Саха омук төрөөбүт күнэ хаһан буоларый?

Бөлөххө киир:

Быйыл кулун тутар 20 күнүгэр күн сааскы туруута (равноденствие), күн түүннүүн тэҥнэһэр бэлиэ күнэ үүнэр. Ити күн Илиҥҥи омуктар саҥа сылларын быһыытынан Навруз диэн ааттаан бырааһынньыктыыллар. Оттон сорох сахалар эмиэ ити күнү бэлиэ күнүнэн ааҕаллара.

Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин Тумулугар 2012-13 сыллардаахха кулун тутар 22-23 күннэригэр Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова көҕүлээһининэн, саха төрөөбүт күнэ диэн тэрээһин ыыта сылдьыбыттарын туһунан «Кистэлэҥ күүс» сурунаал 2013 сыл ыам ыйынааҕы нүөмэригэр суруйбуттара. Ити Афанасьев-Тэрис: «Сахалар түүрдэртэн төрүттээхпит, онон саҥа сылбыт эмиэ түүрдэргэ курдук кулун тутар 21 күнүттэн саҕаланыахтаах», — диир кэмэ этэ.

Онтон кэлин саха саҥа сыла ыам ыйыгар кэлэрин туһунан биһиги этиибитин кытары Тэрис сөбүлэспитэ. Дьэ, ол Тэрис оччотооҕу көрүүтүгэр олоҕуран, саха төрөөбүт күнэ диэн тэрээһиннэригэр тумуллар саҥа сыллааҕы алгыһы этэллэр эбит. Холобур, айылҕабыт тилиннэ диэн мутукча тылыннараллар, кыыдааннаах кыһыны туораан күөх окко үктэннибит диэн бурдугу тылыннаран күөҕүн сиргэ тамалаталлар о.д.а. Оттон таһырдьа хаардаах-муустаах кубулҕаттаах кулун тутар ый буккаана тибэ турар кэмигэр, Саха сиригэр күөххэ үктэнэр кэм өссө да икки ый иннинэ инньэ дии турар оччо сөбө суоҕа өйдөнөр. Онон ити тэрээһин дьиҥнээх Саха сирин айылҕатыгар сөп түбэспэтэ, Илиҥҥи омуктар кэрдииһинньиктэригэр олоҕуран ыытыллыбыта туох да саарбаҕа суох. Ол гынан баран Надежда Алексеевна этэринэн, саха төрөөбүт күннээх диэн өйдөбүл биһиэхэ былыр былыргыттан баар суол эбит.

Хомойуох иһин, төһө да саха төрөөбүт күнэ Саха сиригэр саас дьылы тахсан күөххэ үктэннэххэ, саха саҥа сылын көрсөр кэмҥэ бэлиэтэнэрэ дакаастаммытын үрдүнэн, күн бүгүҥҥэ диэри кулун тутра 19 күнүгэр саха төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлэһэ, кулун тутар 20 күнүгэр күн-түүннүүн тэҥнэһэр кэмигэр саха төрөөбүт күнүн көрсүөххэ дии олорор дьон баар…

Таҥарианство итэҕэлин быһыытынан, үөһээ уонна аллараа дойдулар быысаһар сирдэригэр Айыы Тойон Таҥара туллаҥнаабат тууралаах, иэҕиллибэт иэччэхтээх, дьоллоох-соргулаах орто туруу бараан дойдуну, тыыннаах айылҕаны, саха киһитин айбыта.

Ол иһин Ийэ Айылҕабыт Айыы Таҥаранан айылллыбыт күнүн хаһан да умнубат, өйдүүр, билэр, сылын ахсын бу кэмҥэ сайын саҕаланарыгар, тыыннаах айылҕа кыһыҥҥы уһун уутуттан уһуктар, тиллэр, тыллар. Олох саҥалыы саҕаланар.

Саха дьоно, ыам ыйын бүтэһигэр аар айылҕа уһуктан, ыарахан дьылы туораан, күөххэ үктэнэн, үөрэр-көтөр уонна бу орто дойду, тыыннаах айылҕа, саха аймах айыллыбыт улуу күнүн саха саҥа сылын быһыытынан бырааһынньыктыыра сыл бастакы Ыһыаҕын ыһара.

Православнай Таҥара үлэһиттэрэ Саха сиригэр сайын ыам ыйын 22 күнүттэн саҕаланар диэн Ньукуола Таҥара күнүгэр сөп түбэһиннэрбиттэрэ. Ону норуот ылынан, Ньукуола Таҥара күнүн, дьиҥинэн сайын кэллэ диир санааттан бырааһынньыктыыра үгэс буолбут. Ол үгэһин умнубакка билигин да илдьэ сылдьар.

Ол иһин уонна ыам ыйын 22-тигэр өрөбүл күн мэлдьи түбэспэтин учуоттаан, Эһээ Дьыл дьиэтэ саха саҥа сылын сылын аайы ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар бэлиэтиир буолла. Холобур, быйыл 2021 сылга, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, Саха сиригэр саҥа сыл саҕаламмыт күнүн ыам ыйын 25 күнүгэр сыл бастакы Ыһыаҕын ыһан көрсүөхтээхпит.

Былыр былыргыттан саха бэйэтин Ийэ Айылҕа сорҕотунан ааҕынар. Ол иһин Айыы Таҥара Орто Дойдуну айбыт, айылҕа уһуктубут күнүгэр хас биирдии саха киһитэ: «Санныбар дьыл өссө биир хаарын ууллардым, күөххэ үктэнэр дьоллоннум!” — диэн, сааһыгар өссө биир сааһы эбинэрэ. Ити күнтэн хас биирдии саха саҥа сааһын саҥа сыла саҕаланара. Саас, киһи сааһа диэн өйдөбүл «весна» — «саас» диэн тылтан үөскээбит. Онон саха дьоно бу күн, бары биир киһи курдук, хайа кэмҥэ төрөөбүттэриттэн тутулуга суох, саастарыгар биир сааһы эбинэн, төрөөбүт күннэрин бэлиэтииллэрэ.

Саха омуга төрөөбүт күнэ, Ийэ Айылҕа уһуктар, күөххэ үктэнэр, самаан сайын, саҥа сыл саҕаланар кэрэ бэлиэ күнүн кытта бииргэ бэлиэтэнэрэ, биир күн буолара олус тоҕостоох.

Айыы Таҥара аан бастаан аҕыйах саханы айдаҕа. Ол саха дьоно кэлин ууһаан-тэнийэн саха норуотун үөскэттэхтэрэ. Онон билигин, өскөтүн саха ааттаах барыта биир күн сааһыгар биир сааһы эбинэр, төрөөбүт күнүн бэлиэтиир буоллаҕына, ол аата бу күнү – саха саҥа сыла үүнэр күнүн, саха омук быһыытынан төрөөбүт күнэ эбит диир оруннаах.

Итиннэ олоҕуран, быйылгы саха саҥа сылын 2021 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр өссө саха омук төрөөбүт күнэ диэн ааттаан улаханнык үөрэн-көтөн туран, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэххэ диэн этиилээхпин.

Хас биирдии сахабын дэнэр киһи бу улуу күнү – саха норуота төрөөбүт күнүн, саха саҥа сылын бэлиэтиир сыл бастакы Ыһыаҕар нэһилиэк, дэриэбинэ аайы бииргэ мустан, хайаан да бырааһынньыктыахтаах. Төһө да сааскы түбүк элбэҕин иһин, бу күн үлэлиир аньыыга тэҥнээх. Кыайан кэлэр кыаҕа суох киһи дьиэтигэр сааһыгар саас эбинэр анал туом оҥостуохтаах.

Мин санаабар, ыам ыйын 25 күнүгэр күнүс 12 часка Саха тэлэбиидэнньэтэ уонна араадьыйата саха омук төрөөбүт күнүгэр аналлаах алгыстаах туом оҥоруохтаах. Оччоҕо киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин бары олохтоохторо биир кэмҥэ саастарыгар биир саас эбинэннэр, бары бииргэ тыынан, биир сомоҕо саха омуга эбиппит диэн сананыа этилэр буоллаҕа.

Саха омук быһыытынан төрөөбүт күнэ норуоту сомоҕолоон бииргэ түмэр биир кэскиллээх улахан тэрээһин быһыытынан сыаналанан норуот уонна былаас өттүттэн өйөбүлү ылыа диэн эрэниэххэ сөп.

Итини таһынан Аан дойдуга соҕотох биһиги эрэ, саха норуота омук быһыытынан төрөөбүт күммүтүн бэлиэтиир тэрээһиммит ситэн-хотон атаҕар турдаҕына уонна күүскэ рекламаланнаҕына, атын омуктар сэҥээрэр, кэрэхсээн кэлэн көрөр, саха омугун аатырдар биир кэрэ-бэлиэ бырааһынньыкпытынан буолара саарбаҕа суох.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл.

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0