Бу, Бүлүү бөлөх улуустарын айар-суруйар дьоҕурдаахтарын түмэр түһүлгэҕэ быйыл Дьокуускайтан, Ньурбаттан уонна Сунтаар улууһун 18 нэһилиэгиттэн элбэх киһи кыттыыны ылан, бэйэтэ ыһыах кэриэтэ буолла.
Чаҕылхай күн устата «Бэйиэт үрдүк аатыгар сүгүрүйэн», «Сунтаар сылаас кутаатын илдьэ сылдьабын» — Леонид Попов ырыалара-хоһоонноро доргуччу ааҕылыннылар, ылланнылар.
Тэрээһин «Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ» былырыыҥҥы түмсүүнү сырдатар «Сунтаар миигин ыҥырар» кинигэ сүрэхтэниитинэн саҕаланна. Манна, улуус култууратын салалтата туруорбут граннарын хаһаайыттара билиннилэр. Ол курдук, былырыыҥҥыттан саҕалаан «Ньургуһун» түмсүү иһинэн кинигэ таһаарарга бэлэм буолбут суруйааччыларга күрэс биллэриллэр. Былырыын биир ааптар — Тойбохойтон Вера Уарова ылбыт буоллаҕына, быйыл 15.000, 20.000 солк. граннары ылары биэс киһи ситистэ: Вилюрия Сергучева (Куокуну), Изабелла Голокова — Ис Бэлэх Хотун Хаан (Күүкэй), Алексей Павлов (Арыылаах), Антонина Христофорова — Хагдаанай (Дьокуускай), Зинаида Федотова — Дьол Кыыма (Сунтаар). Бу кинилэргэ, «Офсет» уонна «Бичик» кинигэ кыһаларыгар кинигэ таһааттаралларыгар көмө буолуоҕа.
Оттон «Кэмчи кэрчиктэр» диэн түөрт строкалаах хоһоон күрэҕэр, салайааччы Тускулаана «Сунтаар күнэ» диэн тиэмэни биэрэн, бастыҥнык хоһуйбут Түбэйтэн Мария Данилова — Күн Мичээрэ уу харчынан 5000 солк. бириэмийэлэннэ. Маны таһынан, бу дьоро күҥҥэ «Ньургуһун» литературнай түмсүү саҥа салайааччытынан Кутанаттан Валентина Дьячковская — Хара Көмүс ананна.
Тэрээһиҥҥэ Афанасий Гуринов — Арчылан, Антонина Христофорова — Хагдаанай, Саргылана Спиридонова курдук биллэр-көстөр суруйааччылар уонна Леонид Попов аймахтара кыттыыны ылан, ырыа-хоһоон түһүлгэтин суолталаан биэрдилэр. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ өссө биир сонун көстүүнэн айар түмсүүлэр оһуокайдара буолла, онно Маар-Күөлтэн Валентина Слепцова кыайыылааҕынан таҕыста.
Маны таһынан, «Бичик» кинигэ кыһата уонна олохтоох ааптардар кэлэннэр, кинигэ атыылаатылар. Арыылаах нэһилиэгэ үүттээх чэйинэн, саҥыйахтаах алаадьынан кэлбит дьону күндүлээн үөртэ. Эһиил саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын Арыылаах нэһилиэгэ саҥа оскуолалаах, киниэхэ аналлаах сквердээх уонна суолталаах түмэллээх көрсүөҕэ.
Уонна түмүккэ, ааҕааччыларбытыгар, ааптар Хагдаанай “БЭЙИЭТ, ОЛОҔУҤ САЛҔАНАР” диэн, бу балаҕан ыйын 15 күнүгэр суруйбут саҥа хоһоонун билиһиннэриэҕиҥ:
БЭЙИЭТ, ОЛОҔУҤ САЛҔАНАР
Күннээх бэйиэт күнүгэр
Чаҕылыйан күн да күн!
Күһүҥҥү курус быыһын аһан,
Арыылааҕыҥ пааркатыгар,
Арылы күннүүн ыллаһа,
Ыччат дьонуҥ бэлиэ күҥҥүн
Ылла ырыа кэһиилээх,
Сунтаар-Ньурба сириттэн
Тоҕуоруста түөлбэлээн!
Тыыннаах тылыҥ ымыылара
Ырыа-хоһоон кынаттанан,
Көй салгыҥҥа көттүлэр,
Иэйии буолбут олоҕуҥ
Ийэ сиргэр дьиэрэһийдэ,
Эһиэкэйдээн эҥээрийдэ,
Эһиилгэ диэри,
Үйэлээх кирбиигэр
Көрсүһүүгэ ыҥырда-
Бэйиэт, олоҕуҥ салҕанар!
15.09.2018.
Хагдаанай.