Балаҕан ыйын 6-10 күннэригэр Москваҕа Арассыыйа норуоттарын национальнай литэрэтиирэтин кинигэтин улахан быыстапката буолла.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Быыстапкаҕа «Бастыҥ кинигэ» аатын ылбыт Национальностар литэрэтиирэлэрин пуондалара сүрүн мэстэни ылла. Кинилэр тэрээһиннэринэн саха билиҥҥи литэрэтиирэтин икки бастыҥ айымньытын: СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыҥыс Хаан» уонна П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Елена Слепцова-Куорсуннаах «Аан Талҕа» арамааннарын билиһиннэрии буолла.
Ону таһынан суруйааччы уонна публицист Олег Сидоров «Уһулуччулаах дьон олоҕо» («Жизнь замечательных людей») сериянан таһаарбыт «М.Е.Николаев» кинигэтэ «Эдэр гвардия» кинигэ кыһатыгар сүрэхтэннэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Олег Сидоров Былатыан Ойуунускай олоҕун сырдаппыт кинигэтэ былырыын эмиэ бу сериянан тахсыбыта. «Эдэр гвардия» кылаабынай эрэдээктэрин бастакы солбуйааччы Мария Залесская эппитинэн, кинигэ кыһата Саха сирин уһулуччулаах дьонун Арассыыйа ааҕааччыларыгар арыйда.
– Биһиги бииргэ үлэлээһиммит салҕаныаҕар эрэнэбин. 2017 сыл бүтэһигэр Олег Сидоров ааптардаах «Максим Аммосов» кинигэни бэчээттиэхпит. Кэлэр өттүгэр СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева Сэмэн Данилов туһунан кинигэтин бэчээттииргэ суоттанабыт. Ону сэргэ «Саха сирин уһулуччулаах дьоно» диэн үс туомнаах кинигэни таһаарарга эрэллээхпит, – диэн инники былааннарын билиһиннэрдэ.
Бу быыстапка – быйыл Арассыыйаҕа литэрэтиирэ эйгэтигэр сүҥкэн суолталаах түгэн. Онон, саха суруйааччылара маннык быыстапкаҕа кыттыыларын саха литэрэтиирэтин историятыгар проза жанрыгар өтөр буолбатах тоҕо анньан киирии курдук сыаналыахха сөп. Тэрийээччилэр саха прозата бэстибээл таһымын үрдэппитин уонна ураты эйгэни үөскэппитин астына бэлиэтээтилэр.
Суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах «Аан талҕа» арамааныгар олоҕун 12 сылын анаабыта.
«Аан талҕа» – бүтүн норуот олоҕун тосту уларыппыт, хараҥа былыт кэриэтэ сабардаабыт отутус сыллар түгэннэрин көрдөрөр историческай арамаан. Суруйааччы дьон дьылҕатын, умнуллубат иэдээнин итэҕэтиилээхтик көрдөрөр, саҥа үөскээн испит саха интеллигенциятын бу историческай быһылааннарга оруолун кырдьыктаахтык арыйар. Арамаан аатын туһунан суруйааччы бэйэтэ:
«Былатыан Ойуунускай олоҥхотун ааҕа олорон «Арҕаа халлаан анныттан аан талҕа таҥнары сатыылаан түспүтэ» диэн этиини булан ылбытым. «Аан талҕа» диэн космическай тыал, үөһээ куйаар тыала эбит. Өрөбөлүүссүйэ эмиэ оччотооҕу олох укулаатын уларытаары аан талҕа курдук күүскэ түспүт диэн санааттан арамааммын «Аан талҕа» диэн ааттаабытым», – диэн быһаарар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru