Алтынньы 21 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар 10 боппуруос көрүлүннэ. Ол курдук кэлэр 2020-2022 сылларга судаарыстыбаннай буддьүөт барыла, бастыҥ наука оскуолаларын харыстааһын, сайыннарыы туһунан концепцияны бигэргэтии, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт уонна тулаайах оҕолорго судаарыстыбаннай буддьүөттэн эбии көмө, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбата уонна энергетика салаата 2013 сыллааахха ылыммыт балаһыанньатыгар уларытыы киллэрии туһунан тиэмэ таарылынна.
Элбэх ыйытыы, эбии киллэрии, үп миниистирэ В.А. Жондоров кэлэр 2020-2022 сылларга судаарыстыба буддьүөтүн барылын туһунан иһитиннэриитигэр таҕыста. Бу барыл ылылынна эрээри, өссө анал хамыыһыйа эбии үлэлиэҕэ диэн быһаарылынна. Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы,суол-иис оҥоһуута, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, араас социальнай субсидиялар, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын, Арктика улуустарыгар эбии үп көрүллүүтүн, “АЛРОСА” дибидиэннэрин туһунан боппуруостар өссө чочуйуллуохтара.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бэлиэтээбитин курдук, сытыытык турар боппуруоһунан, үөрэх миниистирин солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэриитинэн “Бастыҥ наука оскуолаларын 2032 сылга диэри харыстааһын уонна сайыннарыы” концепцияны бигэргэтии буолла. Наука оскуолатын сайыннарар, кэмигэр көмүскэнэр аспыраан ахсаанын элбэтэр туһуттан диссертационнай сэбиэттэр эбии арыллыахтарын наадата бэлиэтэннэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 5 диссертационнай сэбиэт үлэлиир. Холобур, 2018 сылга 26 наука хандьыдаата, 4 наука дуоктара көмүскэммит. Маннык оскуолаларгар, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл быһыытынан концепция ылылыныннаҕына, бу сыыппара үрдүүрэ күүтүллэр.
Ньургуйаана Иванова.