Саха хомуһун халлаан куйаарыгар илдьэ көппүт Олег Кононенко эҕэрдэтэ
Бүгүн Хаҥалас улууһугар Наука аччыгый академиятын саҥа куорпуһа аһыллыбытынан уонна Космонавтика күнүнэн космонавт Олег Кононенко эҕэрдэлээтэ.
— Күндү доҕотторум, СӨ Наука аччыгый академиятын үөрэнэр куорпуһа үөрүүлээх аһыллыытыгар ыҥырыыгыт иһин махтанабын. Бу улахан суолталаах тэрээһин. Мин бу тэрээһиҥҥэ сатаан тиийбэппиттэн хомойобун. Мин Саха сирин кытта ыкса доҕордуу ситимнээхпин эһиги билэҕит. Саха сиригэр ураты истиҥ сыһыаннаахпын. Мин киэн туттабын, 2012 cыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр Москватааҕы бириэмэнэн 17.45 чааска сиргэ түһүүнү «Союз МС-11” хараабыл хамандыырын быһыытынан оҥорбутум. Бу аппараат үөрэнэр куорпус аттыгар туран ыччаты наукаҕа, тиэхиньикэҕэ уонна үрдүк таһымнаах каадыры бэлэмнииргэ төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Өйдүүбүн, 2011 сыллаахха куйаарга иккис көтүүбэр мин бэйэбин кытта саха хомуһун илдьэ барбытым. Бу ураты муусука инструменын норуот маастара Реворий Чомчоев-Чомчо Уус оҥорбута. Хомус бэйэтэ 70 грамм ыйааһыннаах, оттон футлярын кытта холбоон 90 грамм этэ. Бэйэтин дьоҕус кээмэйинэн космическай бырагыраамаҕа сөп түбэспитэ. Мин аан бастаан хомус тыаһын оҕолор толороллорун истэн баран наһаа сөхпүтүм уонна астыммытым. Ити көтүүгэ мин күүскэ бэлэмнэммитим, атын дьарыктар быыстарыгар варганнай инструмеҥҥа оонньуурга анаан дьарыктаммытым, үөрэммитим. Мин А.Е.Кулаковскай суруйбут хомус туһунан саамай сөбүлүүр хоһоонум бу варганнай инструмеҥҥа анаммыт. Киэҥ куйаарга миигин кытта тэҥҥэ көппүт хомус билигин мусуойга бочуоттаах миэстэни ыларыттан үөрэбин. Саха сирэ «Роскосмоһы” кытта ыкса ситимнээх. Халлаан куйаарыгар Саха сирин төрүттэспит, судаарыстыбаннай деятель Степан Аржаков, судаарыстыбаннай деятель Гаврил Чиряев, суруйааччы Иван Гоголев хаартыскалара миигин кытта тэҥҥэ көппүттэрэ. Иван Гоголев “Сахам сирэ барахсан” диэн аудиоҕа уһуллубут Саха сирин өрөгөй ырыатын кэриэтэ ылланар ырыа космическай орбитаттан суруйааччы үбүлүөйүгэр анаан иһиллибитэ. Онон күндү доҕорбор, Саха сирин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка эҕэрдэбин тиэрдэбин, — диэн эҕэрдэтин тириэртэ.
Ульяна ЗАХАРОВА.