Саха олоҥхото «Кыһыл көмүс мааскаҕа» түһэрилиннэ

03.11.2017
Бөлөххө киир:

Олоҥхо тыйаатырыгар үөрүүлээх сонун кэллэ. Ол курдук, тыйаатыр Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ олоҥхотунан «Дьырыбына Дьырылыатта» испэктээкилэ «Кыһыл көмүс мааска» Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын бириэмийэтигэр түһэрилиннэ.

edersaas.ru

Бириэмийэ эксперт-сэбиэтин быһаарыытынан, олоҥхо-испэктээкил түөрт номинацияҕа:

«Дыраамаҕа бастыҥ испэктээкил. Улахан көрүҥ»;

«Режиссер бастыҥ үлэтэ» –  Матрена Корнилова;

«Худуоһунньук бастыҥ үлэтэ» – Екатерина Шапошникова;

«Көстүүмнэргэ худуоһунньук бастыҥ үлэтэ» – Екатерина Шапошникова түһэрилиннэ.

«Кыһыл көмүс мааска» бэстибээл дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа 2018 с. кулун тутар 10 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Бириэмийэни туттарыы үөрүүлээх сиэрэ-туома муус устар 15 күнүгэр Судаарыстыбаннай академическай Улахан тыйаатыр саҥа сценатыгар буолуоҕа.

ЫСПЫРААПКА:

Олоҥхо тыйаатыра 9-с айар сезонун «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхонон арыйбыта;

«Дьырыбына Дьырылыатта» 2017 с. 14-15 күннэригэр сүрэхтэммитэ. Бу иннинэ Нам улууһун Партизан с. көрдөрүллүбүтэ;

Эдэр тыйаатыр 25-с үлэтэ «Дьырыбына Дьырылыатта» бу сыл бэс ыйын 4-9 күннэригэр Казань куоракка түүр норуоттарын аан дойдутааҕы VIII Науруз бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик туруоруллубута.

Сүрүн оруолу — Дьырыбына Дьырылыаттаны Лена Оленова толорор. Оруолларга  Лена Маркова, Александр Дьячковскай – Саарын, Павел Колесов, Владислав Иванов, Наталья Слепцова, Галина Тихонова уо.д.а. оонньууллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0