Аан дойду барыта билигин григорианскай кэрдииһинньигинэн күнүн-дьылын ааҕынан олорор. Онон тохсунньу ый 1 күнүн үөрэн-көтөн көрсөбүт. Манна даҕатан эттэххэ, холобур, биһиги курдук уһун кыһыннаах дойдуга, Саҥа дьыл бырааһынньыга суоҕа буоллар, дьылы туоруур сындааһыннаах буолуох этэ. Онно эбии ити кэмҥэ үлэһиттэргэ уһун өрөбүлү киллэрбиттэрэ олоҕу чэпчэттэ, СЭРГЭХСИТТЭ диэн сыаналыыбын.
Гаврил Угаров-Эһээ Дьыл, edersaas.ru сайтка анаан.
Наукаҕа олоҕурбут григорианскай кэрдииһинньик киирэ илигинэ, үгүс омук бэйэтэ туспа кэрдииһинньиктээх этэ. Олортон, ордук улуу омуктар, ол бэйэлэрин төрүт кэрдииһинньиктэринэн саҕаланар Саҥа сылларын умнан кэбиспэккэ, күн бүгүҥҥэ диэри далааһыннаахтык бэлиэтии олороллор.
Улуу кытай омуга, син сахалар курдук, Саҥа сыл айылҕа уһуктар ыйыттан саҕаланар диэн философиялаах эбит. Ол иһин Саҥа сылларын үүнэр күнэ, сааскы бастакы ый халлааҥҥа тахсыытыттан саҕаланар буолан, сыл аайы уларыйа сылдьар (тохсунньуга-олунньуга).
Кытайдар, улуу омук улуу омук курдук – Саҥа сылларын судаарыстыба таһымынан национальнай бырааһынньык оҥорон, 7 хонук сынньалаҥ күннээхтэр. Оттон норуот бу үөрүүлээх кэми ый аҥаарын устата салгыы бырааһынньыктыыр.
Биһигини кытары ыаллыы сытар буряттарбыт Сагаалган диэн буддийскай Саҥа сылы далааһыннаахтык бырааһынньыктыыллар – өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кыттыылаах араас улахан күрэстэри тэрийэн ыыталлар. Ол курдук, Улан-Удэҕэ быйыл аан дойдутааҕы 2-с саахымат бэстибээлэ, Россия рапидка кубогун иһин күрэхтэһии 2-с түһүмэҕэ, о.д.а. буоллулар. Биһиги эстрадабыт ырыаһыттара “Үрүҥ ый” диэн куруук ыытыллар ырыа күрэҕэр баран миэстэлэһэн кэлэллэрин туһунан истэбит. Сагаалган туһунан информация интэриниэккэ тобус-толору, онон ити бырааһынньыгы аан дойду үрдүнэн элбэх киһи билэр буолуохтаах.
Сагаалган судаарыстыба таһымыгар Култуура министиэристибэтин салалтатынан ыытыллар уонна Бурят балетын уонна оператын тыйаатырыгар өрөспүүбүлүкэ баһылыга, бырабыыталыстыба чилэннэрэ кыттыылаах үөрүүлээх мунньахтан саҕаланар. Арассыыйа бары улахан куораттарыгар – Москваҕа, Санкт-Петербурга, Дьокуускайга, о.д.а. буряттар диаспоралара Сагаалганы эмиэ киэҥник бэлиэтиир. Быйыл Дьокуускайга буолбут Сагаалгаҥҥа СӨ Норуоттар дьыалаларыгар департаменын салайааччы, элбэх ахсааннаах олохтоох тэрилтэ, дьон кытынна.
Биһиги сахалар эмиэ Саҥа сыллаахпыт. Онтубут ыам ыйыгар, ийэ айылҕабыт уһуктар кэмигэр кэлэр. Бу күнү – ыам ыйын 22-тин дьон, сүнньүнэн, Ньукуола таҥара күнэ диэн бэлиэтиир. Ити саха таҥараһымсаҕыттан буолбатах – Дьылы туораабыт, күөххэ үктэммит үөрүүтүн – ол аата, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, өйдөөбөтөр даҕаны, бэйэтин Саҥа сылын бэлиэтиир. Дьокуускайга аҕыйах энтузиаст дьон көҕүлээһининэн, Саха Саҥа сылын көрсүү бастакы бырааһынньыга 2002 сыллаахха буолбута, онтон хас сыл аайы салгыы тэрийэн, былырыын 14-с төгүлүн ыыттыбыт. Дьон сэҥээрэр, көхтөөхтүк кыттар буолан иһэрэ киһини үөрдэр.
Быйыл 15-с төгүлүн Саҥа сылы көрсөр Сааскы Ыһыаҕы ыһардыы бэлэмнэнэбит. Биһигини Автодорожнай уокурук (начаалынньык В.В. Созонов) куруук өйүүр. ООО “СаХабар” (салайааччы В.Д. Балбахов) көмөлөһөр. Быйыл “Өктөм паарка” (салайааччы А.А. Прокопьев), Октябрьскай уокурук (начаалынньык А.А. Ильин, солбуйааччыта А.А. Матвеев) кыттыһаллар. “Саха сирэ”, “Кыым”, “Якутск вечерний” хаһыаттар, “Саха” НКИХ, Саха араадьыйата бу тэрээһин туһунан куруук сырдаталлар. Онон, түгэнинэн туһанан, кинилэргэ барыларыгар барҕа махталбын тиэрдэбин!.
Урут өбүгэлэрбит Саха Саҥа сылыгар Дьылы тахсыыны, сайын кэлэн күөххэ үктэниини бэлиэтиир буоллахтарына, билигин олох сайдан, бу бырааһынньык киэҥ ис хоһооннонно уонна сахалар эрэ буолбакка, бу кыраайга олорор дьон бука барыларын үөрэр-көтөр, бэһиэлэйдиир бэлиэ күннэрэ буолла. Ол курдук, Саха Саҥа сылыгар уруккуга эбии Үөрэх дьыла түмүктэниитин, Оттук дьыла бүтүүтун, Тыйаатыр дьыла сабыллыытын, Дьыл мууһуттан босхолонууну, Дьыл бөҕүттэн ыраастаныыны бэлиэтиибит. Онон бу дьиҥнээх норуот улуу бырааһынньыга буолар, ол иһин Ыһыаҕы сэргэ Саха Саҥа сылын анал өрөбүл күннээбэккэ эрэ иккис национальнай бырааһынньыгынан биллэриэххэ баар этэ.
Быйылгы бырааһынньыкка Саҥа сылга киирии, күн оройугар Күҥҥэ сүгүрүйүү уонна Күнтэн күүс-уох иҥэринии, сардаҥанан ыраастаныы, санныга өссө биир хаары уулларан сааска өссө биир сааһы эбинии курдук олус кэрэхсэбиллээх сиэр-туом ыытыллыаҕа. Манна биир дьоһун түгэни бэлиэтиэхпин баҕарабын – үс сыл устата Күҥҥэ сүгүрүйэр кэммитигэр былыттаах халлаан аһыллан, Күн чэмэличчи көрөн турда, ону сылдьыбыт дьон бары дьиктиргии көрбүттэрэ.
Дьон барыта сырыттын диэн уонна Ньукуола таҥараҕа мэһэйдэтимээри, ыам ыйын 22 –гэр буолбакка, ый бүтэһик Быыһык күнүгэр (субуотатыгар) бу улахан бырааһынньыгы, Саҥа сылы көрсүүнү ыытабыт. Ол курдук, быйылгы 15-с төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх Саҥа Сылы көрсөр Сааскы Ыһыаҕы ыам ыйын 27 күнүгэр ыытабыт.
Саха Саҥа сылын көрсүү ыһыаҕын Эһээ Дьыл уһаайбата буолуохтаах Владимировка дэриэбинэтиттэн 2 км тэйиччи сытар сиргэ, Мыраан анныгар ыытабыт. Оптуобустар 10 чаастан Опера уонна балет тыйаатырын инниттэн сылдьыахтара.
Сааскы Саҥа сылы көрсөр ыһыахха атыылаах-тутуулаах, көрдөрөр айымньылаах, ырыалаах-тойуктаах, бириистээх кэлэргитигэр ыҥырабыт.
Үүнэр Саха 2017 сылыгар бука бары дьоллоох-соргулаах буолуҥ!
Үтүө Алгыһы кытта Эһээ Дьыл.