Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Билии күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Балаҕан ыйын 1 күнэ биһиэхэ хас биирдиибитигэр умнуллубат үтүө өйдөбүллээх бэлиэ күн буолар. Киһи үйэтин тухары үөрэнэр. Ол иһин бу бырааһынньык бары көлүөнэ дьон өйүн-санаатын ситимниир аналлаах.
Саха сиригэр саҥа үөрэх дьылыгар 146 тыһыынча оҕо оскуола боруогун атыллыаҕа. Кинилэр олохторугар саҥа саҕахтары арыйар дьоһун кэм саҕаланар. Чуораан чугдаарар тыаһынан оскуола аанын аан бастаан аһар, маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго ураты долгутуулах түгэн. Бу күн өрөспүүбүлүкэбит 15 тыһыынчаттан тахса кырачааннара билии киэҥ аартыгын арыйыахтара.
Үөрэх дьыла судаарыстыбаннай экзамеҥҥа бэлэмнэнээччилэргэ уонна оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммит идэҕэ уһуйуллааччыларга эмиэ долгутуулаах, ону ааһан быһаарыылаах буолуоҕа. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүк уонна орто анал үөрэҕин тэрилтэлэригэр 46 тыһыынчаттан тахса ыччат үөрэниэҕэ, олортон 12 тыһыынча кэриҥэ уолаттар уонна кыргыттар устудьуон билиэтин аан бастаан ылыахтара.
Үөрэх – дойду бигэ туругун акылаата. Ол иһин үөрэҕи сайыннарар сорук мэлдьи өрө тутуллар. Саха сиригэр хас биирдии оҕоҕо аныгы ситиһиилээх үөрэҕи, киэҥ билиини баһылыыр усулуобуйаны тэрийии – бу биһиги сүрүн сыалбыт. Ону ситиһэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр, оҕону иитэргэ анаан култуура уонна чэбдигирии биир кэлим эйгэтин тэрийэр ситимнээх үлэни ыытабыт. Биллэн турар, инфраструктураны тэрийэн, саҥа эбийиэктэри тутан сөптөөх усулуобуйаны хааччыйдахха эрэ үөрэх сайдар кыахтаах. Ол курдук үтүө үгэспитинэн саҥа үөрэх дьылыгар саҥа оскуолалары тутан үлэҕэ киллэрэбит. Бу күннэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга үс оскуола аанын тэлэччи арыйыаҕа – Амма улууһун Бөтүҥ уонна Сунтаар улууһун Арыылаах сэлиэнньэлэригэр, ону тэҥэ Дьокуускай куоракка 6 №-дээх оскуола. Бу оскуолалар кабинеттара аныгылыы сэбилэннилэр – оҕолор үөрэнэллэрин сэргэ успуордунан дьарыктаныахтара, айар-чинчийэр, онтон да атын ис кыахтарын арыйар эйгэҕэ уһуйуллуохтара.
Күндү доҕоттор!
Өссө биир саҥа үөрэх дьыла үүннэ. Саҥа арыйыылар, саҥа кыахтар умсугутуулаах кэмнэрэ. Бүгүҥҥү бырааһынньыкка педагогтарга уонна төрөппүттэргэ профессиональнай ситиһиилэри, мындыр өйү-санааны, тулууру, үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга – туйгун сыаналары, айымньылаах үөрэҕи, кэрэхсэбиллээх түгэннэри уонна бары үтүөнү баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев