Саха култуурата — Русскай арыыга

Бөлөххө киир:
Хаартысканы Айсен Деллохов тиксэрдэ.

Балаҕан ыйын 10 – 17 күннэригэр Владивосток куорат Русский арыытыгар Уһук Илиҥҥи федеральнай университет Кампуһун иһинэн Илин экэниэмикэ пуорумугар «Улица Дальнего Востока» пуорум ыытыллар. Манна эрэгийиэннэр култуурунай бырагыраамаларынан кытталлар.

Былырыын Саха сирин култуурунай бырагыраамата пуорумҥа бастыҥ аатын ылбыта. “Бу сырыыга жанр эгэлгэтин көрдөрөр сыал туруордубут, элбэх ыччаты сыһыардыбыт. Саха сирин култууратын уонна ускуустубатын араас хайысхаларын, саха киинэтин, үҥкүүтүн, профессиональнай балетын, хомус дьиэрэйэр тыаһын, ырыатын көрдөрөллөр», – диэн кэпсиир култуура миниистирин солбуйааччы Марина Силина.

Дэлэгээссийэ 40 – тан тахса киһиттэн турар. Ол курдук, ХИФУ иһинэн үлэлиир Ньургун Индеев салайааччылаах «Уран» үҥкүү ансаамбыла, Юта Асекритова салайааччылаах СӨ Ис дьыала министиэристибэтин «Служба 02» ансаамбыл, Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын артыыстара Мария Кузьмина, Валерий Аргунов (сал. Екатерина Тайшина), Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Анастасия Алексеева, Ю.Е.Платонов аатынан эстрада тыйаатырын артыыһа – ырыаһыта Амгаяна, хомусчут Айсен Деллохов, Г.М. Гривошапко аатынан Судаарыстыбаннай филармониятын симфоническай хорун артыыһа Дмитрий Никифоров – Келлер, ди – джей Добун кытталлар. Ону таһынан, бу сылга Дора Николаева моделларын fashion-көрдөрүүтэ ыытылынна. Култуурунай бырагыраама режиссерунан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Константинов, координаторынан Майя Ермолаева буолаллар.

«Саха сириттэн 45 киһи буоламмыт култуурунай тэрээһини оҥоро, Хомус түмэлиттэн икки буолан кэлбиппит. Кэллиэгэбиниин Туйаара Жиркованы кытта быыстапка тэрийдибит уонна култуурунай бырагыраамаҕа кыттынныбыт. Пуорум ыалдьыттара кэнсиэрбитин олус сэргээтилэр. Хомус быыстапкатыгар элбэх норуокка хомус баар эбит диэн дьон – сэргэ сөҕөр», — диэн кэпсиир Айсен Деллохов.

Хаартысканы Георгий Уваровский тиксэрдэ.

Пуорум кыттааччыта Георгий Уваровскай санаатын кытта үллэстэр: “Биһиги, “Уран” үҥкүү ансаамбыла көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Уопсайа – 16 – быт. Бөлөхпүт Арассыыйа таһымнаах элбэх куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар. Барыта олус үчүгэйдэик ааста. Мин Владивосток куоракка бастакыбын кэллим. Онон күннэтэ үөрүү – көтүү .аргыстаах, хас биирдии түгэни мүччү туппакка, туһалааҕы көрө, иҥэринэ сылдьабыт”.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0