Саха эстардатын аксакал-ырыаһыттара Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Аскалон Павлов “Ыллыктар” сериалга оонньоотулар
Олунньу ый саҥатыттан “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар “Ыллыктар” диэн саҥа сериал көстөр. Сериалга куорат кыыһа Туйаара дэриэбинэҕэ ананан үлэлии тахсарын туһунан. Онно кини тыа сирин кыһалҕаларын, олохтоохторун кытта билсэ, араас ыксаллааах түбэлтэлэргэ түбэһэр. Туйаараны ХИФУ устудьуона Сахайаана Алексеева оонньуур, кинини кытта биир сүрүн оруолу Саха театрын эдэр артыыһа Айсен Лугинов онньууллар.
“Ыллыктарга” театр артыыстарын, Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторуттан ураты ырыаһыттар Бүөккэ Бөтүрүөп уонна Аскалон Павлов оонньууллар. Аскалон «Колодезников» диэн мафия тойоно, үүтү-хайаҕаһы булар, толкуйдаабытын тобулар киһи буолла. Оттон Бүөккэ – дэриэбинэ арыгыһыта. Кини маннык уобарастаах көстүбүтүн, сураҕа, кини талааныгар сүгүрүйээччилэрэ сөбүлээбэтэхтэр үһү. Онуоха Бүөккэ бэйэтэ “ВКонтакте” саайтка маннык быһаарбыт: «“Ыллыктар” сериалга оонньообут киhим аата Генчик диэн. Кини чороҥ соҕотох, ойоҕо суох, тугу да үлэлээбэт, арыгылыыр… Бастаан көрдөххө, кырдьык, таах мээнэ, ускул-тэскил сылдьар киһи курдук. Дьоҥҥо тугу да аанньа ахтыбат, туохха да наадыйбат киһи курдук көстө сатыыр. Ол эрээри, соҕотоҕун хааллаҕына эрэ истиҥэ, дьиҥэ арыллар… Онон Генчиги көмүскэhэбин, кини акаары киhи буолбатах. Чэ, туох да диэбит иhин, киинэҕэ уhуллубуппуттан үөрдүм-көттүм, астынным, дуоhуйдум! Оттон оруолбун көрөөччү бэйэтэ сыаналаатын. Бу — мин киинэҕэ бастакы уhуллуум буолар. Онтон Бүөккэ Бөтүрүөп диэн киhиттэн онтон туох да көҕүрээбэт, хата эбиллэр, уопут бөҕөтө ыллаҕым дии!”.
Сериал барыта 25 сиэрийэлээх. Билигин 15-с сиэрийэтэ көстө турар. “Ыллыктар” сүрэхтэммитэ ый да буола илик эрээри, сахалыы ханаалы көрөөччүлэр номнуо биһирээн, киэһэ аайы бу сериалынан олороллор үһү.
Айтана АММОСОВА