Саха киинэһиттэрэ: «Киинэни көҥүлэ суох көрүү – уоруу биир көрүҥэ!»
Ааспыт ый бүтүүтүгэр биир сонун элбэх ырытыыны таһаарда. “Хара хаар” киинэни киинэ тыйаатырын саалатыгар төлөпүөҥҥэ уоран устан баран «YouTube» ситимҥэ укпут киһини тутаннар, холуобунай эппиэтинэскэ тардыбыттар. Мэҥэ Хаҥалас борокуратуурата киинэ уоруйаҕа п. «в» ч. 3 ст. 146 УК РФ (авторскай быраап эбийиэгин көҥүлэ суох туһаныы) ыстатыйаны кэспитин билинэн, холуобунай дьыала арыйбыт. Сокуону кэһэн угуллубут киинэни сабыахтарыгар диэри 15 күн ааспыт, ол кэм устата 4,7 тыһыынча кэриҥэ киһи көрбүт. Киинэ хаһаайына наймыласпыт юристарын сыанабылларынан, 1 мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобай кэриҥэ хоромньу тахсыбыт.
Саха киинэтэ саҥа баар буолуоҕуттан, киинэһиттэр бу кыһалҕаны кытта көрсүбүттэрэ. Урут (дьиҥэр, ити “урут” диэн, аҕыйах сыллааҕыта) “пираттааһын” видеокассета, DVD нөҥүө буолар эбит буоллаҕына, билигин быдан киэҥ далааһыннаах, онон быдан улахан хоромньулаах “онлайн” ресурстарга таһаарааһын буолбут. Бу кыһалҕаны кытта уонунан сыллар усталарыгар киирсибит, дьиҥнээх хоромньуну көрсүбүт дьону кытта, идэтийбит киинэ продюсердарын кытта көрсөн кэпсэттим. Тус санааларын, хайдах быһаарыллыахтааҕын, инникитин тугу күүтэллэрин токкоолоһон ыйыталастым.
Семен Шишигин, «Сэттээх сир-2», «Ийэкээм», «Миигин кытта үҥкүүлээ» уо.д.а. киинэлэр продюсердара:
— Биһиги көлүөнэ дьон бэрт дьалхааннаах, сокуону тутуспат кэмҥэ олоро сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ лиссиэнсийэтэ суох киинэни, оонньууну, көмпүүтэр бырагырааматын туһаныы туох эрэ куһаҕан кэмэлдьи курдук ааҕыллыбат курдуга. Ол кэмтэн хаалбыт интеллектуальнай бас билиини билиммэт буолууну суох оҥоруохтаахпыт. Хайа, уонна олох даҕаны чэпчээтэҕэ дии, киинэ сыанатын уйуммат киһи диэн билигин суох. Билигин кэм уларыйбытын, урукку курдук быһыыланыы сатамматын дьон өйдүөх тустаах. Хата эдэр оҕолор итини быдан түргэнник ылыналлар, кинилэр улааттахтарына, кинилэр ииппит оҕолоро улааттахтарына, бу кыбыстыылаах көстүү улам симэлийиэ дии саныыбын. Ол эрэн, билигин даҕаны авторскай быраабынан көмүскэнэр суопсунаһы көмүскүүр үлэни кытаанахтык ыыта туруохтаахпыт. Холобур, Дмитрий Давыдов устубут “Ийэкээм” киинэтин уоран укпут телеграм-ханаалы утары борокуратуураҕа сайабылыанньа суруйан, ирдэһэ сылдьабын. Дьон үлэтигэр убаастабыллаах сыһыан дьоҥҥо барытыгар баар буолуохтаах.
Марианна Сиэгэн, “Айыы уола”, “Сайсары күөлгэ түбэлтэ…”, “Иччи” уо.д.а. киинэлэр продюсердара:
– Оо, ити кыһалҕаны кытта саҥа үлэлиэхпиттэн быһаарсабын. “Айыы уолун” уорбуттара, “Сайсары күөлгэ…” уорбуттара, “Иччини” кытта маҥнайгы күнүттэн төлөпүөҥҥэ устан саайтка таһаарбыттара. Бастаан “Айыы уола” тахсыбытын кэнниттэн хайдах буоларбын билбэт да буолларбын, уоруйахтары, тарҕатааччылары сойуолаһан көрбүтүм. Туппут дьонум үксэ саастарын сиппэтэх оҕолор этилэр, биир киһи бэйэтин кыаммат инбэлиит этэ. Олору утары тугу гыныаххыный? Аһынан, туох да миэрэ ылбакка, ыытан кэбиспитим. Дьиҥэр, билигин “сыыспыппын дуу?” дии саныыбын. Ол кэмҥэ кытаанахтык, дьон саҥарарын курдук туппутум буоллар, бүгүн кыһалҕа арыый кыра буолуо этэ дуу, хайдах дуу. “Сайсары күөлгэ…” DVD нөҥүө пираттаабыттарыгар маҥнайгы үрүҥ баттахтарым бытыгыраабыттара. Туспа сыаналыыр хампаанньа анаалыстаан көрөн, 1 мөлүйүөн кэриҥэ ночооту аахпыта. Дьон өйдүөх тустаах – сүүһүнэн анал үөрэхтээх дьон хас да ый устата уустук усулуобуйаҕа сылдьан оҥорбут үлэлэрэ хайдах да босхо буолуон сатаммат, барыта төлөнүөхтээх. Билигин “Иччи” бырайыакпыт көмүскэлинэн дистрибьюторбыт “Капелла” хампаанньа наймыласпыт анал тэрилтэтэ дьарыктанар. Онно биһиги курдук аһыныгас дьон суох, олоччу сокуон этэринэн дьаһаналлар. Уоруу аата уоруу, төһө ночооту оҥорбуттарынан суукка биэрэн ирдиэхпит. Степан Бурнашев саҕалаабыт дьыалатын саппакка, тиһэҕэр диэри тиэрдиэхтээх, дьоҥҥо ити холобур буолуо этэ.
Ньургун Иванов, “Суол”, “Хопто хаһыыта”, “Чээрин” уо.д.а. киинэлэр продюсердара:
– Бу кыһалҕа киинэ устуу саҥа саҕаланыаҕыттан баар. Урут илэ тутан “үөрэтэр” түгэннэр кытта бааллара. Ол да буоллар, аһыныгаспыт бэрт, наар “саха киһитин бырастыы гыныахха” диэн буолар. Дьиҥэр, дьон атыылыы турар табаардарын босхо уктан баран хаама турбут киһини төһө аһынааччыларый? “Эйиэхэ элбэх дии” диэн баран оттуу сылдьар сиргиттэн биир бугулу тиэнэн барыым, идэһэҕиттэн биир буут эти сойботуум? Киинэ былааннанан, “баччаны барыыбын, баччаны киллэрэбин” диэн таҥыллар, сыралаах үлэ түмүгэ. Билигин дьону босхо киинэ көрүү сатаммат диэн толкуйга үөрэтиэх тустаахпыт. Ол иһин мин режиссердар, продюсердар киинэлэрин кэм ааспытын кэннэ көҥүл көрдөрүүгэ таһааралларын утарабын. Дьону “халяваттан” аккаастаналларыгар үөрэтиэхтээхпит. Саатар Ютубка буолбакка, Sakhamovie саайтка уган, бэйэ дьоно үлэтин өйүүр ресурсу сайыннарыаҕыҥ ээ.
Ити Ютубка уоран ылбыт киинэбин уган “монетизация” нөҥүө харчылаһыам диир санаа сымыйа. Син биир дуоннаах үбү өлөрбөттөр, оттон итинник быһыы иһин холуобунай эппиэтинэһи ким даҕаны уураппатаҕа. Билигин күннээҕи түбүктэрим биир уларыйбат түгэнэ — “Вконтакте”, “Ютуб”, “Телеграм” платформаларга тахсыбыт уоруллубут куоппуйалары сайаапка түһэрэн сотторуу буолар. Киһи кэлэйиэх, 50-60 саастаах дьон, “мин саайтым патриотическай үөрэҕириинэн дьарыктанар, үҥсүүгүн төттөрү ыл, киинэҕин босхо көрдөрөрү көҥүллээ!” диэн суруйаллар. Киһи үлэтин босхо туһанар сыыһа диэн санаа өйдөрүгэр да суох.
Степан Бурнашев, “Маҥнайгы таптал”, “Республика Z”, “Хара хаар” киинэлэр продюсердара:
— Киинэни төлөпүөнүгэр уһулбут киһини силиэстийэлээн, начаас булбуппут. Ханнык киинэ тыйаатырыттан устуу оҥоһуллубутун булар, дьиҥэр, бэрт дөбөҥ дьыала, араас харахха быраҕыллыбат ньымалар бааллар. Дьиҥэр, туох да өс санаам суох эрээри, дьоҥҥо холобур буоллун диэн бу дьыаланы бүтэр уһугар диэри тиэрдэр санаалаахпын. Киинэ оҥорооччулары бас баттах халыыр көҥүллэммэтин дьон өйдүөхтээх.
Биир санааны тиэрдиэхпин баҕарабын. Урут, чэ кырдьык, дьон харчыта да суох этэ, лиссиэнсийэлээх киинэни булар да уустук этэ. Оттон билигин? Онлайн стрим сервистэрэ үөдүйбүт кэмнэригэр төлөпүөҥҥэ уоран уһуллубут омооно көстүбэт “киинэни” көрүү – акаары быһыы, бэйэни атаҕастааһын буолар. Ыйга бэрт кыра соболоҥу төлөөн баран, уонунан тыһыынча туйгун хаачыстыбалаах киинэҕэ көҥүл ылыы, бу урут сананан да көрүллүбэт дьол дии саныыбын. Тус бэйэм биир кэмҥэ үс стрим сервиһигэр сурутуулаах буолааччыбын. Билигин Wink, Кинопоиск уонна IVI платформалары көрө сылдьабын, сороҕор биири ууратан Окко, Netflix курдуктары биир-икки ыйга көрөн ылабын.
Соторутааҕыта массыына өрөмүөннүүр мастарыскыайга арыы уларыттара киирэ сылдьыбытым. Онно үлэлиир уолаттар миигин билэн дорооболостулар. Уонна биирдэрэ этэр: “Эһиги тоҕо сахаларга саха киинэтин босхо көрдөрбөккүт, уһатаҕыт, тэнитэҕит? Сахаларга сахалыы киинэ босхо буолуохтаах буоллаҕа дии!” Ону маннык диибин: “Эн этэргэр арай сөпсөһүүм. Оччоҕо саха киһитигэр, миэхэ, арыыбын босхо уларытыҥ ээ. Эһиги сахаларгыт, мин сахабын, оннук буолбат дуо?” Дьэ онно “кырдьык даҕаны, сөпкө этэҕин” дэсиһии буолбута. Дьон, дьиҥэр, өйдүүр ээ, киинэни уорар сыыһатын. Биир уол итинниккэ майгынныыр кэпсэтии кэнниттэн “киинэҥ хаһан тахсарый?” диэн батсааптаан сураһар буолбута. Бүтэһик суругар “ойохпунуун киинэттэн таҕыстыбыт, бэртээхэй үлэ буолбут!” диэн суруйбута. Дьоҥҥо, киинэни көҥүлэ суох көрүү, син биир уоруу буолар диэн өйдөбүлү иҥэриэх тустаахпыт. Саха омук уоруйаҕа суох омук.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалары ыстатыйа дьоруойдара биэрдилэр
Сүрүн сирэйгэ Zone of Games Forum хаартыската