«Саха сирэ» хаһыат Саҥа дьыллааҕы нүөмэрэ ааҕааччыларын соһутуоҕа!
Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат бырааһынньыктааҕы бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох нүөмэрэ таҕыста.
edersaas.ru
Дьэ, эрэ ырытан көрүөҕүҥ, суруналыыстар бүгүҥҥү хаһыакка Күтэр сылын туһунан тугу суруйдулар? Туох интэриэһинэй матырыйаалларынан ааҕаччыларын соһуттулар?
“2020 сыл дьикти сыл. Сыыппаралары хатайдааһыны итэҕэйэр дьон этэллэринэн, дьоллоох сыл: иннэ, кэннэ тэҥнэр. Иккис өттүнэн, түөрт сылга биирдэ кэлэр кутуруктаах, ол эбэтэр ордук хонуктаах сыл. Дьон маннык сылтан сэрэхэчийэр – бу сыл сыбаайбалыыры, үбүлүөйдүүрү, дьиэҕэ көһүү малааһыны оҥорууну оччото суоҕунан ааҕаллар. Дьиҥинэн, статистика да көрдөрөрүнэн, кутуруктаах сыл көннөрү сылтан туох да уратыта суох”, – диэн Раиса Сибирякова үүнэр Кутуруктаах сыл туһунан салгыы тугу кэпсээтэ? «Күтэр сыла быйыл тугу тосхойуой?” — диэн ыйытыыга бу ыстатыйаттан үгүс хоруйу булуоххут.
Бэлиитикэ балаhатыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин туhунан Олохтоох салайыныы Сэбиэтин сүбэ мунньагар Ил Дархан Айсен Николаев этиитин, бу сүбэ мунньах үлэтин туhунан Ньурба улууhун баhылыга Алексей Иннокентьев, Дьааны улууhун баhылыга Гаврил Чириков санааларын ааҕыҥ. Балаһаны Ньургуйаана Иванова бэлэмнээтэ.
“12 сыллааҕыта Улахан Кутуйаҕы оонньообутум. Оҕус сылын көрсө Оҕуһу оонньообутум. Биир сыл оҕобун Кыыдаананы өйөөммүн, Саҥа дьыллааҕы бастакы улахан тэрээһинигэр кини курдук Куобах маскараат буолбутум”, — диэн суруналыыс Надежда Егорова кимниин кэпсэттэ? Бу артыыһы тоҕо бары наһаа сөбүлүүрбүтүн бу интервьюну аахтаххытына билиэххит.
“Мария Васильевна куукунаҕа итии чэйин сыыйан иһэ-иһэ, тэлэбиисэр көрө олорбут. Саалаҕа оҕолоро оонньуу сылдьыбыттар. Кэргэнэ маҕаһыыҥҥа барбыта быданнаабыт. Эмискэ.. истиэнэҕэ баар салгыны ыраастыыр тэриллэрэ аһыллан кэлбит уонна…” – салгыытын Надежда Егорова Саҥа дьыллааҕы матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Мин нууччалыы үөрэммит буолан, сахалыы олох суруйбат этим. Ол да буоллар, суобаһырҕаан, суруйан сордоннум. Балыыһам үлэһиттэригэр аахтаран, көннөртөрдүм. Ол саҕана улуус киин балыыһатын хирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ этим. Суруйааччы Сындыыс “бэрт эссе суруйбуккун” диэн хайҕаабыта, аны иккис хомуурунньук тахсар, саҥа кэпсээннэргин аҕала оҕус диэн буолбута. Дьэ, суруйуум оннук саҕаламмыта”, — Ангелина Васильева суруйааччы буолар дьылҕаламмыт ким туһунан суруйда? Ааҕыҥ, сэргээҥ.
“Кутуйах саамай сөбүлүүр аһа – сыыр, онон туспа тэриэлкэҕэ сыыр арааһын киэргэтэн ууруҥ. Ону тэҥэ бурдугу, куруппаны кыра иһиккэ кутан ууруохха сөп”, — бу курдук “Саха ыала” балаһаҕа эмиэ бу суруналыыс бырааһынньыктааҕы сандалы ырысыаптарын, Күтэр сылын көрсүү туһунан ырытыытын ааҕыҥ.
“Дьиэ кэргэммэр ыал соҕотох кыыһа буоламмын, ийэбэр көмөлөһөн, күннээҕи аһылыгы астыырым. Ол эрээри оҕо сылдьан асчыт буолуом дии санаабат этим, арай ийэм аҕата, эһээм, мин алаадьыбын наһаа хайҕыыра: “Оҕом улааттаҕына, асчыт буолуо”, — диирэ. Эһэм алҕаабыта инники идэбин торумнаабыт эбит” – диэн Ульяна Захароваҕа санаатын аспыт, билигин дьон кини тордугар эрдэттэн уочараттыыр киһилэрэ кимий? Бу туһунан суруналыыс киһини ис иһиттэн тардар матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Бырааһынньык чугаһаабытыгар да кыһаллыбакка, үөрэх таһынан түүннэри-күнүстэри үлэлиир устудьуоннар эмиэ бааллар. Биһиги кинилэри маҕаһыыҥҥа атыыһыттыы, кафеҕа официанныы сылдьалларын күн аайы көрөбүт. Ол иһин бүгүн «Устудьуоннар уөрэхтэрин таһынан үлэлииллэрэ сөп дуо?» диэн устудьуоннартан бэйэлэриттэн ыйыттыбыт”. Дьэ, аныгы устудьуон хантан хайдах үлэ булар эбитий? Бу туһунан «Эдэр сааска» ааҕыҥ.
Сир сибиинньэтин сыла этэҥҥэ ааһан эрэр курдук. Дьиэҕэ-уокка иитиллэр кыыл арыый сылаас-сымнаҕас өттүктэннэ диэххэ сөп. Оттон, бу үүнэр 2020 сыл — илиҥҥи халандаарынан – Күтэр, саха халандаарынан — Билии Айыыта Билгэ Хаан сыла. Олунньубут 29-таах, “үрдүк дьыл” диэн. Хайдах буолуой, бу саҥа сыл? Үлэ-хамнас, ыал буолуу, оҕо төрөөһүнэ, дьиэ-уот тэринии, үөрэх, доруобуйа ааҕааччылары барыларын долгутар ыйытыктарга хоруйу дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр көрбүөччү, айылҕаттан ураты айдарыылаах Наталья Иванова суруналыыс Сардаана Баснаеваҕа кэпсээбитин “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр ааҕыҥ.
“Араас интэриэһинэй, сонун саҕалааһыннар бааллар. Холобур, Уус Алданнар сыллата туттарыллар анал бириэмийэлэри аныыллар, Горнайдар улуустарын баһылыгын Граннарын үлэлэтэллэр, Сунтаардар «Сунтаар улууһун олоҥхоһута» анал аат иҥэрэллэр, улуустааҕы ыһыахха Олоҥхо ураһатын үлэлэтэллэр. Чурапчылар ыалларынан олоҥхолооһуну тэрийэллэр. Үөһээ Бүлүү, Таатта, Нам улуустара нэһилиэнньэни өй-санаа өттүнэн түмэр, иитэр-үөрэтэр тус сыаллаах кэнсиэпсийэлэри, бырагыраамалары оҥордулар”, – бу улуустарга тэриллибит Олоҥхо ассоциацияларын үлэлэрин туһунан суруналыыс Татьяна Маркова ырытыытын ааҕан баран, үгүс уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэлэригэр туһаналлара чахчы.
“Кэпсээннэрим, үлэм кэмигэр бэйэлэрэ ситимнэнэн киирэн кэлэллэр. Умнан кэбиһиэм диэн бэлиэтэнэн иһэбин. Дьолго, билигин төлөпүөн баар буолан, онно тиһэбин уонна иллэҥсийдэхпинэ, үлэ чааһын кэнниттэн чочуйабын”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр, бассаапка “Ородьумаан” диэн үгүстүк группаларынан “күүлэйдиир”, суруйуулара киһи интэриэһин тардар батсаап дьоруойун туһунан суруналыыс Людмила Попова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Кэлиҥҥи кэмҥэ киһи нумерологияны олус интэриэһиргиир буолла. Базцыттан бу көрүҥ туох атыннааҕый, киһи төрөөбүт сылынан, аатын сыыппаратынан дьылҕаны ааҕан таһаарыахха сөп дуо? Саҥа сылга нумерология көмөтүнэн олоххун тупсарыаххын баҕараҕын дуо? Оччотугар “Сыыппара да араастаах…” матырыйаалга нумеролог Марфа Дорофееваны кытта кэпсэтиини ааҕыҥ.
Дьэ, уонна, биллэн турар, Тускул билгэтэ! Кини быйылгы кыһыны туох диэн билгэлээтэ? Саҥа дьыл түүн таһырдьа дьаарбайарга бэлэмнэниҥ диэн этиитэ туолуо дуо? Бу туһунан бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы хаһыаппытыгар ааҕыҥ.
Ити курдук, “Саха сирэ” хаһыат өссө да үгүс киһи олох арахсыбакка олорон ааҕар матырыйааллара үгүс. Киоскаларга атыыга таҕыста. Ааҕарга тиэтэйиҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru