Бу күннэргэ Светлана Егорова (Габышева)-Тулуйхаана «Тохтобул» диэн рубаиларын кинигэтин ааҕан баран санаабын үллэстэргэ сананным.
edersaas.ru
Биһиги көлүөнэ бары да эдэр сааспытыгар Омар Хайям аатырбыт рубаиларын ааҕан, онтон сиэттэрэн рубаи диэн туох айымньы, ханнык жанр буоларын биллэхпит. Кинини Ибн-Синаҕа Авиценна тэҥнээн, улуу бөһүлүөк диэн сыаналыыллара. Үөрэхтээхтэр Омар Хайям рубаиларын ис хоһооннорунан Ибн-Сина рубаиларын салҕааһын курдук көрөллөрө.
Омар Хайям медресеҕэ учууталлыыр кэмигэр кинини олус сытыы үөннээх, эҕэлээх тыллааҕын иһин сорох үөрэнээччилэрэ сөбүлээбэттэр эбит. Кини рубаиларыгар орто дойду сиэрин- майгытын, ыраас-кэрэ тапталы, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуһууну, аан дойдуну буккуйар арыгыны, олоҕу билгэлээн көрүүнү суруйара.
Билэрбит курдук, рубаи суруллар сокуоннарын, каноннарын тутуһан суруйуу ыарахан, ол да иһин буолуо, бу уустук жанрга ылсан үлэлээччи бэрт сэдэх көстүү быһылаах дии саныыбын. Маны суруйарга бөлүһүөктүү дириҥ далааһыннаах уонна сытыы өй эрэйиллэр. Ол киһиэхэ эрэ барытыгар баар буолбатах. Сахалартан Валерий Чиряев, Семен Руфов курдук поэттар ылсыах эбиттэрэ буолуо. Сахалыы рубаилары суруйан кинигэ бэчээттэппит дьахтар-поэт баарын мин өйдөөбөппүн, баҕар алҕаһыырым буолуо, ол иһин Светлана Егорова-Тулуйхаана саха дьахталларыттан рубаилары туспа кинигэ оҥорон сахалыы саҥардыбыт бастакы дуу дии саныыбын. Бу тылбаас буолбатах, саха тылын-кутун иҥэрбит уран баайыы урубаайылар (Д. Федоров-Оһуохай Уола) Рубаи хайаан да сытыы, элэктээх, эҕэлээх, ирониялаах, үөрэтиилээх, үгэргээһиннээх буолуохтаах диэн ирдэбиллээх. Сахаҕа: “Куһаҕантан киһи да күлэр, бэркиһээн киһи да сонньуйар” уо д.а. этиилэр баааллар. Онон сахаҕа итинник бэргэн тыл-өс баара, оннук бэргэн этиилэри 2-лии строкалардаах афоризмнары суруйан Ахсаана Сонтуой (Т.П. Аммосова) урут кинигэ оҥорон таһаарбыттаах.
Рубаи кээмэйин барытын тутуһан суруйуу билиини, дьоҕуру, хорутан үлэлиири эрэйэр. Светлана рубаи суруллар сокуоннарын дириҥник хасыһан үөрэппит-билбит. Рубаига 1,2,4 строкалара дьүөрэлэһиэхтээхтэр, строка үксүгэр 12 сүһүөхтээх буолар. Үһүс строка рифмата көҥүл, сүһүөҕэ атын строкалартан биир сүһүөҕүнэн улахан эбэтэр кыра буолар, сороҕор тэҥ сүһүөхтэрдээх уонна рифмалардаах буолуон эмиэ сөп. Рубаи үһүс строката айымньы ис хоһоонун арыйарга улахан суолталаах.
Маны барытын тутуһан суруйуу элбэх үлэттэн тахсар. Ытыктыыр суруйааччыбыт Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа “Мин литература хара үлэһитэбин” диирин курдук, Светлана Георгиевна литература хара үлэтин дириҥник хорутан үлэлээбитэ көстөр. Бу түөрт эрэ строкалаах айымньы, сиппит-хоппут айымньы буолуохтаах. Ол Тулуйхаана рубаиларыгар баар. Кинигэ олус бэккэ тупсаҕайдык таҥыллыбыт, ис-тас көстүүтүн ааҕааччыларга киэҥник биллэр дизайнер Владимир Дойдуков оҥорбут. Көрөргө да астык, ааҕарга да астык. Бу кинигэҕэ киирии тылын саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин бэйэтинэн суруйбута кинигэҕэ улахан интэриэһи күөдьүтэрэ мэлдьэх буолбатах.
Дьон майгыта-сигилитэ, олохпут араас мөкү көстүүлэрэ, доҕор таҥнарыыта, арыгылааһын, дуоһунас киһиэхэ дьайыыта, бу билиҥҥи кэм араас кыһалҕалара уо.д.а
автор рубаиларын ис хоһоонноро буолбуттар.
Олох туһунан:
«Бу сиргэ ыалдьыппыт… олохпут дьэ оннук.
Эн ону санааҕар тутума. Ол ордук.
Олоруох ол иһин бу орто дойду олоҕун
Дьон-сэргэ сиэринэн. Өйдөөхтүк. Тэп курдук» –диэн суруйар
Эбэтэр:
«Киһини кэнниттэн саҥарыы – сааттаах суол.
Оннук быһыыны кэмигэр сэмэлиир буол.
Оннук эрэ гыннахха, оройго биэрдэххэ-
Сирэй көрбөҕү тохтотуох бу –сөптөөх суол «, – диир.
Сатаан тутуннахха, рубаилар иитэр-үөрэтэр суолталара улахан буолсу. Оҕоҕо-ыччакка эрэ буолбатах, дьоҥҥо-сэргэҕэ барытыгар. Холобур, дуоһунастаах дьоҥҥо:
«Табаарыс былааска тахсыбыт. Кытааппыт.
Кыраҕа даҕаны сүүрэрэ ыараабыт.
Ардыгар алҕаска көрбөтө элбээбит.
Бар-дьонун хомотон-кэлэтэн ырааппыт».
Арыгыга умньаныы, арыгыһыт буолуу билиҥҥи кэмҥэ улахан кыһалҕа буолбута мэлдьэх буолбатах. Ону:
«Арыгы кыратык истэххэ абылыыр,
Уоскутар, сыһытар, ол курдук албынныыр.
Тохтообот буоллахха кэһэтэр ээ, иэдэтэр!
Бу кэннэ олоххун алдьатар: дьэ аймыыр», – диэн уот харахха суруйар.
Саха киһитэ дьон итэҕэһин-быһаҕаһын бэрт бэргэнник этэн кэбиһэр ураты дьоҕурдаах,
саха тыла ону олус чопчутук этэр бэргэн тыл баайдаах. Аҥаардас ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары да ылан көрдөххө, биир тыл хайдахтаах киэҥник ойуулаан көрдөрөрүй! Бу тылбыт баайын араастааан оонньотон, өс хоһооннорун чаҕылхайдык туттан рубаины суруйуохха сөп эбит. Биһиги уус-уран литературабыт аллитерация ньыматынан айыллара итиннэ өссө төһүү буолуон сөп. Онон саха литературатыгар бу жанры киэҥник киллэрэн иһэргэ эдэр ыччат үлэлэһиэн сөп этэ.
Тулуйхаана рубаиларын кинигэтин “Тохтобул” диэн ааттаабыт уонна уонна «Дьон-сэргэ мин рубаиларбын тохтоон болҕойон ырытан аахтын диэн итинник ааттаатым», – диир. Бу тылбаас буолбатах, поэт Дмитрий Федоров-Оһуохай Уола этэринии, саха тылын кутун-
сүрүн иҥэриммит “уран баайыы урубаайылар”.
Бу саха литературатыгар бастакы холонуу эрэ, инникитин да рубаилар суруллуохтара, саха тыла онно кыаҕа, баайа эппиэттэһэр. Онон, саха литературатыгар рубаи жанра киириэ, инникитин өссө чочуллан эҕэлэрэ-элэктэрэ өссө сытыырхайан иитэр-үөрэтэр суолталара өссө дириҥээн-кэҥээн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбин!
Онон күндү ааҕааччым, эн бу рубаилары тохтоон, болҕойон арыйан ааҕыаҥ, бэйэҥ сыанабылгын биэриэҥ диэн эрэнэ саныыбын.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Октябрина ШАМАЕВА-ЧЭЛГИЙЭ,
РФ, СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.