«Саха Левитана» Афанасий Готовцевка норуот артыыһа аат иҥэрилиннэ!

Ааптар: 
14.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 12 күнүгэр Саха араадьыйатын үгүс көлүөнэ сөбүлээн истэр үрдүкү категориялаах диктора Афанасий Готовцев 90 сааһын туолла. Саха норуота ытыктыыр киһитигэр үбүлүөйдээх күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан, саха народнай артыыһа аат иҥэрилиннэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Киһи иһиттэр истэ олоруох курдук сымнаҕас, бэйэтигэр тардар куоластаах дикторы «Легендарнай диктор», «Саха Левитана», «Көмүс куолас» диэн бэриниилээх истээччилэрэ сыана быспыттара мээнэҕэ буолбатах. Афанасий Готовцев — төрөппүттэрбит эдэр саастарын, онтон орто саастаах көлүөнэ оҕо сааспыт умнуллубат аргыһынан буолар. Афанасий Николаевич: «Дьокуускай саҥарар! Үтүө сарсыарданан, табаарыстар…» — диэн унаарытан саҥарыытынан уһуктан, дьиэ кэргэн дьоно бары сырдыгы уонна үйэлээҕи оҥорор дьулуһуулаах ким үлэлии, ким үөрэнэ тарҕаһарбыт.

Афанасий Готовцев артыыс буолуон сөптөөҕө. Кини Нам Хатырыгын оскуолатын бүтэрээтин кытта, Саха тыйаатырын режиссера Спиридон Григорьев талааннаах уолу таба көрөн, драма кууруһугар илдьэ киирбитэ. Онон айар куттаах эдэр киһи үлэтин тыйаатыр артыыһыттан саҕалаабыта. Ол сылдьан араадьыйа кэмитиэтин көрдөһүүтүнэн, уус-уран биэриилэри ааҕара. Онтон сыыйа истээччилэр да үөрэнэн, салалта да болҕомтотун хатаан, эдэр киһини араадьыйаҕа үлэлэтэ ыҥырбыттара. Ити 1953 сыллаахха этэ. Ити кэмтэн ыла Афанасий Николаевич 50-тан тахса сыл устата 80 сааһыгар диэри холку, намыын куолаһынан төһөлөөх элбэх үгүс көлүөнэ саха дьонун үрдүккэ көтүппүтэ, угуйбута буолуой! Кини араадьыйа дикторынан, режиссерынан,эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.

Ил Дархан Егор Борисов уонна СӨ бырабыыталыстыбатын аатыттан Үрдүк категориялаах араадьыйа дикторын, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитин, СӨ тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын туйгунун, Нам улууһун бочуоттаах гражданинын Афанасий Готовцевы дьоһуннаах 90 сааһынан эҕэрдэлээн туран, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев Махтал суругу ааҕан иһитиннэрдэ.

Афанасий Готовцевынан саха норуота киэн туттар! Биһиги бары оҕо эрдэхпититтэн төрөппүттэрбитин кытта бииргэ кини куолаһын истэн, иитиллэн улааппыппыт. Афанасий Николаевичка биһиги, саха дьоно, бүттүүн махтанабыт, — диэн туран, Ил Дархан ыйааҕынан култуура уонна духуобунас сайдыытыгар уһулуччу үтүөлэрин иһин, муусука искусствотын пропагандалааһыҥҥа, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин хаҥатыыга улахан кылаатын иһин Афанасий Готовцевка СӨ народнай артыыһа аат иҥэриллибитин туһунан анал бочуоттаах  бэлиэни туттарда.

Уһун дьоллоох олох — үөрэ-көтө сылдьыы, талан ылбыт идэни таптааһын, онно бэриниилээх буолуу — бу барыта дуоһуйууну аҕалар. Оччотугар киһи кэскилгэ, үйэлээххэ тардыһыыта улаатар, — диэн бэлиэтиир саха араадьыйатын үрдүк категориялаах диктора Афанасий Готовцев.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун аатыттан СӨ Ытык Сүбэтин салайааччы Люлия Григорьева бэрт истиҥ тыллары анаан туран, уопсастыбаннай тэрилтэ бочуоттаах бэлиэтин туттарда.

СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы  Иван Луцкан Афанасий Готовцевка: «Эн Саха араадьыйатын историятыгар саамай чаҕылхай кэми — биһиги төрөппүттэрбит эдэр саастарын олоҕун сырдаппыт дьоллооххун. Эн эдэр кэллиэгэлэргэр өр сылларга муударай сүбэһит уонна настаабынньык этиҥ. Биһиэхэ, ыччат дьоҥҥо, өрүү холобур буолаҕын!» — диэн туран, миниистир Сардаана Гурьева аатыттан Махтал суругу туттарда.

… Ити курдук, ытык кырдьаҕаска, саха норуотун ытыктанар киһитигэр Афанасий Готовцевка 50-тан тахса сыл үлэлээбит кэлэктиибэ уонна өрөспүүбүлүкэ бас-көс дьоно, диктор сүгүрүйээччилэрэ махтал уонна эҕэрдэ тыл бастыҥын эттилэр. Чугас дьонуҥ тапталларыгар уйдаран, өссө да дьоллоохтук олор, Афанасий Николаевич!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0