САХА СААРЫНА — НАРКОМ ВИНОКУРОВ

27.04.2019
Бөлөххө киир:

Бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай диэйэтэл  Иван Николаевич Винокуров өрөспүүбүлүкэ сала­йааччыларын, Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову кытары биир кэккэҕэ туран, Сахатын сирин сайыннарыыга үгүс сыратын уурбут ытык киһи.


Кини 1935 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр  олохтон туо­раабыт. Ол кэнниттэн үс сыл буолан баран, 1938 сыллаахха, но­­руот өстөөҕүнэн ааттаан эрэпириэссийэлииллэр. Онтон 65 сыл буолан баран, 2003 сыллаахха, өркөн өйдөөх ытык киһи үтүө аата  төннөрүллүбүт.  

Чурапчы чулуута

Нарком Иван Винокуров үтүө аатын тилиннэриигэ чурапчылар ылсан үлэлэһэллэр. Кинигэни саҥалыы таһаараары бэлэмнии сылдьалларынан уонна эдэр дьоҥҥо туһаайан, бу чулуу киһи туһунан өссө төгүл сырдатарга быһаарынныбыт.

Иван Николаевич 1893 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр Боотуруускай улууһугар, билиҥҥинэн Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр, таҥара дьиэтин үлэһитэ Николай Николаевич Винокуров дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Эрдэ ту­­лаайах хаалан, таҥара дьиэтигэр саалтыыр ааҕар таайыгар, Семен Николаевич Попов дьиэ кэргэнигэр иитиллибит. Дьокуускай ду­­хуобунай семинариятыгар, Казань университетыгар үөрэммит.

Номоххо киирбит Василий Чапаев аармыйатыгар сулууспа­лаабыт. “Биир докумуоҥҥа бэйэтэ суруйбутунан, 1919 сыллаахха атырдьах ыйыгар 5-с армия штабыгар маҥнай көмөлөһөөччүнэн, онтон коннай саппаас штабын начаалынньыгынан көһөрүллүбүт. История көрдөрөрүнэн, оччолорго бу 5-с аармыйа хамандыыра, кэлин Сэбиэскэй Сойуус маршала буолбут Михаил Тухачевскай эбит” — диэн бастакы кинигэни бэлэмнээһиҥҥэ үгүс сыратын уурбут Михаил Друзьянов бэ­­лиэтээбит.

Саха саарынын үлэтин сүрүн хайысхаларыттан 

1919-1923 сылларга Оренбург уобалаһын Бузулук куоратыгар учууталынан, Бузулук уеһын үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччытынан үлэлиир. Саха сирин салалтатын ыҥырыытынан, төрөөбүт дойдутугар төннөр уонна САССР үөрэхтээһин, до­­руобуйа харыстабылын комиссарынан ананар. С.М.Аржаковтуун “Кыым” хаһыат төрүттэниитин тэрийэллэр. И.Н.Бараховы, сэкирэтээр М.И.Попову кытта “Кыым” эрэдээксийэлиир хамыы­һыйатыгар талыллаллар.

Улахан болҕомтотун дьону-сэргэни үөрэхтээһиҥҥэ уурар. Суруйарга-ааҕарга үөрэтэр ликбезтэри тэрийэллэр. 1924 cыллаахха Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх Кэмитиэт (ЯЦИК) III сиэссийэтигэр 100 тыһыынча киһи үөрэхтэнэригэр сорук туруорар. Судаарыстыбаннай тэрил­тэлэргэ төрөөбүт тылынан суру­йуу, саҥарыы, дьыаланы-­куолуну толоруу, култуура бэлиитикэтэ киэҥник ыытыллар. Ити кэмҥэ аан бастаан учууталлар, дьахталлар 1 сийиэстэрэ тэриллэллэр, Арассыыйа Кыһыл Кириэс уопсастыбатыгар көмөлөһөр кэмитиэт олохтонор. Норуодунай тыйаатыр иһинэн аан бас­­таан саха национальнай труппата баар буолар. М.К. Аммосовтыын  Саха Сирэ тэтимнээхтик сайдарын туһугар ССРС Наукаларын Академиятыгар Дьокуускай куоракка научнай бибилэтиэкэ аһыллыытын туруорсан, онтон өйөбүл ылан, соҕуруу куораттартан 50 тыһыынча кинигэ аҕалыллар. 1925 cыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр САССР Совнаркомун Уурааҕынан Дьокуускайга на­циональнай бибилэтиэкэ тэриллэр.   Саҥа саҕалааһыннар олоххо тэтимнээхтик, ситиһиилээхтик киирэллэр.

Сатабыллаах салайааччыны Саха АССР Норуодунай комиссардарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талаллар. Саха АССР эр­­гиэҥҥэ уонна бырамыысылан­наска наркомунан аныыллар. Киэҥ сиргэ үлэлээбит үөрү­йэхтээх салайааччы Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы Ситэриилээх кэмитиэт Прези­диумугар Саха АССР бэрэстэ­биитэлинэн икки төгүллээн, 1925-1928 сылларга уонна 1933-1935 сылларга ананан үлэлиир.

Иван Винокуров үөрэх үлэһиттэрин Бүтүн  Арассыы­йатааҕы II, III, IV,  Самара күбүөрүнэтиттэн  РКП(б) XIII, САССР-тан ВКП(б) XIV, XV  си­­йиэстэрин дэлэгээтэ. 1923-1935 сылларга ЯЦИК чилиэнэ. 1927 сыллаахха Сэбиэттэр Бүтүн Сойуустааҕы IV сийиэстэригэр ССРС Киин Ситэриилээх кэмитиэтин  чилиэнинэн талыллар.

Дьиэ кэргэнэ, сыдьаана

Иван Винокуров Оренбурга үлэлии сылдьан, 1920 сыллаахха Елизавета Агрономова диэн учуутал кыыһы кэргэн ылар. Елизавета Петровна Дьокуускайга 1923-1932 сылларга оскуолаҕа, 1932-1933 сылларга педтехникумҥа үлэлээбит. Кэргэнэ Саха АССР бэрэстэбии­тэлинэн анаммытыгар, Москваҕа көһөн учууталынан, үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Үлэ Кыһыл  Знамята уонна  Бочуот Знага уордьаннардаах. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Москваны көмүскээһин  кыттыылааҕа. Кыыстара Татьяна Ивановна учууталлаабыт, уоллара Виктор Иванович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аан дойдутааҕы Географическай уопсастыбаҕа үлэлээбит. Билигин сиэннэр, хос сиэннэр эһээлэрин, хос эһээлэрин  кэриэстииллэр, аатын ааттаталлар.

Үтүө киһи аатын үйэтитии

2017 сыллаахха “Винокуров Иван Николаевич. 1893-1935” диэн кинигэ-альбом тахсар. Кинигэни  СӨ НА кылаабынай археограба А.А.Калашников, и.н.к. Е.П.Антонов, СӨ НА кы­­лаабынай архивиһа П.И. Корякин, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы О.Ф.Петрова, И.Н.Винокуров сиэнэ Н.В. Иванова, кыраайы үөрэтээччи М.Е.Друзьянов хомуйан оҥорбуттара. Кинигэ тахсыбыт ах­саана аҕыйаҕынан уонна саҥа доку­муоннар көстөллөрүнэн, чурапчыларга бу кинигэни саҥардан таһаарыы соруга турар.

Мин онно үлэлэһэр Л.М.Григо­рьеваны кытары кэпсэттим.  Любовь Михай­ловна Чурапчы улууһугар киин балыыһа клинико-диагностическай лабораториятын сэбиэдиссэйэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна. “Доктор Прокопий Нестерович Сокольников”, “Мөккүөрдээх кэм туоһулара” кинигэлэри хомуйан таһаарбыт.

—  Кинигэни саҥардан та­­һаарыыга эмиэ болҕомтону тардар матырыйааллары хото киллэрэргэ кыһаллабыт. Холобур, САССР үөрэхтээһиҥҥэ уонна доруобуйа харыстабылын наркомунан олорон, Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбиитэ­листибэҕэ үлэлиир кэмигэр оҥорбут дакылааттарыттан киллэриэхпит. Ону сэргэ, үөрэхтээһиҥҥэ “Долой неграмотность” уопсастыба үлэтин сал­ҕаабытын, политехническай техникум аһылларын туруорсубутун туһунан, о.д.а. элбэх доку­муон баар буолуоҕа. Доруобуйа ха­­рыстабылыгар  балыыһалары, санаторийдары аһарга, дьиэттэн хотону араарарга,  о.д.а. сыралара киллэриллиэхтэрэ. 

Биллэрин курдук, Иван Винокуров аатын үйэтитэр сыалтан, кини аатын национальнай бибилэтиэкэҕэ уонна кооперативнай техникумҥа иҥэрэр туһунан 1935 сыллаахха Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин (ЯЦИК) президиумун мунньаҕар дьаһал ылыллыбыт. Онтон 1938 сыллаахха эрэпириэссийэлээннэр, САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун мунньаҕын боротокуолугар Ойуунускай аатын национальнай тыйаатыртан, Мегежекскэй аатын культпросвет оскуолаттан, Винокуров аатын национальнай бибилэтиэкэттэн сотор туһунан суруллубут. Бу доку­муоннар куоппуйалара  киллэриллиэхтэрэ.

Итиэннэ салгыы Иван Винокуров аатын национальнай бибилэтиэкэҕэ хаттаан иҥэртэрэр үлэлэр ыытыллыахтара.

Үйэтитиигэ анаммыт үлэлэр

  • 2014 сыллаахха СӨ Ил Дархана Егор Борисов “Саха сирин уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ И.Н.Винокуров аатын үйэтитиигэ тэрийэр хамыыһыйаны олохтуур туһунан” дьаһала тахсыбыта.
  • СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна ССРС судаарыстыбаннай диэйэтэлин И.Н.Винокуров  аатын үйэтитиигэ анаан тэриллибит хамыыһыйа  уочараттаах мунньаҕа ыытыллар, былаан-бырайыак бигэргэтиллэр.

Онно И.Н.Винокуров аатын үйэтитэр кинигэлэри бэлэмнээн таһаарыы, ытык киһи аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтооһун, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэри тэрийии, Чурапчыга кини аатынан сквери тутуу, Арыылаахха таас оскуола бырайыагын бэлэмнээһин, о.д.а. пууннар киирбиттэрэ.

  • 2015 сыллаахха М.Е.Друзьянов Бузулук куоракка Иван Винокуров үлэтин үөрэтиини салгыыр.
  • 2015 c. Чурапчы сэлиэнньэтигэр «И.Н. Винокуров – биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл» диэн СӨ Наукаларын академиятын уонна СӨ Инновационнай бэлиитикэҕэ уонна наукаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин тэрээһиннэринэн “төгүрүк остуол” буолбута, резолюция ылыллыбыта.
  • 2016 сыллаахха алтынньыга Чурапчы дэлэгээссийэтэ И.Н.Винокуров үлэлээбит куоратыгар — Бузулукка тиийэн, гуманитарнай-технологическай институкка мемориальнай дуоска ыйыыр.
  • 2016 сыллаахха бэс ыйыгар Саха сирин Күннэрин чэрчитинэн Москваҕа «Коломенское» музей-заповедникка Чурапчы улууһа тэрийбит ыһыаҕар И.Н.Винокуров Москваҕа олорор биир дойдулаахтара, сыдьааннара кыттыбыттара.
  • 2017 сыллаахха “И.Н.Винокуров. 1893-1935” кинигэ-альбом тахсар.
  • Москваҕа СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр бөдөҥ судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй  диэйэтэл И.Н.Винокуров (1893-1935) олоҕун, үлэтин  туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ буолбута
  • СӨ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын тэрийиитинэн, Дьокуускайга И.Н.Винокуров төрөөбүт үбүлүөйдээх сылыгар улахан тэрээһин ыытыллар.
  • Нарком Винокуров төрөөбүт дойдутугар, Чурапчы Арыылааҕар, үбүлүөйдээх ыһыах ыһыллар. Онно И.Н.Винокуров хос сиэнэ, Москваттан Григорий Винокуров ыалдьыттыыр.
  • Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын былааныгар киллэриллибит Чурапчы— Арыылаах айан суола өрөмүөннэнэр.
  • 2018 сыллаахха Чурапчы сэлиэнньэтигэр Иван Винокуров бюһа туруоруллар, Судаарыстыбаннас скверэ аһыллар.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыскаҕа: хаҥастан бастакы олорор И.Н.Прядезников, М.В.Мегежекскэй, И.Н.Барахов, И.Н.Винокуров.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0