Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах декада чэрчитинэн, П.А. Ойуунускай аатынан литература судаарыстыбаннай түмэлигэр Таатта улууһун Дэбдиргэ нэһилиэгин Э.К.Пекарскай аатынан оскуолатын “Хомус алыба” ансаамбыла ыалдьыттаата.
Тэрээһин кэмигэр РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Егорович Артемьевы кытта көрсүһүү буолла. Дмитрий Артемьев Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн “Бэрт Хара” олоҥхоттон быһа тардан толордо уонна оһуохай туһунан кэпсээтэ, үҥкүүлэттэ, ыйытыыларга хоруйдаата.
Салгыы “Хомус алыба” ансаамбыл толоруутугар хомус дьикти алыптаах дьүрүскэнин иһиттибит. Биллэр коллекционер, буулдьанан ытыыга СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Сергей Давыдович Чугунов ыраахтааҕы саҕанааҕы тэтэрээт, бөрүө, уруучука, чэрэниилэ иһитин көрдөрдө. Оҕолор саха суругар-бичигэр аналлаах быыстапкалары кэрэхсии көрдүлэр, экскурсиялаатылар. «Завод» үҥкүү устуудьуйата аныгы үҥкүү араас көрүҥнэригэр үөрэттэ.
— П.А. Ойуунускай аатын сүгэр түмэлгэ кэлэрбиттэн долгуйбутум. Оҕолор кини төрөөбүт дойдутуттан кэллэхтэрэ дии – кэрэ, мааны айылҕалаах Тааттаттан. Кинилэргэ С.А. Зверев оһуор үҥкүүтүн көрдөрдүм. Тааттаттан кэлбит ыалдьыттарга Лука Турнин дьиҥнээх хаан аймаҕа кыыс баарын билэн олус үөрдүм. Өссө биир кыыс хомуска оонньуу сылдьан үҥкүүлүүрүн көрөн, үҥкүүһүт быһыытынан олус сэргээтим. Мин саҥарбат жанр артыыһа буолабын гынан баран, аны, олоҥхо үөрэтэн бардым. Онон билигин саха үҥкүүтэ интэриэһинэй, тылбыт олус баай диэн этэбин.
Дьиктитэ, атын омук үҥкүүлэриттэн саҕалаан баран, бүтэһигэр син биир бэйэҥ норуотуҥ ураты үҥкүүтүгэр эргиллэн кэлэр эбиккин. Онтон ордук үчүгэй суох! Үҥкүүбүн кытта норуот тылынан уус-уран баайын илдьэ сылдьарбыттан наһаа үөрэбин, дьоллонобун. Холобур, бу кэлиҥҥи сылларга саха саллааттара сулууспалыыр чаастарын кэрийэ сылдьан ыһыах тэрийэбин, алгыыбын, оһуохайдатабын. Онно саха оҕолоро төрөөбүт тылларын, дойдуларын, дьиэлэрин наһаа ахтыбыт буолаллар. Биирдэ «Млечник» диэҥҥэ оһуохайдыы сырыттахпытына, үрдүбүтүнэн туруйалар көтөн ааспыттара. Дьиҥэр, атын да күҥҥэ кэлэн ааһыахтарын сөп этэ буоллаҕа. Ону саныыбын ээ, арааһа, оһуохайбыт туруйа үҥкүүтүгэр, хаһыытыгар да майгынныыра эбитэ буолуо диэн. Үҥкүүбүт мээнэҕэ буолбатах эбит дии санаабытым. Онон дириҥ төрүттээх хамсаныыларбытын, үҥкүүбүтүн, сүтэрбэккэ, уларыппакка илдьэ сылдьыахпытын наада.
Манна даҕатан эттэхпинэ, олоҥхону толоруу уустук. Үҥкүү тэтимигэр сылдьар киһи наар хамсаныахпын баҕарабын. Ол иһин, сарсыарда 4-5 чааска туран үөрэтэбин, үлэбэр баран-кэлэн иһэн хатылыыбын. Өссө манна биири бэлиэтиибин, бэйэтэ ураты тэтимнээх эбит (ритм).
Түмүктээн эттэхпинэ, төрөөбүт тыл баар буоллаҕына, норуот баар. Онон өлөн-охтон биэрбэппит, оннооҕор ыарахан кэмнэри ааспыт кырдьаҕас омук буолабыт. Киһи санаатынан сылдьар, онон иннибит диэки дьүккүйэн, сайдан иһиэхтээхпит.
Биһиги төрүт үҥкүүбүт — сиэр-туом үҥкүүтэ. Түүрдэр үҥкүүлэрин хамсаныыларыгар, оһуордарыгар майгыннаһар өрүттэр бааллар. Ол эрээри, кинилэргэ атын таһынааҕы омуктар сабыдыаллара сүрдээх күүстээх. Биһиги ыраах кэлэн хааламмыт, атын сабыдыалга улаханнык киирбэтэхпит. Дьиҥнээҕи хаалларбыппыт.
Ускуустуба билимин дуоктара Ангелина Григорьевна Лукина тыйаатыр кэнсиэпсийэтин тобулан үлэлииригэр олус элбэҕи оҥорбута. Хас биирдии хамсаныыбыт наукаҕа, устуоруйаҕа олоҕурар, үйэлээх үгэһи тутуһар. Я.Линденау курдук чинчийээччилэр элбэҕи суруйан хаалларбыттара да баар. СӨ Бырабыыталыстыбата саха үҥкүүтүн тыйаатыра үйэлээх бырайыактары оҥороругар үп-харчы өттүнэн өйүөн наада.
Варвара Ефимова, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын “Хомус алыба” ансаамбыл салайааччыта, саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:
—П.А.Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах үрдүк таһымнаах олус интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ сылдьан оҕолор улаханнык астынан дойдубутугар кэллибит. «Завод» үҥкүү устуудьуйатын оҕолоро кэлэн маастар-кылаас биэрдилэр. СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев олоҥхотун, оһуокайын олус интэриэһиргээтилэр. Түмэл бары үлэһиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Ангелина КУЗЬМИНА, түмэлгэ билим ыстаарсай сотруднига
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1