Саха киинэтэ: атын кэм, атын өй-санаа

Ааптар: 
27.08.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр оҥоһуллубут бастакы киинэни Арассыыйа таһымыгар таһаарбыт киһинэн “ART Doydu” устуудьуйаны төрүттээччи, продюсер Марианна Скрыбыкина буолар.

edersaas.ru

«Сайсары күөлгэ» киинэ нууччалыы «Мой убийца» диэн ааттанан, 2016 сыллаахха Москватааҕы бэстибээлгэ кыттыыта, саха дьонугар үөрүүлээх сонун этэ.
Бүгүн Арассыыйа киинэтин күнүгэр продюсер, сценарист, айар куттаах Марианна Скрыбыкинаны кытта саха киинэтин ис тутулун туһунан кэпсэтэбит.

ТИЭМЭҔЭ ТАБА ТАЙАНЫЫ

— Эн биир интервьюгар, тиэмэҕэр таба тайамматтаххына, көрөөччүнү тэйи­тиэххэ сөп диэн этэн тураҕын…
— Оннук. Саха көрөөччүтэ – олох атын киһи. Кини киинэни ­аҥаардастыы көрөн эрэ олорбот. Киинэ дьоруойугар тус бэйэтэ киирэн хаалан, ол оруолу бэйэтэ толорорун курдук турукка киирэр. Ол да иһин буолуо, сыл аайы саха көрөөччүтүн ирдэбилэ улаатан иһэр диэххэ сөп. Онуоха биһиги, киинэ устааччылар, сценаристар, артыыстар тус кылааппыт эмиэ баар диэхпин сөп. Биһиги көрөөччүбүтүн хаачыстыбалаах киинэни көрөргө үөрэттибит. Урукку сылларга дьон баҕатын учуоттаан, сахалыы эрэ саҥарар киинэни устарга дьулуһар эбит буоллахпытына, билигин көрөөччү сценарий, устуу, тыас-уус курдук көрүҥ хаачыстыбатыгар болҕомтотун ордук уурар буолла.

НАРНИЯ АПТААХ ДОЙДУТУН КУРДУК

— Саха сирин кэрэтин көрдөрүүгүт «Мой убийца» киинэни ураты тыыннаабыта чахчы. Көмүс хостуур улуустартан талан, тоҕо чуолаан Өймөкөөнү устубуккутуй?
— Өймөкөөн айылҕата, адаар таас хайалара, өрүстэрэ – дьикти кэрэ Нарния аптаах дойдутугар тэҥнээх. Ол иһин айылҕа хаартыскаларын көрө олорон, тута ити улууһу талбыппыт. Өймөкөөн айылҕата киинэ ис хоһоонун олус дириҥэтэн көрдөрбүтэ.

ҮБҮЛЭЭҺИН – УУСТУК БОППУРУОС

— Киинэни устууга үбэ хайдах кыалларый?
— Биллэн турар, ким «киинэ устаргытыгар бачча үбү көрөбүт» диэн илиитин утары уунуой? Бастакы саҕалааһыммар үбүлээһини мин эрэкэлээмэ биэрээччилэртэн, спонсордартан, миигин өйүүр дьонтон, тэрилтэлэртэн булар этим. Өйөбүл көрдөөн, олус элбэх тэрилтэни кэрийэрим. Дьолго, миигин өйүүр дьон көстөн, Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар тахсан эрдэхпит дии. Онон мин кинилэргэ, саха киинэтин бастакынан өйөөбүт үгүс дьоммор, барҕа махталбын тиэрдэбин.


— «Эрэкэлээмэ» диэн тылы тутуннуҥ дии. Ким ол киинэҕэ тугу эрэкэлээмэлиирий?
— Мин продюсердыыр үлэбин саҕалыырбар «продакт-плейсмент» диэн, нууччалыы эттэххэ, «скрытай реклама» көрүҥү киэҥник туһанар этим. Холобура, «Мой убийца» киинэҕэ «продакт-плейсмент» хото туттуллар. Ол курдук, биһиги киинэ үбүлээһинин өйөөбүт тутааччы дьиэлэрин эрэ устубуппут. Кылаабынай дьоруой айанныыр массыыната — «УАЗ-Патриот». Бу олохтоох дилер атыылыыр массыыната. Ити курдук холобуру аҕала туруохха сөп.
— Оттон билигин үбүлээһини хайдах булаҕын?
— Бастакы кэмҥэ холоотоххо, билигин олох атын хартыына, атын кэм, атын өй-санаа. «Мой убийца» киинэ кэнниттэн санаабыт бөҕөргөөн, кынаттанан, билигин олох таһымнаах, өрөспүүбүлүкэ таһыгар, буолаары буолан, нууччалыы эттэххэ, «экспорга» барар бородууксуйаны бэлэмнээн та­­һаарарга дьулуһабыт. Биллэн турар, бу маннык ирдэбилгэ эппиэттиир, атын дойду киинэлэрин кытта күрэстэһэр айар үлэни урукку курдук 5 мөлүйүөн солкуобайга оҥорон таһаарбаккын. Онон билигин мин, продюсер быһыытынан, олох атын хайысхалаахтык, аан дойду киинэтин индустриятын тэҥэ инвестиция көрдөөһүнүн таһымынан үлэлиибин. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох, үгүс билиини-көрүүнү эрэ­йэр көрүҥ.

САҤА КИИНЭЛЭР

— Билигин ханнык киинэни уста сылдьаҕыт?
— Икки киинэҕэ үлэлэһэ сылдьабыт. «Иччи» диэн мистическэй триллер. Киһи этин сааһынан киирэр, уйулҕатын хамсатар ис хоһоонноох киинэ режиссера Костас Марсан. Быйыл улахан экраҥҥа таһаардарбыт диэн былааннаахпыт. Сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, хаһан киэҥ араҥа дьүүлүгэр тахсара биллибэт.
Иккис киинэбит «Легенды земли Олонхо» («Хаар кынат») — фэнтези, историческай, мүччүргэннээх сырыылардаах киинэ. 2022 сылга таһаарардыы былаанныыбыт.

ИДЭТИЙБИТ КААДЫР ОРУОЛА

— Биллэн турар, аан дойдуга тахсар таһымнаах киинэни устууга анал үөрэхтээх каа­дырдар, исписэлиистэр кытталлара буолуо дии?
— “ART Doydu” киинэ хампаанньата дойду бастыҥ киинэ устуудьуйаларын кытта бииргэ үлэлиир. «Иччи» уонна «Легенды земли Олонхо» («Хаар кынат») киинэлэри устууга идэтийбит, уопуттаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Ол курдук, оператордар, худуоһунньук-постановщик, грим худуоһунньуга, тыаһы-ууһу таҥар режиссер, CGI продюсердар, сценаристар, гафердар – киинэ индустриятын толору баһылаабыт, анал идэлээх, ыҥырыллан кэлбит уопуттаах исписэлиистэр.
Маны таһынан, Саха сириттэн тахсан эрэр кыахтаах ыччаттары бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр киинэ устуутун идэтигэр үөрэнэ сылдьан, баҕа өттүлэринэн биһиэхэ сыстан, быраактыкаларын бараллар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу көннөрү үлэ көрдүү сылдьар ыччат буолбатах. Биһиги үлэбитин кэтээн көрөн, үөрэтэн баран, «мин кинилэртэн элбэххэ үөрэ­нииһибин» диэн соруктаах кэ­­лэллэр. Бу маннык дьон хайаан да Саха киинэтин сайыннарыахтарыгар эрэнэбин. Кинилэр ааттарын кэнэ­ҕэс дорҕоонноохтук истиэхпит турдаҕа. Хомойуох иһин, бу тарбахха баттанар дьон. Онон сайдыылаах үйэҕэ кыахтаах, бэйэтин көрдөнөр ыччат, киинэ индустриятын салаатын үөрэҕэр хайаан да туттарсан киириҥ. Өскө туох эмэ этиилээх, идиэйэлээх, сонун быра­йыактаах буоллаххытына, миигин тус бэ­­йэбин кытта билсиҥ: art.doydu@gmail.com. Барыгытыгар хоруйдуоҕум, сүбэ-ама буолуом.

САХА АЙАР КУТА ТИРЭХТЭЭХ

— Саха киинэтэ эмискэ өрө тахсыытын эн хайдах быһаараҕын?


— Бу туһунан атын омук дьонун санаатын истэр ордук. Мин бу тиэмэҕэ биир идэлээх казах доҕотторбун кытта кэпсэтэн турар­даахпын. Кинилэр: «Эһиги киин сиртэн олус ыраах олороҕут. Ол иһин бэйэҕит тылгытынан холкутук саҥараҕыт, толкуйдуугут, туох да булкаас тылгыт суох. Эһиэхэ тэҥнээтэххэ, биһиги эйгэбитигэр бэйэбит тылбытынан саҥарар киһи ахсааннаах. Сахалар ис санааҕыт күүстээх, айар куккут бөҕө, тирэхтээх. Ол иһин бэйэҕит тылгытынан уһуллар киинэни ис дууһаҕытыттан ылынаҕыт», — диэн эппиттэрэ. Мин санаабар, бу дьон сөпкө бэлиэтээбиттэрэ. Былыр дьон олоҥхоһуту хонноро сытыаран олоҥхолотоллоро, тойуксут ыҥырыыга сылдьан тойуктуура тугу кытта си­­бээстээҕий? Ол кэпсэммити киинэ курдук оҥорон көрүүнү, киһи ол атын олоххо бэйэтинэн киирэн хаалыытын кытта сибээстээх. Ол аата, саха киһитигэр кини айар кута — өбүгэ саҕаттан хааныгар бэриллибит эйгэтэ.

… Сэһэргэһээччим каадырдары иитэн таһаарыы туһунан тус санаатын кытта толору сөбүлэһэбин. Билигин «блогербын» дэнэр киһи үксээн, бары кэриэтэ араас сюжеты устарга холонобут. Оттон саҥалыы көрүүлээх ыччаты этэ да барбаккын. Онон, оҕолор, кыаххытын туһаныҥ. Аныгы үйэ дьоно бэйэлэрин кыахтарын, айар-тутар дьоҕурдарын саһыара сытыарбакка, күөстүү оргуйар олох тэтимигэр түбэһиннэрэн, саха киинэтин Арассыыйа эрэ таһымыгар буолбакка, аан дойдуга тиийэ аатырдар соруктаах үлэлии сылдьаллара бу суруйуум дьоруойун тус холобуругар көһүннэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0