Саха дьонун кутун-сүрүн туппут, айылҕаттан бэриллибит кэрэ, күүстээх, киэҥ-холку куоластаах дииктэр, араадьыйаны истээччилэр ытыктаан, таптаан “Саха Левитана” диэн сүрэхтээбит киһилэрэ, Россия уонна Саха АССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ, Саха норуодунай артыыһа Афанасий Николаевич Готовцев бүгүн – “Итии чэй” ыалдьыта.
Биһиги көлүөнэ дьон, этэргэ дылы, кини дэҥҥэ көстөр, баархаттыҥы, сөҥ, ис киирбэх, күүстээх куолаһын, ыллыктаах, ылыннарыылаах тылларын, сиэрдээх кэпсээннэрин дуоһуйа-долгуйа истэн кэлбит дьоллоохпут…
—Оттон, барыта туохтан саҕаланна этэй, Афанасий Николаевич?
—Дойдубар Намҥа, Хатырык оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына, арай биирдэ куораттан Саха тыйаатырын кылаабынай режиссера Спиридон Алексеевич Григорьев тиийэн кэлбитэ. Кини хас да оҕону талан ылан, хоһоон аахтарда, ырыа ыллатта. Биһиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт, биллиилээх олоҥхоһут Бэдьээлэ олоҥхо туруорара, онно дьарыктанар буоламмыт, табаарыспыныын Кеша Охлопковтыын эрэх-турахпыт. Оннук да буолла, иккиэммитин Саха музыкальнай-драматическай тыйаатырын драмустуудьуйатыгар үөрэххэ ыллылар… Дьокуускайдыыр буоллубут.
—Эйигин үксүбүт дииктэр быһыытынан билэбит, олох даҕаны, артыыс идэлээх эбиккин дии… Аан бастакы оруолуҥ ханныгый?
—Степан Ефремов “Ини-бии” дырааматыгар Мэхээс оруолун оонньообуппун олох умнубаппын. Араас оруолу толорбутум. “Ыстаал хайдах хатарыллыбытай?” пьесаҕа Жухрайы, “Манчаары” операҕа Манчаары партиятын бастакынан толорбутум. Ая Яковлевалыын ыллаабыппыт. “Ньургун Боотур” операҕа Ырыа Чаҕаан, “Лоокуут уонна Ньургуһуҥҥа” Күһэҥэй, “Недоросльга” Митрофанушка, “Аршин Мал алан” кэмиэдьийэҕэ Сулейман, “Хотугу сибэкки” опереттаҕа Руслан партията, онтон да атыттар.
—Араадьыйаҕа үлэҕэр артыыс идэлээҕиҥ көмөлөстөҕө буолуо… Афанасий Николаевич, эйигин, диктор саҥатыгар артыыс оонньуутун сахалартан аан бастакынан киллэрбит киһинэн ааҕалларын билэбин…
—Буолуо. Мин аармыйаттан кэлэн баран, тыйаатырбар салгыы үлэлээн киирэн барбытым. Ол сырыттахпына, 1953 сыллаахха араадьыйаҕа литературнай биэриилэри ааҕа ыҥырар буолбуттара. Онно диктордары кытта билсибитим. Николай Николаев, Михаил Белолюбскай диэн настаабынньык-доҕоттордоммутум. Кинилэр миигин, арааһа куһаҕана суохтук ааҕар диэтэхтэрэ, араадьыйаҕа ыҥыран ылбыттара. Эмиэ аармыйаттан кэлбит Николай Егоров диэн уол баара. Иккиэн үс ый устата быраактыкаланааччы быһыытынан үлэлээтибит. Дьэ, иккиэммититтэн хайабытын эрэ үлэҕэ ылар күннэрэ тиийэн кэллэ. Миэстэ биир буоллаҕа. Бары летучкаҕа мустан, быһаараллар эбит. Чэ, быһатын эттэххэ, бастаан наар уолбун хайҕаатылар. Үчүгэй куоластаах, лоп-бааччы ааҕар, дииллэр. Оттон миигин сорохтор “артыыстыыр” диэн соччо ылымматтар эбит этэ. Ону, хата, оччолорго оҕо эрэдээксийэтигэр үлэлиир, кэлин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Николай Алексеевич Кондаков, музыкальнай эрэдээксийэҕэ үлэлиир, кэлин СӨ норуодунай артыыһа буолбут Тарас Павлович Местников, сэрии сылларыгар Совинформбюро иһитиннэриилэрин аахпыт табаарыһым Михаил Степанович Белолюбскай курдук аптарытыаттаах дьон миигин көмүскэһэн, ылыннарыылаахтык тыл этэннэр, куолас баһыйан, үлэҕэ ылбыттара. Онуоха, миигин талбыт төрүөттэрэ – артыыс үөрэҕэр үөрэммит буолан, дикцията үчүгэй, Москва диктордарын кэпсиир ньымалара уларыйан эрэр, онон кини сөп түбэһэр, диэн эбит. Кырдьык, урут, дакылаат ааҕан эрэр курдук, суруллубуту ааҕан биэрэллэрэ. Ирдэбил да оннук курдук этэ… Оттон мин тыйаатырга үлэлээбит буоламмын уонна Москва араадьыйатын истэр буоламмын, сахалыы кэпсээн эрэрдии саҥара сатыырым.
Трактор диэн аат…
— Араадьыйаҕа 1953 сылтан саҕалаан, бэрт уһуннук, айымньылаахтык үлэлээтиҥ. Быйыл үбүлүөйгэр биир идэлээхтэриҥ бэртээхэй кинигэ таһаарбыттар. Оттон дьэ, бу сыллар тухары араас түгэннэр, көрүдьүөстээх даҕаны түбэлтэлэр бааллара буолуо ээ…
— Бааллара. Биир саамай чаҕылхай холобур баар, ону эдэрдэргэ наар кэпсээччибин. Уопсайынан ыллахха, урут сэбиэскэй кэмҥэ бэрэбиэркэ, цензура, хааччахтааһын диэн баара. Суруллубуттан кыратык даҕаны туоруо суохтааххын. Туораатаххына, буруйга-сэмэҕэ тардыллаҕын. Оттон билигин саамай үчүгэй кэм – цензура суох, тыл көҥүлэ баар буолан, билиҥҥи суруналыыстар туохтан да куттаммакка, үчүгэй-куһаҕан туһунан аһаҕастык этэллэр-тыыналлар.
Оттон дьэ, ол көрүдьүөстээх түгэним маннык. Сарсыарда үлэбэр кэллим. Биир информацияҕа суруллубут: “Трактор Павлов күннээҕи нуорматын балтараалыы сүүс бырыһыан толордо”, — диэн. Оо, сыыспыттар, хайдах “тыраахтар” буолуой, “тырахтарыыс” ини, диэн баран, тиэкиспин бэйэм көннөрөн, “Тырахтарыыс Павлов…” диэн аахтым. Дьэ, летучкаҕа сэмэлэнним ээ! Киһим аата, кырдьык, Трактор эбит, ону талбыппынан көннөрөммүн, биирдэ кыра быыгабар ылбыттааҕым. Онтон ыла суох, тугу да көннөрбөппүн…
— Араас кэмнэргэ эдэр биир идэлээхтэриҥ эйигиттэн элбэххэ үөрэннэхтэрэ… Үөрэнээччилэргин кимнээҕи ааттыаҥ этэй?
—Бастатан туран, Елена Керемясованы, Эдуард Рудыҕы, Наталья Сазонованы ааттаталыам этэ. Уонна да элбэхтэр буоллаҕа.
“Эллэйдиин табаарыстыы этибит”
—Саха суруйааччыларыныын үгүстүк алтыстаҕыҥ… Кэпсээннэри, хоһооннору ааҕан иһитиннэрэргин дьон суохтуур ээ…
— Норуодунай бэйиэт Эллэйдиин табаарыстыы этибит. Айымньытын барытын миэхэ итэҕэйэн аахтарара. “Биир үчүгэй уоллааххыт дии, кининэн аахтарыҥ” диир үһү эрэдээктэрдэргэ. Уопсайынан, суруйааччылар миэхэ аахтаралларын сөбүлүүллэрэ, онуоха, биирдэ оннооҕор, диктордар, тиэкиһи барытын Готовцев ааҕар, гонорар үксэ киниэхэ суруллар, диэн турбуттаахтара. Онуоха, этии киллэрэммин, график оҥоттордум – бүгүн барытын бу диктор ааҕар, диэн. Ону баара, суруйааччылар син-биир, ыйыталаһан билэннэр, айымньыларын графикка мин турар күммэр аҕалаллара… Ону хайыаҥый, мин буруйум буолбатаҕа көстөн турар чахчы. Инньэ гынан, барыта орун-оннугар түспүтэ, биир идэлээхтэрим сөбүлэспиттэрэ.
—Эйигин олус үчүгэйдик ыллыыр дииллэр. Ханнык ырыаны ордук сөбүлүүгүн?
—Ыллыырбын сөбүлүүбүн. Ленинградтааҕы Римскэй-Корсаков аатынан консерваторияҕа үөрэнэ сылдьыбыттааҕым. Владимир Атлантов, Елена Образцова курдук кэлин аатырбыт опернай ырыаһыттары кытта биир кэмҥэ үөрэммитим. Ол гынан баран, оччолорго хайыы-үйэҕэ ыалбын, Музыкальнай-драматическай тыйаатырга үлэлии сылдьан, балерина Аннабын таптыы көрөн, билсиһэн, холбоспуппут, улахан кыыспыт Света төрөөбүтэ. Онон, дьоммун да ахтан, Ленинград сииктээх килиимэтин даҕаны доруобуйам атыҥыраан, Дьокуускайбар төннөн кэлбитим. Мин ордук, саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов тылларыгар “Илиибэр эн илииҥ баар курдук…” ырыаны сөбүлээн ыллыыбын.
Мин Анна Георгиевнабынаан бииргэ иллээхтик, дьоллоохтук олорбуппут 64-с сылыгар барда. Оҕолорбутугар махтанабыт, кинилэр кыһамньыларыгар куустаран, үйэбит уһаата диибит. Улахан кыыспыт Светлана Афанасьевна муусука преподавателэ, кыра кыыспыт Наталья Афанасьевна Сэбиэскэй атыы-эргиэн институтун бүтэрбитэ. Ыаллар. Катя, Антон диэн сиэннэрдээхпит. Илья, Руслан диэн хос сиэннэрдээхпит. Хос сиэннэр өссө да кэлиэхтэрэ диэн күүтэбит.
Юрий Левитаны үтүктүбэппин
—Истээччилэриҥ ытыктаан, “Саха Левитана” дииллэрин билэҕин дуу?
—Истээччибин. Ол гынан баран, мин кинини олох үтүктүбэппин. Бэйэм ис дууһабыттан ааҕарбын, кэпсиирбин сөбүлүүбүн. Куолас, тембр, баҕар ханан эрэ маарынныыра буолуо ээ. Ис-сүрэххиттэн, дууһалаахтык ааҕарга эйигин истээччилэриҥ бэйэлэрэ үөрэтэллэр. Кинилэр махтаналларын, хайгыылларын иһиттэххинэ, эн онно хардаран, өссө кыһаллаҕын, сүрэххин-дууһаҕын барытын ууран, айымньылаахтык үлэлиигин.
Мин эдэрдэргэ куруутун этэбин: саамай кылаабынайа – дьону таптыыр, үлэтин таптыыр, дьоҥҥо эрэли үөскэтэр, дьон туһугар үлэлиир киһи бу олоххо ситиһиилэнэр, сыалын
ситиһэр, уһун үйэлэнэр. Оннук үлэлээҥ, айыҥ, олоруҥ, диэн сүбэлиибин.
— Истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал, Афанасий Николаевич!
Сэмсэ тыл
Иван Борисов, Саха суруналыыстыкатын бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
—Саха араадьыйатыгар бииргэ үлэлии сылдьан доҕордоспуппут. Айар үлэһит быһыытынан күүстээх, бэйэтин дьыалатыгар олус бэриниилээх киһи. Араадьыйаны истээччи Афанасий Николаевиһы хайдах курдук ытыктыырын туоһулуур биир чаҕылхай түгэни олох умнубаппын. Оччолорго Гостелерадио үлэһиттэрэ нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур этибит. Биирдэ Горнайга тиийдибит. Оппуонньа – Афанасий Готовцев диктор үлэтин туһунан кэпсээтэ. Арай, көрсүһүү түмүктэниитигэр, дьон бары кинини кытта илии тутуһаары, уочараттаан кэриэтэ турар эбит. Уонна: “Дьэ, бачча сааспытыгар диэри эн куоласкын истэн кэллибит. Илэ бэйэҕин көрөр, илиигин тутар, кэпсэтэр дьоллоох эбиппит ээ!”,—дэһэллэр. Айар үлэһиккэ итинтэн ордук дьон-норуот истиҥ таптала, үрдүк сыанабыла баара буолуо дуо?!..
Олоҕун олуктара
Готовцев Афанасий Николаевич
1927 с. ыйын 12 күнүгэр Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин Кулаада сэлиэнньэтигэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1944 с. Хатырык оскуолатын үөрэнэн бүтэрэр.
1946 с. Дьокуускайга Саха тыйаатырын иһинэн драма устуудьуйатын бүтэрэн, артыыһынан үлэҕэ ылыллар.
1948-1951 сс. – Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, снайпер-разведчигынан Калининградскай уобалас Гвардейск куоратыгар сулууспалыыр.
1951c.—Тыйаатыр артыыһа.
1953 с.— Саха араадьыйатыгар үлэлии кэлэр.
1994 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран,
2007 с. 80 сааһыгар диэри дуогабарынан “Эдэр-сэнэх эрдэххэ” диэн араадьыйаны истээччилэр олус сөбүлүүр, кэтэһэр ааптарыскай биэриилэрин ыытар.
2017 сылга 90 сааһын туолла, СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан Саха норуодунай артыыһын үрдүк аатын сүктэ.
Кэргэниниин Анна Георгиевналыын икки кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр.
Татьяна МАРКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru