“Айыы кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Рустам Николаевич Каженкин саха литературатыгар анаммыт лотону бэйэтэ толкуйдаан, айан, оҥорон таһаарда.
Литературнай лото 12 лиистээх, хас биирдии лииһин аайы литература, фольклор эйгэтиттэн 12-лии (барыта 144) ыйытыылаах. Холобур, аатырбыт айымньылар ааптардара, биллиилээх суруйааччылар төрөөбүт улуустара, айымньылартан быһа тардыылар уонна таабырыннар, өс хоһоонноро киирдилэр. Учууталларга, оскуола орто, үрдүкү сүһүөҕүн үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга, саха литературатын интэриэһиргиир дьиэ кэргэттэргэ, о.д.а. анаммыт.
Киһи билиитин кэҥэтэригэр, өйүгэр хатыырыгар, иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарыгар туһуламмыт. Ону тэҥэ дьиэ кэргэнинэн оонньоон, оҕоҕо саха литературатыгар, ааҕыыга интэриэһи көбүтэргэ эмиэ туһалаах. Оонньуу быраабылата син атын лото быраабылатын курдук, ким илиистэрэ урут туолбут – ол кыайар. Оҕо оонньуу нөҥүө билиини ылынара түргэн, онон саха литературатын үөрэтэргэ табыгастаах ньыма.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Интэриэһиргээбит дьон 89143013201 нүөмэринэн эрийэн билсиэххитин сөп.