Саха өйүн күүһэ, сатабыла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 “Якутия мастеровая” Бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот ускуустубатын IX быыстапкатыгар норуот маастардарын үлэлэрэ “Симэх” галереяҕа турбута. Быыстапка былыргы үйэлээх үгэспитин төнүннэриигэ үлэ барарын көрдөрбүтэ. Ол эрээри, кэм-кэрдии дьайыытынан ханнык эрэ көрүҥ сүтэн эрэрэ эмиэ баар. Ону үөрэтэр, сөргүтэр үлэ биир сүрүн хайысханан буолар.  Саха олоҕун-дьаһаҕын, кутун-сүрүн көрдөрөр үлэлэртэн Александр Данилов, Леонид Соловьев, Иван Павлов, Мария Петрова, Дмитрий Колодезников о.да. үлэлэрин ааттыахха сөп.


Норуот маастара Александр Данилов “Индигирка” композициятыгар сиртэн сэлии тииһэ быган тахсыбыта, быһаҕынан балыгы кыһа турар кырдьаҕас үөрүүтэ-көтүүтэ чахчы табыллыбыттар. Тимиргэ, муоска эргиччи уһанар уус эбит. XVII үйэтинээҕи үҥүүтэ, дьахтар кыптыыйа, хотокооно… Леонид Соловьев “Удачный выстрел” үлэтигэр сорсуннаах булчут бултуйан хайдах курдук үөрэн турарын табан арыйбыт. Аны “Эбэ иччитэ” үлэтигэр куйуурдуу турар оҕо, “Ийэм этэрбэһэ” муос оҥоһугар ийэтин улахан да улахан этэрбэһин кэтэн астынан турар кырачаан кыыс – ураты сэргэх үлэлэр. Бүлүү улууһун ууһа, норуот маастара Иван Павлов төрөөбүт дэриэбинэтин бэлиэтин, хомуһун оҥорбута болҕомтону тардаллар. Быһаҕа бэйэтэ ураты ойуулаах буолан тахсыбыта кэрэхсэтэр.

Биир уратынан – кыыс сүктэригэр илдьэ барар сүҥ сөрүөтэ баар. Этнограф Семен Иванов-Телье былыр маннык сөрүө хайдах оҥоһулларын СӨ норуот уус-уран айымньытын маастара Мария Петроваҕа көрдөрөн оҥотторбут. Бу сөрүөҕэ икки нэһилиэк сылгытын үөрүн түүтэ барбыт. Кыыс оҕо төрөөтүн кытта сылгы түүтүн тараан, мунньан, өҥүн арааран оҥороллор эбит. Өссө сукунанан кыбытан тигиини бэлиэтиэххэ сөп. Уус Алдан иистэнньэҥэ Мария Атласова  ойо быһан таҥаһы  киллэрэр туспа суоллааҕа-иистээҕэ сөхтөрөр.

Болҕомтону туохха туһаайыахха?

 Сиһилии “Симэх” галерея үлэһитэ Дария Васильевна Гуляева кэпсиир:

—“Симэх” галерея айар лабораториятыгар “Якутия мастеровая” быыстапка чэрчитинэн, XIX үйэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлтэн оноолоох сону  аҕалан чинчийтэрэн, маастардар ырытан көрөн тикпиттэрэ көрдөрүүгэ турда. Биһиэхэ, сахаларга, кыһыҥҥы бууктаах, сайыҥҥы оноолоох, күһүҥҥү кытыылаах сон баар буолар.

Галерея үлэһиттэрэ былыргы хаартыскалары көрөн урукку дьон хайдах таҥастаах этилэрий диэн үөрэтэбит. СӨ норуот уус-уран айымньытын маастара Анисия Фадеева Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн дьахталларын таҥастарын үтүгүннэрэн тикпитэ кэрэхсэбиллээх.

Мас ууһа аҕыйаан хаалла. Дьарык быһыытынан сүтэн эрэр. Чороону СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардара Мичил Бурцев, Владимир Егоров, Сергей Петров, СӨ норуот маастара Байбал Тимофеев үчүгэйдик оҥороллор. Итинник, тарбахха баттанар ахсааннаах уус баар. Бары быһах оҥоруутугар, тимиргэ көстүлэр.

СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Светлана Петрова куобах кулгааҕыттан үтүлүгэ сэргэх үлэ буолла.  Вячеслав Петров “Таба үөрэ” хартыынатыгар таба тириитин түүтүн кырыйан-кырыйан баран, анал кыраасканан уруһуйдаабыта  сонун хайысханы сөргүтүүнэн буолла. Маннык хартыына 90-с сылларга тэнийэ сылдьыбытын билэбит.

Кыл-сиэл маастара Розалия Софронова ураты суоллаах-иистээх  иистэнньэҥ паннону кылынан күрүлгэн түһэ турарын курдук өҥүн табан оҥорбута харахха быраҕыллар. “Хаҥалас” диэн үлэтигэр суорба таастар күлүктэрин ууга түһэрбитэ эмиэ ураты. “Үс кут” диэн кыл паннону СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Светлана Баишева олус үчүгэйдик оҥорбут. Кыл үлэлииргэ ыарахан, имэрийэн -томоруйан, тэҥнээн, иннин ылыахха наада.

 “Бэйэҥ оҥорбутуҥ –  тыыннаах!”

СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Дмитрий Колодезников “Кулун Атах” култууратын көмүүлэриттэн булуллубут буор иһиттэри үтүгүннэрэн оҥордо. Оччотооҕуга хайдах оҥороллорун үөрэтэн оҥорбута, хаһыылартан булуллубут курдук көстүүлээхтэр:

— Буор иһиттэрбин А.И.  Гоголев “Якуты” кинигэтин сирдьит гынан оҥорбутум. Түмэллэргэ сылдьан көрөн, сөбүлээн, билэр дьонтон ыйыталаһан 2001 с. саҕалаабытым. “Кулун атах” култууратыгар Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас киирэллэр. XII-XIV үйэтээҕи диэн сабаҕаланар.

Былыргыны үтүгүннэрэн, эмиэ да саҥардан оҥоробун. Туойу Намсыыртан ылабын (35 км урут кирпииччэ үктүү сылдьыбыт сирдэрэ баар). Аҕалан баран маҥнай ыраастыыбын, силиһиттэн араарабын. Куулга кута-кута ууга илитэбин. Сүөгэй курдук оҥорон, сиэккэ нөҥүө ыытабын. Сыта түһүөхтээх, сүөгэй курдук буолар, уута-хаара тахсан хамсыыр, онтон дьэ. кытаатар. Биир маасса буолар. Иһигэр төгүрүк тааһы уган баран таптайаҕын, оннук охсон оҥорор ньымалаахтар эбит.

Күөс иһитин оҥорон, буһаран көрбүтүм. Олус минньигэс буолар. Олорон эрэ, маһы быһаҕынан быһан, оһуор оҥорон барабын. Ый аҥаарын курдук оһуордары оҥорон, биир хайысхаҕа иһити тула түһэрэбин. Муфельнай оһоххо 820 кыраадыска буһарабын. Сахалар  сири хаһан, уот оттон баран, онно быраҕан буһарар буолуохтаахтар. Онтон 5 чаас туруорабын, сарсыныгар ылан күөх үүккэ, ыаммытынан үүккэ эбэтэр сүөгэйгэ булкуйан ылабын. Хайдах үүккэ угаҕын да, атын-атын өҥнөөх буолар. Сүөгэйгэ хап- хара буолан тахсар. Тута эмэх маска уктаххына, эмиэ атын өҥнөнөр.

Иһиккэ бырахтаххына буруо бөҕө тахсар, оччоҕо буруо өҥүн ылар.  Сыпсынан итиилии буруолаппытынан таһааран, үүккэ уктаххына,  оһуордар тахсаллар. Кэлин кииллийэн, таастыйан иһэр. Бэйэҥ оҥорбутуҥ — тыыннаах!

Устуоруйаны хаһыстахха

 Саха сиригэр б.э.и. 5-4 тыһ. сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут туой иһиттэр көстүбүттэр. Бөҕө гына оҥорор  албаһы билэллэр эбит. Ол иһин, баччааҥҥа диэри сүтэн хаалбакка биһиги түмэллэрбитигэр сыталлар. Үлтүрүйбэтин диэн уҥуоҕу, алдьаммыт иһити дэлби илдьиритэн, оту, кыыл түүтүн куталлар эбит.  

Хас биирдии үйэҕэ ньымата уларыйан испит.  Ону археологтар үөрэтэн көрөн баран маннык араарбыттар:

1.Сыалаах култуурата, б.э.и. 5-4 тыһ. сыл анараа өттүгэр иһиттэр сиэккэлии уруһуйдаахтар.

  1. Бэлкэчи култуурата, б.э.и. 4-3 тыһ. сыл анараа өттүгэр иһити курунан туттаран биэрэллэр этэ.
  2. Уус-миил култуурата, б.э.и. II-I үйэлэр ортолоругар. Туой иһиттэр туойунан уһун синньигэс сурааһын киэргэтиилээхтэр.
  3. Соҕуруу Саха сиригэр б.э.и II-с үйэҕэ иһити ис өттүттэн тарбаҕынан үтэн киэргэтэр этилэр.
  4. б.э. II-с үйэтин саҕаланыытыгар, эрдэтээҥҥи тимир үйэҕэ тыҥырахтарынан оҥута баттыалаан араас быһыылаах уруһуйдары оҥорор буолбуттар.

Түҥ былыргы иһит чап-чараас, үөһэ өттүгэр туох да токурутуута суох көнө буолар.  Оттон XVIIXVIII үйэлэрдээҕи иһити халыҥ гына оҥороллор, үөһээ өттүн тас өттүгэр токурутан, тэллэтэн биэрэллэр эбит.

Ангелина КУЗЬМИНА, филология наукатын хандьыдаата,

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0