Саха гиревиктара аан дойду куубагар үс мэтээли ыллылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин гиревиктара Санкт-Петербург куоракка гиревой успуорт аан дойдутааҕы куубагын иккис түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар. Саха сирин хамаандата үс мэтээли ылла.

Ордук үчүгэйдик бэйэтин кыаҕын Дмитрий Михалев көрдөрөн, кыһыл көмүс мэтээллээх уонна норуоттар икки ардыларынааҕы  кылаастаах успуорт маастарын нуорматын толордо.

Саха сирин гиревой успуорка сүрүн тириэньэрин Василий Дьячковскай хамаандата кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэри ылла. Дмитрий Михалев 63 киилэҕэ диэри ыйааһын уһун циклыгар бастаата. Руслан Лугинов 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа иккистээн үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Ити ыйааһыҥҥа үһүс миэстэни эмиэ биһиги биир дойдулаахпыт Сандал Оконешников ситистэ. Дьахталлар икки ардыларыгар киирсибит Саха сирин спортсменката Елена Иванова төрдүс миэстэни ылла.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0