Саха норуота барҕарыы суолунан…

28.04.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл саха норуодунай суруйааччыта Соппуруон Петрович Данилов төрөөбүтэ 95, Саха норуотун I кэнгириэһигэр дакылааты оҥорбута 25 сылларын бэлиэтиибит.

Александр ТАРАСОВ, Горнай. edersaas.ru 


Саха норуотун I кэнгириэһэ 1992 с. ахсынньы 15 күнүгэр буолбута. Кэнгириэс дэлэгээттэрэ, кыттыылаахтара Соппуруон Петрович ис сүрэҕиттэн тахсыбыт, өркөн өйүнэн айыллыбыт, норуотугар анаммыт кэс тылын курдук, киэҥ ис хоһоонноох «Саха норуота барҕарыы суолунан» дакылаатын олус биһирээн, кэрэхсээн истибиттэрэ.

Кэлин кэнгириэс дакылаатын ырыҥалаан ырытар үгүс үлэлэр, кинигэлэр суруллубуттара. Олортон ордук ааҕааччыга тиийимтиэ ырытыы кинигэтэ, 2012 с. «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн аатынан тахсыбыта. Кинигэ Соппуруон Петрович саха норуотун I кэнгириэһигэр оҥорбут дакылаата 20 сылыгар анаммыта.

Бастатан туран, дакылаат аата «Саха норуота барҕарыы суолунан» дэммитэ бэрт элбэҕи этэр, эрэҥкэдитэр, эрэннэрэр. Саха сиригэр олорор бары норуоттар самныбат саргыларын, кэлэр кэрэмэс кэскиллэрин кэрэһилиир, инникигэ, кэрэҕэ, сайдыыга-үүнүүгэ угуйар уоттаах-төлөннөөх ыҥырар ис хоһоонноох, бүгүҥҥү хас биирдии киһи олоххо дьулуһар дьулуура, баҕарар баҕата, ыраас ырата түмүллүбүт бэргэн этиитэ буолар.

Ама, ким баҕарбатый тапталлаах суруйааччыбыт өркөн өйүнэн, сүрэҕин сылааһынан айыллыбыт эркээйилээх барҕарыы суолунан баран иһиэн…

Биһиги, Саха сиригэр олорор омуктар, сэбиэскэй кэмҥэ хомуньууһумҥа дьулуспуппут курдук, барҕарыы суолунан баран иһэргэ хас биирдиибит дьулуһуохтаах. Инникигэ сайдыыбыт, билиҥҥи тылынан эттэххэ, сүрүн бырагыраамата ыйыллар — норуодунай суруйааччыбыт, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэлбит дакылаатыгар.

Дакылаат киирииттэн уонна сэттэ түһүмэхтэн турар. Соппуруон Петрович дакылаатын II түһүмэҕэр тохтоон, бүгүҥҥү кэмҥэ сыһыары тутан тус санаабын суруйуохпун бабарабын.

«Саха омугун инники кэскилин быһаарар тутаах боппуруоһунан тыа сирин социальнай сайдыыта буолар» диэн сүрүн сорукпутун саха дьонун 4/3 тыа сиригэр олорорунан, бэрт ылыннарыылаахтык быһаарбыта.

Биллиилээх суруйааччыбыт ынах, сылгы сүөһүлээҕин тухары эрэ, саха омуга баар диэн бигэ санаатын суруйбута.

Бүгүҥҥү туругунан, үйэ чиэппэрэ кэм устата, ити соругу олоххо киллэрэр туһугар араас өрүттээх үлэ-хамнас ыытыллар, үөһэ-аллара тутуу барар, саха төрүт ынаҕын үөскэтиигэ ылсыы, ыһыы, Арассыыйа, омук сирдэриттэн араас боруода ынахтары аҕалыы, улахан аарыма хотоннору тутуу, аҕалбыт сорох сүөһүнү сутатан өлөрүү о.д.а.

Ол үрдүнэн табылын булларбатах тыа хаһаайыстыбатын сүрүн көрдөрүүтэ буолар, омукпут уратытын көрдөрүөхтээх ынахпыт, табабыт ахсаана сыл аайы аҕыйыы турара, олохтоох омуктары ырааҕынан астыннарбат. Харахпыт уутун сылгы ахсаана сыыйа элбиир диэммит эрэ соттор кыахтаахпыт. Таба ахсаана аҕыйаабыта айылҕа охсууларыттан, ардай аһыылаахтар элбээбиттэриттэн буолуон сөп.

Онтон күн аайы хотоҥҥо хаайан туран көрөр ынах сүөһүбүт аҕыйаабыта, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕа биллэр. Онуоха эбии тыа хаһаайыстыбатыгар сыыһа бэлиитикэ барбыта улахан охсуулаах буолбута баһан этии буолбатах. Билигин да араас хаһаайыстыбалары тэрийбиппит үрдүнэн, ынах, сылгы ахсаана баһыйар үгүс өттө кэтэх хаһаайыстыбабытыгар баарын билэбит эрээри, кинилэргэ тэриллиилээх хаһаайыстыбалары эрэ өрө тутар бэлиитикэ ыытыллар буолан, өйүктээх өйөбүл оҥоһуллубат. Саатар ыанар ынахха, төрүүр биэҕэ бэриллэн испит дотация сотуллубутун түмүгэр, тыаҕа олорор кырдьаҕастар сүөһүлэрин эстилэр, кинилэри солбуйар эдэр дьон, бука бары кэриэтэ үөрэҕи, харчылаах үлэни эккирэтиһэн, киин сирдэргэ олохсуйдулар.

Тыа сирин сайдыытын -төрүт омук төннүбэт төлкөтүн курдук саныыр кэм кэллэ.

Биллэрин курдук, аан дойду, киһи аймах олус күүскэ, балысханнык сайдаллар. Бу уодаһыннаах сайдыы симэлитэр кутталыттан быыһанар туһугар, кыра омук ахсаан өттүнэн элбиирин ситиһиэхтээхпит. Ол инниттэн тыа сирин кэхтиитин, хаалыытын (куорат сириттэн) тохтотуох тустаахпыт. Саха омук ахсаан өттүнэн тыа сириттэн эрэ элбиэн сөп.

Ону хайдах ситиһиэххэ сөбүй? Бырагыраама, инникини өтө көрүү курдук, дириҥ ис хоһоонноох дакылаатыгар Соппуруон Петрович маннык эппитэ умнуллан хаалбыта хомолтолоох: «Араас бас билиилэри бэйэ-бэйэлэригэр утары туруорбакка, дьүөрэлээн, тэҥҥэ тутан, хаһаайыстыба бары көрүҥнэрэ сайдалларыгар, сөптөөх экономиканы тэрийдэхпитинэ эрэ сатанар».

Кэлин кэмҥэ тыа сирин кэлимсэ сайыннарыы бырагыраамата ылыллан үлэлээн эрэрэ, сырдык эрэли үөскэтэр.

Билиҥҥи туругунан тыа сиригэр олорор дьиэ хааччыллыыта аныгы кэм көрдөбүлүгэр ырааҕынан сөп түбэспэт. Кииннэммит ититиинэн хааччыллыы тыа сиригэр 44 %, уунан хааччыйыы 7 % ордуга суох. Бу балаһыанньаны тосту уларытар, нэһилиэнньэни өйүүр субсидиялаах бырагыраама оҥоһуллан, киэҥ хоннохтоохтук үлэлиирэ наада.

Ыччат үлэтэ суох хаалбатын, сүөһү ахсаана аҕыйаабатын туһугар, сааһыран эрэр дьон сүөһүлэрин ыччаттара ылан, салгыы өссө сайыннаран иитэллэрин ситиһэр инниттэн, бу дьон инникилэрин харыстыыр туһуттан, үлэһит быһыытынан ааҕан үлэ киниискэтин олохтоон, бары харысхалы олохтоон, сөп соҕус хамнастаан, тыа сиригэр ыччат тардыһыытын, хаалыытын ситиһиэххэ сөп этэ. Дьиҥэ, сорох ыччат билигин даҕаны дьонноругар сүөһү көрсөллөр эрээри, кинилэр ханнык да өйөбүлэ суохтар. Маннык эрэ түбэлтэҕэ саха ыччата тыа сиригэр олохсуйуо, ыал буолуу элбиэ, саха омук ахсаан өттүнэн эбиллэн барыа.

Ил Дархаммыт сылгы иитиитигэр олус туһалаах кэлиҥҥи ыйаахтара хайҕаныан эрэ сөп. Сылгыһыттар бу үлэни салгыы сайыннаралларыгар кыах, өйөбүл баар буолла. Ол эрээри, кэтэх хаһаайыстыбаҕа сыл аайы айылҕа биэриитинэн үксээн иһэр сыспай сиэллээхпитин атарахсытар табыллыбат. Маныаха улуус, нэһилиэк дьаһалталара улахан болҕомтолорун уураллара  наада. Хомойуох иһин, дьаһалта өттүттэн болҕомто ууруллубат, өйөбүл оҥоһуллубат буолан, бу хайысха дьаалатынан устар.

Былыр былыргыттан  биллэр, тыа хаһаайыстыбата бородууксуйаны оҥорон таһаарыы ороскуотун хайдах да сабыммат, бэркэ сатаатаххына ороскуотун 40-ча % эрэ сабыныан сөп. Дьэ ол да иһин, бэл, итии дойдуга олорор омук сирдэригэр, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга араас чэпчэтиилэри олохтууллар, улахан кээмэйдээх субсидиялары судаарыстыба аатыттан оҥороллор. Оттон биһиэхэ, аҕыс ыйдаах томороон тымныылаах Саха сиригэр сүөһүнү, сылгыны иитии улахан дьоруойдуу быһыы буолар.

Түмүктээн эттэххэ, талба талааннаах киэн туттар суруйааччыбыт, аан дой­ду таһымыгар киэҥник биллибит уопсастыбаннай диэйэтэлбит Соппуруон Петрович Данилов «Саха норуота барҕарыы суолунан” диэн олус дириҥ ис хоһоонноох дакылаатын өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ  остуолга уура сылдьан ааҕыахтаах этилэр. Хомойуох иһин, сорох-сорох дьаһалталар баһылыктара кинигэлээх буолуохтааҕар, тыа хаһаайыстыбатын өнүйэн биэрбэт иирбэ-таарба үлэтиттэн тэйбиттэрэ ыраатта. Саамай улахан алдьархайбыт итиннэ сытар. Улуустан кэлбит дьаһалта үлэһитэ, муҥутаатаҕына оскуолаҕа, оҕо саадыгар сылдьан барар.

Тыа сиригэр олорор, олох иһин күн аайы охсуһар, сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар дьоммутугар өйүктээх өйөбүлү оҥорор кэммит кэллэ. Ким эрэ сыралаах үлэтин түмүгүнэн отчуоттуур, үлэлиир-хамсыыр курдук туттар салайааччылартан киһи кэлэйэр эрэ.

Тыа сирин салгыы сайдыыта  норуот дьылҕатын быһаарарын умнар сатаммат. Тыа сирин сайыннарыы — норуоппут кэскилэ, киэн туттуута буолар. Соппуруон Петрович эппитинии, саха киһитэ сир хайа да муннугар тиийэн, киэн тутта этиэҕэ: «Мин — сахабын!».

Александр ТАРАСОВ, олохтоох Сэбиэт дьокутаата,

Горнай улууһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0