Уус Алдан Лөгөйүттэн төрүттээх Чехияҕа олорор Алена Лыткина АХШ офицерыгар кэргэн таҕыста. Кемар Веддбурн Ямайкаттан сылдьар.
Алена Рианнаҕа бастыҥа бэлэхтээбитэ
Аҕыйах сыллааҕыта Аленаны аатырар поп-ырыаһыт Рианна бэйэтин кэнсиэригэр ыҥырбыта. Онуоха кыыс киниэхэ сахалыы бастыҥа кэтэрдибитэ. Бу туһунан биһиги «Эдэр саас» хаһыакка суруйбуппутун ааҕыҥ.
Бары да билэргит буолуо, бэс ыйыгар Алена Лыткина диэн саха кыыһын аан дойдуга бэйэтин чаҕылхай ырыаларынан аатырбыт Рианна кэнсиэригэр ыҥырбыт үһү диэн сурах Интернети, хаһыаты, күөх экраны биир гына толорбута.
Дьон араас санааҕа кэлбитэ, бу кырдьык, кини Рианнаны кытта көрсүө дуо диэн. Алена туруоруммут сыалын ситиһэн, Рианнаны кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, Рианна араас уобарастарын уруһуйдаабыт кинигэтин, ону таһынан сахалыы бастыҥа бэлэхтиир чиэскэ тиксибитэ.
Мин хаһыакка, интэриниэккэ ааҕан баран, Аленаны кытта көрсөн кэпсэтиэхпин олуһун диэн баҕарбытым.
«СахаСелигер-2013» араас талааннаах ыччаты муста, олор истэригэр «Арт-квадрат» хайысхаҕа Аленаны көрсө түстүм уонна Рианнаны кытта хайдах көрсүбүтүн ыйыталастым:
Амстердам курдук улахан куоракка миигин олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, Рианна атын сүгүрүйээччилэрэ эмиэ бааллара, кинилэр миэхэ олуһун көмөлөспүттэрэ. Сүгүрүйэр ырыаһытым Рианна кэнсиэрин кэнниттэн үлэһиттэрин кытта вечеринкалыы сылдьар этэ. Маҥнай Рианна менеджеригэр илдьибиттэрэ, ол кини: “Маладьыас, кытаат, наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур эбиккин”, — диэбитэ. Ханнык эрэ киһиэхэ: “Бу кыыһы көрөн кэбис, олус талааннаах кыыс”, — диэбитэ. Ол кэннэ вечеринка буола турар сиригэр барбыппыт, кэтэһэн син да балачча олорбуппут, номнуо бары бүтэн барбыттара, биһиги онно кэтэһэн олоробут. Рианна атын сүгүрүйээччилэрин охранниктара киллэрбэтэхтэр этэ. Онтон Рианна охранниктара миэхэ кэлэн: Рианна барбыта, онон дьиэлээҥ”, — диэбиттэрэ. Ону истэн, санаам түһэн олордоҕуна, бэйэтэ тиийэн кэлбитэ, мин олох итэҕэйбэтэҕим. Мин ону көрөн үөрүүбүттэн ытаан бардым, олус диэн долгуйбутум. Мин ханна кэлбиппин-барбыппын барытын билэ сылдьар этэ.
Миэхэ утары хааман кэлэн баран: «Үчүгэй баҕайытык таҥна сылдьаҕын дии», — диэн кэпсэтиини саҕалаабыта. Куус да куус буолбута, миигин ытаама диэн уоскуппута. Элэккэй баҕайы, боростуой киһи курдук, аан дойду бары сөбүлээн истэр сулуһа диэбэккин, киһиэхэ эйэҕэс баҕайытык сыһыаннаһар эбит.
Киниэхэ илдьэн биэрбит илин кэбиһэрбин “Золотой точка ру” диэн ювелирнай фирма үлэһитэ Георгий Андреев оҥорбута. Үрүҥ көмүс буолбатах, үрүҥ көмүһү ыыттара сатаабытым даҕаны, ким да ыыппатаҕа, итэҕэйбэттэр быһыылаах этэ. Боростуой да баҕалаах, ким да оҥорон ыыппатаҕа эбитэ буоллар, кумааҕынан да оҥорон биэриэм этэ. Ону таһынан, кинигэбин биэрбитим, ол кинигэбэр таҥастара ханнык фирма буоларыгар тиийэ баар.
Мин биэрбит бэлэхпин көрөн наһаа үөрбүтэ, хаһан да көрбөтөх буоллаҕа дии, ол иһин олус диэн сөхпүтэ. Ол илин кэбиһэргэ аата сурулла сылдьарын көрөн өссө үс бүк үөрбүтэ. Кэтэн көрбүтэ, ону мин: “Маны өссө ханна эрэ кэтээр”, — диэбиппин, үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Ол кэннэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүппүт. Миигин үчүгэйдик көрсүбүтүттэн мин олус диэн үөрэбин.
Ол эрэн, мин кинини көрсө барарбын сорох дьон итэҕэйбэтэҕэ. “Ykt.ru” форумҥа «Cымыйанан харчы ылаары албынныы сылдьар, тугу да гыммакка сылдьан, — диэн арааһы бары суруйбуттар этэ. Мин онно үөрэммэккэ, уруһуйдуу-уруһуйдуу олорорум курдук, суох, мин күнү быһа үөрэнэбин, ол кэннэ кэлэммин түүннэри уруһуйдуубун. Утуйарга биир да чаас баҕалаах миэхэ. Кэнсиэркэ барыам иннинэ, туох баар эксээмэннэрбин барытын үрдүк баалга туттарбытым. Дьон саҥатын улахаҥҥа уурбатаҕым, күнүүлээн итинник саҥараллар дии санаабытым.
Олох кырабыттан уруһуйдуур этим диэбэппин, оҕо курдук уруһуйдуур этим. Туох да күрэхтэргэ кыттыбат этим. Онтон улаатан баран, уруһуйунан үлүһүйбүтүм.
Инникитин баҕар үөрэхпиттэн көһөн, дизайнер үөрэҕэр үөрэммит киһи дии саныыбын.
Миигин бу «СахаСелигергэ» ыҥырбыттара, айылҕаҕа эҥин сылдьар үчүгэй диэн кэлбитим. Үөрэнэр сирбэр Чехияҕа тыынар да салгын суох диэбит курдук. Онтон манна Сахам сиригэр тыынар салгынныын кэрэ.
Инникитин Рианна уруһуйдаах футболка оҥорторон, атыыга таһаарыахпын баҕарабын даҕаны, хайдах эрэ үп-харчы өттүнэн кыаллыа суох курдук. Кинигэ таһаартарыахпын баҕарбытым даҕаны тохтоон эрэрэ буолуо, — диэн Алена Лыткина Рианнаны кытта көрсүбүтүн кэпсээтэ.
Тоһоҕолоон этэр буоллахха, «Арт-квадрат» хайысха кыттааччылара бырайыактарын көмүскээтилэр, онно Алена Рианна сахалыы бастыҥалаах футболкатын оҥорторон, ону таһынан альбом-кинигэтин атыыга таһаартарыаҕын баҕарарын туһунан санаатын эппитин, дьүүллүүр сүбэ: «Тоҕо эн бу атын омук артыыстарын уруһуйдуугун? Ол кэриэтин саха кэрэ кыргыттарын курдук куукулалары уруһуйдууруҥ быдан үчүгэй буолуо этэ» , — диэтилэр.
Онон, мин санаабар, Сахабыт сирин биир талааннаах кыыһа Алена Лыткина саха кэрэ кыргыттара ойуулаах кинигэтин сотору атыыга көрөрбүт буолуо диэн эрэнэ күүтэбин.
Хаартыска: соц. ситимтэн.