Саха үҥкүүтүнэн дьиэҕэ эрчиллиэххэ

Ааптар: 
25.04.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ коронавирус дьаҥыттан харыстанан, дьон дьиэлэригэр олорор кэмнэригэр бэйэлэрин интэриэстэринэн дьарыктаналлар, сонун бырайыактары толкуйдууллар.

edersaas.ru


Биһиги, «Саха-этно-фитнесс» түмсүү дьахталлара, салайааччыбытын  Ирина Фёдорованы кытта дьон санаатын бөҕөргөтөн, дьиэҕэ олорон тууйуллууну аһарарга анаан видео-киинэ уһуллубут.

Ютуб-ханаалга ( https://youtu.be/t54mi8d3CUg) саха үҥкүүтүнэн эрчиллиини  уонна сайын тыаҕа уһуллубуту көрүөххэ эмиэ сөп.

Бу видеонан сирдэтинэн, хас биирдии хаһаайка күн аайы дьиэтигэр сынньанар кэмигэр үҥкүүлээн эрчиллиэн, ону өссө өй-санаа ыраастаныытын, чэбдигириитин курдук да ылыныан сөп.

Онон дьиэ хаһаайкалара саха кэрэ муусукатынан, төрүт үҥкүү хамсаныыларынан дьарыктанар кыахтаннылар.

Эрчиллиилэр араас саастаах дьахталларга барыларыгар сөп түбэһэллэр.

«Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru анаан Раиса ГОРОХОВА,

Дьокуускай к. 

Хаартыска: видеоттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0