Саха киинэтин 2035 сылга диэри сайыннарар былаан тахсыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев саха киинэтин сайдыытыгар анаммыт саҥа былаан бэлэмнэнэ сылдьарын туһунан ТАСС суруналыыстарын кытта интервьютугар кэпсээтэ.

edersaas.ru

— Эрэгийиэҥҥэ киинэ сайдыытыгар туһаайыллар былаан иккис түһүмэҕэр киирдибит — сотору 2035 сылга диэри сайдыыны барыллыыр докумуон олоххо киириэҕэ. Ону таһынан саха киинэтин туһунан туспа сокуон ылыллыан сөп, ол ырытыыта билигин бара турар. Ити сокуон сайдан эрэр киинэ сүүрээнин систиэмэ быһыытынан өйүүргэ көмөлөһүө этэ, — диэтэ эрэгийиэн салайааччыта.

Ону таһынан, 2021 сылга бүддьүөттэн олохтоох киноматографияны өйүүргэ 80 мөлүйүөн солкуобай биэрэр туһунан эрдэ соруйуллубутун санатан эттэ.

«Ыам ыйыгар биһиги киинэбит сайдыытыгар анаммыт субсидияны түҥэтэргэ аналлаах күрэһи ыытыахпыт” — диэн былааннаммыт тэрээһин туһунан кэпсээтэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0