“Саха полумарафоҥҥа” пейсмейкердэр сүүрдүлэр

Ааптар: 
14.08.2017
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 13 күнүгэр, Дьокуускайга Физкультурник күнүгэр анаммыт “Саха полумарафон-2017” сүүрүүгэ күрэс буолла. Иккис сылын ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ эдэр-эмэн сүүрүүктэр саастарынан хас да бөлөххө наарданан биэс, уон уонна сүүрбэ биир биэрэстэҕэ сырыстылар.

Сарсыарда лоп курдук аҕыс чааска “Туймаада” стадиоҥҥа старт бэриллээтин кытта, дьэрэкээн таҥастаах куоталаһааччылар туораахтана ыһыллан тахсаннар, эриэн халҕаһалара биэс биэрэстэ уһуннаах эргиир — “Туймаада” стадион – Лермонтов – Петровскай — Ойуунускай – Поярков – Петр Алексеев – Лермонтов – “Туймаада” стадион — устун субулунна.

Быйыл оҕолор сырсыылара туспа күн, субуотаҕа, ыытыллан, тэрээһин ампаалыга суох, судурхайдык барда. Оттон кырачааннар атырдьах ыйын 12-гэр эмиэ “Туймаада” стадиоҥҥа биир биэрэстэҕэ куоталаспыттара.

“Саха полумарафон-2017” биир уратытынан, күрэхтэһиигэ анал бэлиэлээх сүүрүүктэр – пейсмейкердэр – кыттыбыттара буолла. Сүрүннээн, күүстээх быһыйдартан талыллыбыт дьон уон уонна сүүрбэ биир биэрэстэ уһуннаах дистанцияны бэриллибит бириэмэнэн кэлэргэ суоттанан сүүрдүлэр. Баҕалаахтар кинилэринэн сирдэтинэн тэтимнэрин сүрүннээтилэр. Элбэх күрэстэһээччи тус көрдөрүүтүн тупсарбытыттан сылыктаатахха, пейсмейкердэр көлөһүннэрэ таах хаалбатах бадахтаахтар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, сырсааччылар төлөпүөннэригэр анал бырагырааманы хачайдаан, сүүрэн иһэн онон бириэмэлэрин хонтуруолланнылар.

Күрэхтэһии чэрчэтинэн “Бежим с добром” аһымал аахсыйа ыытылынна. Онно ким баҕалаах 100 солкуобайга браслет атыылаһан бу тэрээһин кыттыылааҕынан буолла. Киирбит үп бүтүннүүтэ Пастухова Вика уонна Софронов Вася эмтэниилэригэр бэриллиэҕэ. Күрэстэһии түмүктэниитэ, “Туймаада” стадиоҥҥа эмиэ итинник ааттаах аһымал кэнсиэр буолла. Онно Варя Максима, Zavod, Алена diva Яковлева, Василена Шарина, Айсен Аммосов, Hitsvint, Snow voice кытыннылар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0