Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов 70 сааһын туолла
Бүгүн, атырдьах ыйын 14 күнүгэр, саха норуодунай суруйааччыта, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, дириҥ, талааннаах айымньыларынан чахчы даҕаны саха литературатын тулхадыйбат тулааһына буолбут Николай Алексеевич Лугинов 70 сааһын туолла.
Суруйааччы билигин “Чолбон” сурунаал нүөмэрдэригэр ый ахсын тахса турар “Уларыйыы кэмэ” диэн биэс сэһэнтэн турар саҥа арамаанын бэчээттэтэн, ааҕааччыларыгар күндү бэлэҕи оҥордо.
—Улуу хууннар тиэмэлэрин салҕааһын буолар. Уопсай дьоруойдардаах… Мин бу тиэмэбинэн дьарыктаммытым 30-тан тахса сыл буоллаҕа. Оннук бырааптаах курдукпун. Аргыый аҕай оҥоро сылдьабын.., — диир Николай Алексеевич.
Татьяна МАРКОВА.
Ыспыраапка:
Лугинов Николай Алексеевич
1948 с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһун Тыайа с. төрөөбүтэ. СГУ физико-математическай факультетын, М.Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү литературнай куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Саха норуодунай суруйааччыта, драматург. 1979 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Бастакы айымньылара 1974 с. “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Икки сылынан кэпсээннэрин кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.
Сүрүн айымньылара: “Сэргэлээххэ” (1978), “Нуоралдьыма чараҥар” (1979) сэһэннэр, “Мэндиэмэннэр” арамаан, “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” трилогия-арамаан. I кинигэтэ 1997 с. тахсыбыта. “Алампа, Алампа…”, “Быраһаай” драмалар. “Таас Тумус”, “Түһүлгэ”, “Үрдүк арыылар”, “Кустук”, о.д.а.
2009 с. “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” кинигэтинэн режиссер А.Борисов “Тайна Чингис Хаана” уус-уран киинэни устубута.
Н.А.Лугинов РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын хос бэрэссэдээтэлэ. “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаанын иһин РФ Суруйааччыларын сойууһун “Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин” лауреата. СӨ Духуобунаска академиятын вице-бэрэсидьиэнэ. СӨ Бочуоттаах гражданина. П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой дириэктэрэ.