Саха киинэтэ сарсыҥҥылаах

Бөлөххө киир:

(“Бүгүн-былыр” диэн киинэ сүрэхтэниититтэн санаалар…)

Бэҕэһээ, муус устар 21 күнүгэр, “Лена” киинэ тыйаатырыгар биллиилээх режиссер Александр Лукин туруорбут «Бүгүн-былыр» («Сегодня – прошлое») диэн кэмиэдьийэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Александр Лукин көрөөччүлэргэ «Государственные дети», «Белый ангел тундры», «Тыын», «Ильмень үрдүнэн туруйалар», «Тыгын Дархан» диэн киинэлэринэн биллэр. Кинини кытары продюсердар Сандал Баишев, Гаврил Адамов, туруорааччы-оператор Юрий Бережнев («Ол Сайын», «Тайна Чингис Хаана», «24 снега», «Тыгын Дархан»), туруорааччы-худуоһунньук Петр Соловьев-Саргын уо.д.а. Бу айымньылаах үлэлэрин түмүгэр көрөөччүлэргэ бэҕэһээ киинэ тыйаатырыгар толору көрөөччүлээх сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаах ааста.


Тэрийээччилэр киинэҕэ кэлбит дьону алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр. Саҥа айымньы сүрэхтэниитигэр буоларын курдук, айар бөлөҕү кытта режиссер Александр Лукин биир-биир билиһэннэрбитин көрөөччүлэр истиҥник ылыннылар, күргүөмнээх ытыс тыаһынан махталларын биллэрдилэр.
Бу киинэни Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгин хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт кэрэ айылҕалаах, сиэдэрэй сибэккинэн, сардаананан симэммит сиригэр-уотугар уонна Дьокуускай куоракка устубуттар.


Сүрүн оруолу вайнер, блогер Ярослав Лебедев-Кубалыырап толордо. Ярослав талба талааннаах артыыс буоларын режиссер таба көрөн итэҕэтиилээхтик туруорбут. Талааннаах артыыс ардыгар саҥата да суох мимика көмөтүнэн кэлбит дьону тото күллэртээтэ, сэргэхситтэ, киинэ ис хоһоонун толору арыйарга туох баар күүһүн-күдэҕин ууран оонньоон көрөөччүлэри астыннарда. Кинини кытта номнуо көрөөччүлэргэ биллэр Саина Иванова, Олег Беляев, Георгий Бессонов, Иван Попов олус табыллан оонньоотулар.
Быйыл биһиги, Саха Сирин олохтоохторо, автономияны ылбыппыт 100 сылын бэлиэтиибит. Чахчы улахан бэлиэ сыл. Бу “Бүгүн-былыр” диэн киинэҕэ саха ыччата төрдүн-төбөтүн үөрэтэн, аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан төрөөбүт тылынан саҥарыахтаах, билиэхтээх, бу кэрэ айылҕатыгар дьиэ-уот туттан оһоҕун буруота унааран кэскили түстүөхтээх, түмсүүлээх буолан, бэйэ-бэйэтигэр көмөлөһөн, сомоҕолоһон сайдыыга эрэллээхтик хардыылыахтаах диэн санааны айар бөлөх көрөөччүлэргэ олус итэҕэтиилээхтик тиэртэ.


Киинэ таҥыллыытыгар, билэрбит курдук, элбэх киһи үлэлиир, сүүрэр-көтөр. Алексей Алексеев, Алексей Тихонов, Илья Соловьев, Петр Соловьев-Саргын, туруорааччы-худуоһунньук салайааччылаах худуоһунньук-оформителлар, киинэ материальнай чааһын туттар малларын, дьиэлэрин-уоттарын, дьоруойдар таҥастарын-саптарын, сэрии сэбин-сэбиргэлин көрөөччүнү интэриэһиргэтэр гына таҥмыттар. Кэлбит көрөөччүлэр бэрт элбэх туһалаах иһитиннэриини ылан тарҕастылар. Биллэн туран, бу ситиһии Аркадьева Альбина, Ньургуяна Филиппова, Людмила Баишева-Федорова кыттыылара суох кыайтарбат дьыала буоллаҕа.


Айар бөлөххө, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран өссө биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: бу киинэ көрөөччүлэрэ үксүлэрэ эдэр ыччат, оҕо-аймах. Ону бэлиэтии көрөн, олус үөрдүм, санаам сандаарда. Ол аата саха норуота кэскиллээх, саха киинэтэ сарсыҥҥылаах!

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Светлана ЕГОРОВА-ТУЛУЙХААНА, суруйааччы

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0