллахха, эмсэҕэлээбит оҕо суһаллык мэдиссиинэ киинин нейрохирургия салаатыгар киирэн уһуннук эмтэммитэ. Онтон хараҕа көрөрө мөлтөөн, оҕону Иркутскай куоракка эпэрээсийэлэтэ ыыппыттара.

«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ (эрэдээктэр Родион Кривогорницын)  бу алдьархайтан туора турбакка, бэйэлэрин баҕаларынан харчы хомуйан, оҕо аҕатыгар Евгений Флицергэ көмөлөрүн тиэртилэр.

Күн бүгүҥҥү туругунан, кырачаан Андрей бэттэх кэлэн, эпэрээсийэтин сабын ыллара, Иркутскайга ийэтиниин көтүөхтээх.

Евгений Флицер, Андрей аҕата:

— Аны ый курдугунан дьонум Иркутскайга өссө көтөллөр. Онтон сайын өссө көрдөрө син биир барабыт. Ленскэйгэ билигин быһылаан кэнниттэн бэйдиэ сылдьар ыт аҕыйаабытын көрбөппүн. Оҕобутун ытырбыт, быһылаан буолбут сиригэр билигин да элбэх ыт бэйдиэ сылдьар. Ыттары чииптээһин, ыстарааптааһын үлэтин түмүктээх буолуо дии санаабаппын. Оҕобутун быыһаабыт Александр Тертычнайга уонна «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр махталбын тиэрдэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ Ленскэй дьаһалтата 100 тыһыынчаны уонна олохтоохтор баҕа өттүлэринэн көмө оҥордулар.

Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0