Саха гимназиятыгар — төрөппүт баала

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйылгы сылы Саха гимназията Төрөппүт көҕүлээһинин сылынан биллэрбит. Онон сибээстээн, соторутааҕыта “Төрөппүт — төрөппүккэ” диэн сылы түмүктүүр тэрээһин буолан ааста. Урутаан эттэххэ, тэрээһиҥҥэ суруналыыс быһыытынан ыҥырыллан баран, гимназия аанын төрөппүт быһыытынан үрдүк сыанабылы биэрэн сабан таҕыстым. Тэрээһиҥҥэ бэлиэтии көрбүт түгэннэрбин ааҕааччыларбытын кытта үллэстэбин.


edersaas.ru
Саха гимназията ураты тыыннааҕын өссө саас “МосТы” бырайыак чэрчитинэн Германияттан кэлэ сылдьар бөлөҕү кытта кыттыгас түмүктэрин тэрээһинигэр бэлиэтии көрбүтүм. Онон бу сырыыга да сонун көстүүнү күүппүтүм эрээри, оскуолаҕа аукцион ыытыллыытын хайдах даҕаны өйбөр батарбат этим. Соһуйуом иһин, кыаллыан сөп эбит. Чэ, биир чаас курдук көрө түһэн баран тахсыам дии санаабытым эрээри, аукцион түмүктэниэр диэри олорбуппун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым.

Эмиэрикэттэн кэлбит идиэйэ

Саха гимназиятын дириэктэрэ Валентина Софронеева: “2006 сыллаахха Эмиэрикэҕэ чааһынай оскуолаҕа сылдьыбытым. Онтон кэлбит идиэйэ. Ол гынан баран, кэлин тупсан-тупсан дьэ силигин ситтэ диэххэ сөп. Оччолорго чааһынай оскуолаҕа сылдьан баран наһаа сөҕөн кэлбитим. Биллэн турар, чааһынай оскуола буоларын быһыытынан төрөппүттэртэн улахан өйөбүллээхтэр этэ. Онно оҕо кумааҕыттан, пластилинтан эрэ оҥоһуга аукциоҥҥа турбута. Биһиги манна эмиэ оннук оҥоро сатаатыбыт гынан баран, син биир сыаналаах маллар турдулар.
2015 сыллаахха биэс саха оскуолата түмсэммит тэрийбиппит. Киирбит харчыны барытын искэн ыарыылаах оҕолор эмтэнэллэригэр биэрбиппит. Итинник аукционнары сылын аайы оҥоробут. Оттон бу сырыыга баһаартан эмсэҕэлээбит төрөппүттэрбитигэр уонна оскуола иһинэн бырайыактардаах учууталлары өйөөһүҥҥэ, кыра да буоллар, санааларын ханнык эрэ өрүтүн олоххо киллэрэргэ барыаҕа. Барыта оҕо туһугар. Төрөппүттэрбит олус талааннаахтар, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр, туохха барытыгар көхтөөхтөр. Биһиги салайан эрэ биэрэбит. Биллэн турар, итини барытын кылаас салайааччылара ситимнииллэр. Технологияҕа учууталларбыт таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Төрөппүттэрбитигэр махтанан туттарар бэлэхтэрбитин барытын оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн оҥордулар. Төрөппүттэр өйүүр буолан, үлэлииргэ чэпчэки. Биллэн турар, тирэҕирэр төрөппүттэрдээхпит. Үчүгэйэ диэн, биһиэхэ аҕалар олус көхтөөхтөр. Ол иһин ийэлэрбит кинилэртэн хаалсымаары, тэҥҥэ түсүһэн иһэллэр. Барыта – оҕо туһугар”, — диэн кэпсиир.

Төрөппүт төрөппүккэ анаан

Кырдьык, дьиҥнээх баал манна буолла. Көрүдүөртэн саҕалаан барытын уурбут-туппут курдук киэргэппиттэр, фуршет тэрийбиттэр. Көрүдүөр биир уһугар “Мөлүйүөн идиэйэ” диэн суруктаах хаартыскаҕа түһэр зона оҥорбуттар. Оттон саала иһэ сибэккинэн киэргэтиллибит, мап-маҥан олоппостор кэчигирэспиттэр…
Баал ийэлэр мааскалаах, баальнай таҥастаах үҥкүүлэриттэн саҕаланна. Эчи үҥкүүһүттэрин! Итини ыпсаран биэрэрдии, аны ийэлэр ансаамбыллара, дьиэ кэргэнинэн тахсан ыллаатылар. Сыанаҕа көрөр ырыаһыттарбытыттан туох даҕаны уратылара суохтар!


Дьиэ кэргэн уонна оскуола бииргэ алтыһыыларын проблемаларын үөрэппитим бэһис сыла буолла. Бу тиэмэҕэ чинчийии үлэ ыытабын. Биһиги гимназиябыт төрөппүккэ, дьиэ кэргэни кытта алтыһыыга улахан болҕомтону уурар. Сүрүн көмөлөһөөччүлэрбит – төрөппүттэр. Кыттыһан оскуолаҕа араас иитэр, үөрэтэр суолталаах тэрээһиннэри ыытабыт. Ааспыт үөрэх дьылыгар оҕолорго анаан сүүрбэттэн тахса бырайыагы төрөппүттэр бэйэлэрэ толкуйдаан, тэрийэн ыыттылар. Бу баал эмиэ аныгы үйэ ирдэбилинэн аһымал хаамыылаах. Биһиэхэ көхтөөх төрөппүттэр элбэхтэр. Холобура, М.Д.Ноева баар. Кини 2015 с. төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн баран ийэлэр үҥкүүгэ “Күбэйэ” ансаамбылларын тэрийбитэ. Ансаамбыл билигин куорат, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах тэрээһиннэригэр тиийэ кыттар. Өссө бэлиэтиэм этэ С.Е.Попованы. Кини олус көхтөөх. Учууталларга сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһөр киһибит. Оскуола үрдүнэн төрөппүт кэмитиэтин үс бэрээссэдээтэлэ баар: алын, орто уонна улахан сүһүөх. Кинилэр хас биирдии кылаас төрөппүттэрин кытта сибээһи тутан олороллор”, — диэн нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Марфа Попова билиһиннэрэр.

Туһалаах нэдиэлэ

Төрөппүт көҕүлээһинин сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ “Төрөппүт — төрөппүккэ” диэн бүтүн нэдиэлэни анаабыттар. Бу биэс күн устата төрөппүттэргэ туһалаах буолаарай диэн санаанан салайтаран, бэнидиэнньиккэ “Чөл турук – чөл санаа” (доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин төрөппүттэргэ сүбэлэрэ), оптуорунньукка “Төрүт иэйии” (кырыымпаны билиһиннэрии, “Күбэйэ” ансаамбыл үҥкүү бөлөҕө, хомуска маастар-кылаас), сэрэдэҕэ – “Идэ – олох оҥкула” (идэни талыыга сүбэлэр, “Саҥа идэлэр атластара”, тус сыаллаах үөрэхтээһин), чэппиэргэ — “Пресса күнэ” (ааҕыыга төрөппүттүүн санаа үллэстии), бээтинсэҕэ – “Мөлүйүөн идиэйэ” (аһымал баал) ыыппыттар. Маны барытын төрөппүттэр бэйэлэрэ тэрийбиттэр.
Оскуолаҕа Төрөппүт көҕүлээһинин сыла биллэриллибитэ. Онно көхтөөхтүк кыттыбыт төрөппүттэри чиэстээһин киэһэтэ буолла. Ону таһынан аукционнаах.
Оҕолорбут сылдьар эйгэлэрэ сылаас, ыраас буоларын туһугар бары кыһалла сатыыбыт. Төрөппүттэрбит олус көхтөөхтөр. Тоҕо диэтэххэ, оскуолабыт ис эйгэтэ наһаа үчүгэй, оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара эмиэ истиҥ. Ол иһин оскуолабытыгар өссө тугу эрэ үчүгэйи оҥорбут киһи диэн санаанан салайтарабыт. Ханнык эрэ төрөппүттэн көрдөһүү-ааттаһыы диэн суох. Маннык сорудах баар диэтэххэ, бары түмсэ түһэллэр. Чопчу биһиги кылааспытыгар туохха даҕаны кыттыбат төрөппүт диэн суох”, — диэн төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Яроева санаатын үллэстэр.

Аһымал аукцион

Тэрээһин иккис түһүмэҕэр аһымал аукцион ыытылынна. Уопсайа, уонтан тахса лот оонньонно. Маны барытын төрөппүттэр бэйэлэрэ оҥорбуттар. Ол курдук, “Идэһэ-2018” диэн кэмпилиэк (убаһа этэ, хаан, харта, ынах этэ, собо), барыанньа арааһа, уруһуй, дьахтар киэргэлэ, туорт сакаастыырга сэртипикээт, хабылык, хаамыска, маллаах иһиттэр, ыаҕыйа, күлүүс ыйыыр дьааһык, битэмииннээх корзина, түүнүн холбонор лаампа, дьахтар киэргэлэ, о.д.а. бааллар. Мал төһө сыаналааҕа, хайдаҕа экраҥҥа көстөр, аукциоҥҥа кыттар дьон каталогынан хас лот оонньонорун барытын көрө олороллор. Биир лот 150 солк. саҕаланар.


Ону таһынан, оскуола соһуччу лоту туруорбут – хара дьааһык. Хара дьааһык иһигэр туох баарын эппэттэр. Аукцион кыттыылаахтара, нууччалыы эттэххэ, “вслепую” сыана быһаллар. Лот 1000 солк. саҕаланна. Сыана быһыы түмүктэммитин кэннэ билбиппит, хара дьааһык иһигэр маллаах иһит баар эбит. Бу лот 3000 солк. барда.


Түмүктээн эттэххэ, аныгы кэмҥэ төрөппүтү хамсатар уустук. Оттон Саха гимназиятыгар төрөппүт бэйэтэ көҕүлүүр эбит. Маныаха кинилэри хамсатар күүс – кылаас салайааччылара. Итиэннэ кэрэхсэбиллээҕэ баар — бу тэрээһиҥҥэ оҕолоро урукку сылларга бүтэрбит төрөппүттэр кытта кэлбиттэр. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр гимназияларын кытта сибээстэрин быспаттар эбит. Чахчы даҕаны ситим быстыбат, чахчы даҕаны барыта — оҕо туһугар!

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0