САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН БЫЛААҔАР БААР ӨҤНӨР СУОЛТАЛАРЫН ТАҤАРИАНСТВО ИТЭҔЭЛЭ ХАЙДАХ БЫҺААРАРЫЙ?
Муус-устар 27 күнүгэр Саха сирин олохтоохторо Саха Өрөспүүбүлүкэтэ үөскээбит күнүн, ханна да хаамсыбатыбыт, мустубатыбыт да буоллар, үөрэн-көтөн туран бэлиэтээтибит. Бу күн дьикти күн. Ол курдук 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Социалистическай Республиката олохтоммута. Онтон 70 сыл буолан баран 1992 сыллаахха оруобуна бу күн Саха Республикатын Саҥа Конституцията ылыныллыбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Өрөспүүбүлүкэ буоларын быһыытынан бэйэтэ туспа былаахтаах, дьаралыктаах (гербэлээх) уонна өрөгөй ырыалаах (гимнээх).
Билэрбит курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа 4 өҥнөөх, олор: от күөҕэ – быйаҥнаах өҥ сири, халлаан күөҕэ – ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл – сылааһы, үөрүүнү, олоҕу, оттон халлаан күөҕэр ойууламмыт Күн – өбүгэлэри кытары ситими көрдөрөллөр диэн Википедияҕа быһааран суруйаллар.
Таҥарианство Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын өҥнөрө итэҕэл быһыытынан тугу көрдөрөллөрүн хайдах быһаарарый? Ол туһунан кылгастык билиһиннэрэбит.
Таҥарианство итэҕэлин быһыытынан Өрөспүүбүлүкэ былааҕын 4 өҥө киһи 4 Кутун көрдөрөр.
Аан бастаан биһиги былаахпытыгар Российскай Федерация былааҕын үс өҥө киирбитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ РФ састаабыгар баарын уонна биһиги омукпут, улуу Өксөкүлээх эппитин курдук, нуучча норуотун, нуучча судаарыстыбатын кытары бииргэ буоллаҕына уһун тыыннанар, сайдар кэскиллээҕин туоһулуур.
Былаах аллараа өттө от күөҕэ өҥнөөх балаһалаах. От күөҕэ өҥ итэҕэл өттүнэн көрдөххө бу Буор куту көрдөрөр. Буор кут сиртэн ситимнээх, ол аата Саха дьоно, Саха киһитэ Сир ийэни кытары ситимин бары көрүҥүн хаһан да сүтэриэ, кэбирэтиэ суохтаах. Ийэ айылҕабытын харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпытын, оччоҕо эрэ буор куппут чэгиэн, төрүөхпүт төрөлкөй буолуоҕа диэн сэрэтэр, өйдөтөр.
Ити балаһаҕа үөһэ өттүнэн сыста сытар кыһыл өҥнөөх балаһа барар. Манна кыһыл өҥ – Ийэ кут бэлиэтэ. Ийэ кут Ийэ сирин, төрөөбүт дойдутун, Буор куту кытары ыга сибээстээх. Кыһыл өҥ Ийэ Кут олоҕу иитиэхтиир күүһүн, төрөөн-ууһаан саханы элбэтээччи, ийэ тылбытын тыыннаах хаалларааччы, саханы саха гынааччы, омукпут инники кэскилин түстээччи быһыытынан, Ийэ Куту иитиэхтээччи дьахтар аймахха ураты болҕомтону уурар, харах далыттан араарбат буолууну, харыстабылы ирдиир бэлиэ.
Үһүс балаһа үрүҥ өҥнөөх. Үрүҥ өҥ манна – Аҕа кут бэлиэтэ. Аҕа кут Ийэ куту кытары бииргэ ыкса сытара өйдөнөр. Кини күүһүн-күдэҕин Ийэ сириттэн Буор кут нөҥүө Ийэ куттан ылар. Ол иһин Ийэ куттан тутулуга улахан. Үрүҥ өҥ күүс-уох, көмүскэс санаа, куһаҕаны, кирдээҕи тулуйбат ыраас буолуу, кэрэҕэ-үрдүккэ тардыһыы бэлиэтэ. Ол да иһин олоҥхобут биир бастыҥ бухатыырын аата Үрүҥ Уолан диэн. Омук омугу эр киһитинэн сыаналыыр. Онон эр киһи эҥкилэ суох, бары өттүнэн ыраас, сырдык буоларыгар кыһаллыахтаахпыт.
Бүтэһик саамай кэтит балаһабыт өҥө халлаан күөҕэ. Бу – Салгын кут бэлиэтэ. Манна Аҕа кут Салгын куту кытары быстыспат ситимнээҕэ, Аҕа куттан ордук тутулуктааҕа, эр киһи толкуйдуур, саҥаны айар дьоҕура күүскэ сайдыбыта ырылыччы көстөр. Салгын кут балаһата олус кэтит буолбута саха омуга өйүн күүһүнэн, айар-тутар дьоҕурунан таһыччытын, култуураҕа, ускуустубаҕа, итэҕэлгэ, саҥа технологияларга о.д.а. сайдыылаах эйгэлэргэ ситиһиилэринэн, атын омуктарга суолу тэлиэҕин, суолдьут сулус буолан сыдьаайыаҕын бу халлаан күөҕэ өҥнөөх Салгын кут бэлиэтин ортотугар Күн уруһууйдаммыта туоһулуур.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа биллиилээх худуоһунньуктар Л. Д. Слепцова, М. Г. Старостин уонна А. П. Захарова кыттыгас айымньылара. Бу талааннааах дьон былааҕы ыллылар да бэйэлэрэ уруһуйдаабатахтара, айар үлэлэригэр үөһэттэн Айыы Таҥараттан кэлэр бэлиэлэри эркээйи оҥостуммуттара саарбаҕаламмат.
Онон Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин былааҕыгар сахалар түөрт куппутун хайдах гыннахпытына, хайдах дьаһаннахпытына инникитин туруктаах, сайдыылаах буолуохпутун, туохтан сэрэниэхпитин, туохтан дьаахханыахпытын барытын тыктаран көрдөрөр эбит диэн түмүктүүбүт.
Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл,
биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.
Хаартыска: sakhalit.com ылылынна