Саха кыһыҥҥы таҥаһа болуоссакка таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха кыһыҥҥы таҥаһын дьон-сэргэ бырааһынньыкка эрэ буолбакка, күннээҕи таҥас быһыытынан тиктэн кэтэр эбит. Ол бүгүн Норуот маастарын күнүгэр ыытыллыбыт Ленин болуоссатыгар сэлэлээн хаамыыга ордук чаҕылхайдык уонна сонуннук көһүннэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин «Симэх» норуот искусствотын быыстапка үлэтигэр исписэлииһэ Радомира Баишева иһитиннэрбитинэн, саха таҥаһын кэтэн баран сэлэлээн хаамыыга 22 улуустан, 2 куораттан (Нерюнгри уонна Дьокуускай), 4 үөрэх кыһатыттан ( Дьокуускайдааҕы художественнай училище, Намнааҕы педколледж, АГИКИ, Дьокуускайдааҕы сервис уонна дизайн технологическай колледжа), 2 уопсастыбаннай тэрилтэ (Куукула оҥорооччулар сойуустара уонна «Саха таҥаһа» түмсүү) кыттыыны ыллылар.

Быйыл «Саха сирэ — уус түһүлгэтэ» диэн тэрээһиммитин 7-с төгүлүн ыытар буолан, улуустары кытта ыкса үлэлэһэбит. Култуура управлениеларыгар биллэрээппитин кытта, норуот маастарын эрэ буолбакка, уус дьоннорун хомуйа тардаат, бары тутуспутунан көхтөөтүк кытыннылар. Быйыл сэлэлээн хаамыыга рекламатын үчүгэйдик ыыттыбыт. Ол курдук араадьыйанан уонна телевизорынан аһаҕас биэриилэргэ хаста да тахса сырыттыбыт. Онон бастакы тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык ааста, — диэн бэлиэтиир Радомира Баишева.

Сэлэлээн хаамыы дьоруойдарынан Эбээн Бытантайтан сылдьар Самойловтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар. Иккилээх Аселя Самойлованы кытта хаартыскаҕа түһээччи элбэҕэ бэрт буолан, уочарат кытта үөскүү сырытта.

Биһиги Эбээн Бытантайтан сылдьар норуот маастара Антонина Колесова таҥастарын өрүү кэтэн көрдөрөөччү быһыытынан сылдьабыт. Кини үс көлүөнэ Самойловтарга кэмнээн тикпит таҥастарынан соторутааҕыта Москваҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кыттан кэллэ. Маастар икки саастаах Аселя таҥаһын бэйэтигэр кэмнээбэккэ хараҕынан быһа холуйан тикпитэ. Ол таҥаһын кэтэн, сиэммит кыысчаан бүгүн «күннээтэ». Биһиги  үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ сылдьан олус астынныбыт. Аны бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар буолуохпут«, — диэн санаатын үллэстэр ыал аҕата, Аселя эһэтэ Степан Самойлов.

Быйылгы бастакы тэрээһиҥҥэ — сэлэлээн хаамыыга эр киһи элбэҕэ сөхтөрдө. Эчи таҥастара сиэдэрэйин! Саха эр киһитэ кыһыҥҥы таҥаһа баай да буолар эбит.

Сонун тэрээһин биир итэҕэһин бэлиэтиир тоҕоостоох. Сэлэлээн хаамыы саҕаланыытыгар массыынаттан саха ырыаларын быыһыгар норуот маастардарын хаамыытын туһунан нууччалыы тылынан кэпсээн испиттэрэ, истэргэ олус сонун этэ. Болуосакка чугаһаан баран, муусука да, диктор саҥата да тохтоон хаалла. Дьон хааман бүтэн баран, салгыы «тугу гынабыт?» диэбиттии, уу-чумпуга туран хааллылар. Бу манна култуура министиэристибэтиттэн дуу, Норуот доҕордоһуутун дьиэтиттэн дуу, Ил Түмэн дьокутааттара дуу эҕэрдэ тылы этиэхтэрэ хаалла. Онон кэлэр өттүгэр тэрээһин түмүгэр болҕомто уруллара буоллар. Бу мин тус санаам буолбатах, кыттааччылар санааларын тиэрдэбин.

Бэртээхэй тэрээһин буолла. Дьон санаата кэллэ. Быйылгыттан ыла Норуот маастарын күнүгэр сэлэлээн хаамыы үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыллар буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0