Саха шахтера — Курнев

25.08.2019
Бөлөххө киир:

1935 сыл атырдьах ыйын 30 түүнүгэр шахтер Алексей Стаханов, 102 туонна таас чоҕу хостоон, уһулуччу ситиһиини олохтоон, уос номоҕор киирбитэ. 1932 сыллаахха шахтердар биир симиэнэҕэ хостуур нуормалара 7 туонна этэ. Ону Донецкайдааҕы айылҕа баайдаах сир үлэһитэ баара-­суоҕа 5 чаас 45 мүнүүтэ иһигэр сүүс төгүл куоһаран, стахановскай хамсааһыны төрүттээбитэ.

«Саха сирэ» хаһыат

Ол кэмтэн ыла шахтер күнүн атырдьах ыйын бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтиир буолбуттара. Таһаарыылаахтык үлэлиир дьон хамнастара бастаан 100%, онтон 280%, 1937 сыллаахха 374% үрдээбитэ. Сэбиэскэй кэм саҕана стахановскай үлэ дьоруойдарын халыҥ харчынан эрэ буолбакка, уочарата суох босхо кыбартыыранан хааччыйаллара. Үлэни кыайар, дьоҥҥо холобур буолар бастыҥ үлэһиттэр бочуоттаах наҕараадаҕа тиксэн, дуоһунастара түргэнник үрдүүрэ, салайааччы үлэтигэр кинилэри үгүстүк талаллара. Идэлээх бырааһынньыгы таас чоҕу хостооччулар эрэ буолбакка, сир анныгар киирэн, айылҕа баайын туһаҕа таһаарар хайа бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ бэлиэтииллэр. Күн сырдыгын көрбөккө, шахтаҕа +40С тиийэ итии салгыннаах ыарахан усулуобуйаҕа үлэлиир дьон биэнсийэҕэ эрдэ 45 саастарыгар тахсаллар. Ол иһин манна дьахталлары үлэлэппэттэр. Аныгы үйэҕэ төһө даҕаны илии үлэтэ автоматикаҕа көспүтүн иһин, билигин даҕаны хайа боруодата эмискэ сууллан, саахал түмүгэр дэлби тэбии тахсыан сөп. Итинник сэрэхтээх уонна кутталлаах үлэҕэ сылдьан, кинилэр дойду экэниэмикэтин сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэр.

ҮТҮӨЛЭЭХ ГЕОЛОГ УОЛА

Саха дьоно бу идэҕэ кэлиҥҥи кэмҥэ күүскэ ылсан үлэлээн эрэр. Мин бүгүн «АЛРОСА» хампаанньа Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээтин кылаабынай инженерэ Николай Курневы кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Николай аҕата Василий
Тарасович Үтүөлээх геолог, «Якуталмаз» тэрилтэ Удачнайдааҕы салаатын хайаны дэлби тэптэрэр учаастагын слесарыттан саҕалаан, Анаабырдааҕы хайаны байытар кэмбинээт дириэктэригэр, «АЛРОСА­Ньурба» генеральнай дириэктэригэр тиийэ үүнэн-­сайдан тахсыбыта. Алмаас баайдаах 11 сири туһаҕа таһаарарга дьоһун кылаатын киллэрбитэ, ону таһынан гиирэ спордугар РСФСР спорка маастара, СӨ гиирэ спордугар федерация бэрэссэдээтэлэ, «АЛРОСА» бэтэрээннэрин сүбэтин салайааччыта. Кини быраата эмиэ хайа бырамыысыланнаһыгар «Интернациональнай» рудникка үлэлиир.
Николай геологтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт буолан, маркшейдер идэтин өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан талбыта. Аҕатын сүбэтинэн, Санкт ­Петербург куоракка Г.В. Плеханов аатынан хайа институтугар маркшейдерскай уонна экэнэмиичэскэй салааҕа үөрэнэн, икки үрдүк үөрэхтэммитэ. Маркшейдер диэн хайа инженерэ, сир анныгар тутууну хайдах ыытары былаанныыр, айылҕа баайын саппааһын, хайа боруодата хайдах хамсыырын чинчийэр. Шахта тутуутугар кыраны да сыыстаҕына, кини алҕаһыттан сылтаан, саахал тахсыан, сүүһүнэн дьон суорума суолланыан сөп. Маркшейдер геодезическай чинчийиитин чертеһа төһө чуолкайыттан проходчиктар, шахтердар үлэлэрэ улахан тутулуктаах. Николай үөрэҕин бүтэрэн баран, 2009 сыллаахха «АЛРОСА» хампаанньа Ньурбатааҕы хайаны байытар кэмбинээтин учаастактааҕы маркшейдеринэн үлэҕэ киирбитэ. Үс сыл буолан баран, кыахтаах эдэр үлэһити «Интернациональнай», «Мир» рудникка көһөрбүттэрэ, онтон 2018 сылтан Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээт кылаабынай инженеригэр тиийэ үрдээн таҕыста.

930 МИЭТЭРЭ – СИР АННЫГАР

Онон алмаастаах хампаанньаҕа олохтоох дьону хара үлэҕэ эрэ үлэлэтэллэр диэн сыыһа өйдөбүл. Киэҥ билиилээх, үлэтин кыайар, бэйэтин үтүө өрүттэрин көрдөрөр, кэлэктиипкэ сөбүлэтэр киһини ханна баҕарар өрө таһаараллар. «Удачнай» карьерга алмааһы аһаҕас ньыманан хостоон бүтэн, билигин 730, 830, 930 миэтэрэ сир анныгар шахтаҕа киирэн, урууданы хаһаллар. Килэмиэтир кэриҥэ сир анныгар вагон курдук анал тырааныспарга киирэн айанныыллар, сибиэһэй салгыны икки өттүттэн туруору улахан вентиляционнай тэриллэр хачайдыыллар. – «Интернациональнай» рудникка быраактыкабын бара сылдьан, шахтаҕа аан бастаан 2008 сыллаахха киирбитим. Аллараа түһэн истэҕиҥ аайы дабылыанньа уларыйан, кулгааҕыҥ куугунуур, сабыллан хаалбыт курдук буолар. Рудникка анал таҥастаах, бэйэни көмүскэнэр уонна үлэлиир тэриллээх, төбөҕө кэтэр сырдатар уоттаах, аккумулятордаах киллэрэллэр. Куруук үлэлиир дьон шахта усулуобуйатыгар үөрэнэн хаалаллар. Хампаанньаҕа үлэҕэ куттала суох буолууну хааччыйарга бырамыысыланнаска саахал тахсыбатын, дьон эчэйбэтин туһугар тустаах үлэ ыытыллар. Хас биирдии салайааччы үлэһиттэрин туһугар эппиэттиир, кэлэктиипкэ аһаҕас, чиэһинэй буоларга үөрэтэллэр. Бииргэ үлэлиир дьонум олохторо миигиттэн эмиэ тутулуктаах, онон бэйэ-бэйэни өйдөһөргө-өйөһөргө улахан болҕомто ууруллар. Сир аннынааҕы рудник салгына, тахсар гааһа киһиэхэ хайдах дьайарын, биллэн турар, чинчийэн көрөллөр, үөрэтэллэр. Тургутан көрүүлэр түмүктэринэн буортулаах эттиктэр көҥүллэммит көрдөрүүнү куоһарбат буоланнар, киһи доруобуйатыгар охсуута суохтар. Ол төһө олохтооҕун хонтуруоллуур уорганнар «Ростехнадзор» уонна «Роспотребнадзор» тиһигин быспакка кэлэн бэрэбиэркэлииллэр. Маны таһынан, ирдэбил быһыытынан, шахта иһин куруук салгылаталлар, сибиэһэй салгынынан үрдэрэллэр, — диэн кэпсиир Николай Васильевич.

ҮЛЭ ЫСТААҺЫГАР БИИР СЫЛ ИККИ КУРДУК

Үлэ усулуобуйатыттан тутулуга суох «АЛРОСА» хампаанньа үлэһиттэрин доруобуйаларын быраастар сыл ахсын кэтээн көрөллөр. Медицинскэй чинчийии кэнниттэн сорох шахтердары сыыйан кэбиһэллэр, онон атын салааҕа көһөргө күһэллэллэр. Үлэһиттэр доруобуйаларын бөҕөргөтө, эмтэнэ таарыйа уоппускаларын кэмигэр соҕуруу, Краснодарскай кыраай санаторийдарыгар, профилакторийдарыгар сынньаналлар. Шахтер үлэтэ ыараханын уонна сэрэхтээҕин иһин сир анныгар үлэлиир дьон үлэлэрин ыстааһыгар биир сыл икки курдук ааҕыллар, онон биэнсийэҕэ эрдэ тахсаллар. Шахтаҕа үлэ бириэмэтин 50% кыраны сылдьар дьон, холобур, инженердэр, оробуочайдар итинник чэпчэтиинэн туһамматтар. Хамнас туһунан ыйыталастахха, бүгүҥҥү сэһэргэһээччим эппиэтин халытан кэбиһэр эрээри, аан дойду ситимигэр киирэн көрдөххө, шахтер хамнаһа кыччаабыта 80 — ­120 000 солкуобай. Ону таһынан, хампаанньа социальнай бырагырааматын быһыытынан, айан төлөбүрүн таһынан, кэккэ чэпчэтиилэр бааллар. Холобур, «АЛРОСА» идэлээх сойууһун чилиэннэригэр путевка төлөбүрүн уйуналлар, дьиэ атыылаһарга көмөлөһөллөр, маҕаһыыннарга чэпчэтии оҥороллор, үлэһиттэр дьиэ кэргэнинэн оҕолорун кытта эт­-хаан өттүнэн чэбдигирэллэр, спордунан дьарыктаналлар, ол ороскуотун тэрилтэ төлүүр.

НИКОЛАЙ УОННА ЙОКО

Курневтар улахан дьиэ кэргэннээхтэр. Николай Васильевич кэргэнэ Йоко Георгиевна үс оҕотун көрөн олорор, улаханнара Шура 7 саастаах, Вова 5 ­тээх, Боря 3-­тээх. Кыралар «Алмазик» оҕо саадыгар сылдьаллар, араас куруһуоктарга дьарыктаналлар. Алмаастаах түөлбэҕэ хайыһартан, хаҥкыттан саҕалаан, оҕолор саахымакка, буоксаҕа, спортивнай үҥкүүгэ, о.д.а. көрүҥнэргэ эрчиллэллэр, Олимпийскай чөмпүйүөннэр кэлэн, маастар-­кылаас биэрэн бараллар. Дьикти ааттаах Йоко Намтан төрүттээх.

Саха кыыһын дьоно Джон Леннон кэргэнин аатынан 1987 сыллаахха ааттаабыттар. Николай уонна Йоко Курневтар иһиттэххэ эрэ омук курдук ааттаахтар. Дьиҥ саха ыалыгар иккис көлүөнэ геологтар, шахтердар үүнэн­сайдан иһэллэриттэн, саҥа үктэллэри дабайалларыттан киһи эрэ астынар уонна үөрэр. Дойду экэниэмикэтин сайыннарар, хааһынаны хаҥатар шахтердары бука барыларын идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибит!

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0