Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Казахстан өрөспүүбүлүкэтин Алматы куоратыгар саха киинэтин күннэрин арыйар өрөгөйдөөх тэрээһин буолан ааста. Бу Арассыыйа култууратын министиэристибэтэ тэрийбит «Русские сезоны» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Үөрүүлээх быһыыга — майгыга ССРС норуодунай артыыһа Асанали Ашимов, киинэ диэйэтэллэрэ Фархат Шарипов, Карлыгаш Мухамеджанова, Азиз Бейшеналиев, Ерден Телемисов, Булат Нусимбеков, Сануржан Сулейменов сырыттылар. Бу туһунан «Сахафильм» хампаанньа иһитиннэрэр.
Саха итэҕэлин сиэрин — туомун, үгэһин тутуһан, алгыс ыытылынна. Мустубут дьоннор үтүө санааларын анаан, саламаны баайдылар. Ыалдьыттарга «Айта» киинэни көрдөрүлэр. Оттон киинэ тула ырытыстылар, көрөөччүлэр киинэни оҥорон таһаарааччыларга боппуруостары биэрдилэр.
«Сахафильм» хампаанньа