Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн сыһыытын ортотунан тэлэн, кимнээх бу аты мииммитинэн үктэл суолу хаалларан, өрө күүрдэн эрэллэр? Олоҥхоттон түспүт боотур уонна кэрэ куо курдуктар. Күн уота сирэйдэрин бигиир. Бу орто туруу бараан дойдуга туох аналлаах кэлбит дьонуй? Дьэ, кинилэри кытта билсиэх. Бу – Саха сирин биир талааннаах, биллэр – көстөр ыала – Ньургун, Лилия Бэчигэннэр.
Артыыс, араадьыйа ыытааччыта, “Сахат” оскуола учуутала Ньургун Бэчигэн Таатта Баайаҕатыттан силистээх-мутуктаах. Татьяна Николаевна, Дмитрий Гаврильевич Неустроевтарга улахан уолунан күн сирин көрбүтэ. Кини кэпсиир:
-Ийэбит биһигини сахалыы тыыҥҥа ииппитигэр махтанабын. Ньургун диэн кини сүрэхтээбитэ, төрөөбүт күммэр түбэһэр ааппынан. Оттон Бэчигэн диэн хос эһэм аата. Ийэм төрдө Мэҥэ Хаҥалас Хорообута. Кини дьоно Сергеевтэр бары үрдүк уҥуохтаахтар, бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээхтэр. Олору баппыппын быһыылаах. Аҕам Дмитрий Гаврильевич Неустроев да кыра киһи буолбатах, сахаҕа көстүүлээх. Уолаттарын, биһигини, батыһыннара сылдьан, эр киһи сатыахтаах үлэтигэр барытыгар уһуйбута, олоххо бэлэмнээх гына иитэн таһаарбыта.
Ийэлэрэ уолаттарыгар киэһэ аайы “Манчаары ырыатын” ыллыыра. Онон кинилэр дьиэлэригэр күн аайы туус маҥан аттаах Манчаары көтүтэн киирэрэ, “Уол оҕо, охтума, аккыттан сууллума!” диэн тыллар ыраахха диэри дуораһыйаллара.
Бэһис кылаастан саха тылын, литературатын учуутала Егорова Маргарита Романовна кылааспыт салайааччыта буолбута. Хас биирдии уруогар саха суруйааччыларын айымньыларынан киэҥ ырытыыны таһаарара. Ким туох көрүүлээҕэ, толкуйа онно биллэрэ. Учууталбыт бу ньыматынан санаабытын аһаҕастык сайа этэргэ үөрэппитэ.
Аатым хайдах кэлбитэй?
-Оскуола кэнниттэн Култуура уонна искусство коллеһыгар киирбитим. Телевидение уонна араадьыйа үлэтин тэрийээччи салаатыгар үөрэммитим. Кураторбыт Федорова Сардана Николаевна уһуйбута, такайбыта үгүс. Үөрэхпин бүтэрэрим саҕана төрүт култуураҕа уһуйааччы Охонооһой Сэмэнэбис Федоров “миэхэ кэлэн үөрэн” диэн ыҥырбыта. Күөн туттар ытык киһим сахалыы тыыны иҥэрбитэ. Ис тыыммын, турукпун таба көрбүтэ буолуо дии саныыбын. Онтон Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим, “этнокультурнай кииннэр салайааччылара” диэн идэни ылбытым.
Устудьуоннуу сылдьан төрүт култуура салаатыгар сахалыы ааттаһарбыт. Биир доҕорум ыам ыйын 15 күнүгэр төрөөбүт, оттон мин – 16-с чыыһылаҕа. Онон сахалыы ааппыт – Ньургун. Сүбэлэһэн баран, мин Ньургун, оттон кини Ньургустаан буолбуппут.
Биир сыл сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар тахсыбыт кэммэр телеграмма кэлбитэ. “Приглашаетесь на роль Ньургун Боотура” диэн ис хоһоонноох этэ. Онтон ыла ыһыахтарга кыттан барбытым. Туймаада ыһыаҕар Ньургун Боотур буоларым.
Кэрэ аҥаара – Лилия
Лилия айти — хайысхатыгар таһаарыылаахтык үлэлиир. Ол эрээри, сахалартан биир бастакынан илиҥҥи хамсаныылары баһылаабыт имигэс үҥкүүһүт быһыытынан ордук биллэр.
-Куорат кыыһа буолабын. Ийэм өттүнэн ыллахха, эбэм Мэҥэ Хаҥаластан, эһэм Амма улууһуттан төрүттээхтэр. Аҕата суох иитиллибитим. Ийэм ньиэмэс тылын үөрэтиинэн, тылбааһынан дьарыктанар, соҕуруу элбэхтэ сылдьар этэ. Кыра эрдэхпинэ араас импортнай кэһии тутаммын үөрүүм муҥура суох буолара. Дьиэбитигэр бары нууччалыы саҥарар этибит. Эбэм быраас, эһэм тутааччы идэлээхтэр. Нуучча уонна омук тылларын үчүгэйдик үөрэт диэн ииппиттэрэ. Ол да буоллар, сахалыы оҕо саадыгар сылдьыбытым. Оскуолаҕа нууччалыы үөрэммитим. СГУ омук тыл факультетын, ийэм үтүө холобурунан, бүтэрбитим. Онно бииргэ үөрэнэр оҕолорум сахалыы саҥараллар, кэпсэтэллэр этэ. Ол эрээри, кыайан сахалыы саҥарбатаҕым. Онтон үҥкүүнэн дьарыктанар, үөрэхпин бүтэрээт, урбаанньыт буолбутум, бэйэм үҥкүү устуудьуйатын арыйбытым. Ол үҥкүү оскуолатын 2018 с. диэри ыыппытым. Оттон оскуолабын атыылаан баран, оҕолорбун кытта Москваҕа көспүтүм, үс сыл олорбуппут. Хамсык туран, Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Айти — пааркаҕа үлэҕэ ыҥырбыттара. Миэхэ олох атын эйгэ буоллаҕа дии. Онтон да буолуо, билбэппин билээри – көрөөрү сөбүлэспитим. Икки сыл кэриҥэ онно үлэлээбитим.
Таптаабыт көтүөн кыната суох
-Бииргэ буолбуппут үс да сыл буола илик. Биһигини “Тыгын Дархан” киинэ холбообута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу киинэни көрөн бараммын, бу кимий, хантан сылдьарый, кэлбитий дии санаабытым. Ньургуну олох ханна даҕаны көрбөтөх этим. Ол эрээри, сэҥээрэ көрбүтүм. Социальнай ситим нөҥүө билсэн саҕалаабыппыт. Кини миигин оҕобун салаасканан соһон иһэр хаартыскабар лаайк туруоран сөхтөрбүтэ, соһуппута. Бастакы көрсүһүүбүтүгэр кимин – тугун билэн сылдьары буоллаҕым, биллэр артыыс буолан күннүү хаама сылдьар кэмнэрэ этэ(күлэр). Биһиги чуумпу дьолу сөбүлүүбүт. Дьиэ кэргэн сылаас холумтаныгар уйдара сылдьабыт, — диэн кэпсиир Лилия.
Тыгын оруола – ураты турук
–Артыыс идэтэ суохпун. Куурус, маастар-кылаас көрдүү сатаабытым, ону Никита Иннокентьевич боппута. Бэйэҥ тыыҥҥын илдьэ сырыт, дьон киэнин ылыныма. Тыгын буол. Оччоҕуна тахсыа”, – диэбитэ.
Хас биирдии сыанаҕа бэйэм олохпор ханыылыы көрөн, сөп түбэһиннэрэн, санааҕа ылларбыт, туоххаһыйбыт кэмнэрбин, ардыгар хомойбут да түгэннэрбин хостоон таһааран барытын бэйэм нөҥүө иккистээн аһарыммытым.
Никита Иннокентьевич Тыгыны оонньуурга эппитигэр, мин тута сөбүлэспэтэҕим. Саха сэрэх сиэринэн, бастаан ыараҥнатан, ырытан, ыйааһыннаан көрөргө көрдөспүтүм. Хас да киһиттэн сүбэлэттэрбитим. «Ээ, сананыма даҕаны, эн артыыс буолбатаххын, кыайыаҥ суоҕа итиччэ улахан оруолу», — диэччилэр да бааллара, «Кытаат, ситиһиини!» – диэн алҕааччылар эмиэ. Ол курдук режиссербар туох диэн хоруйу биэриэхпин билбэккэ, харааччы булкуллан баран сырыттахпына, биирдэ түүл түһээтим. Балаҕаҥҥа көмүлүөк уотун иннигэр куйахпын кэтэ олоробун. Аттыбар оҕонньор сэппин-сэбиргэлбин арыынан сотор, тугу эрэ иҥэрэр курдук. Онтон хайдах эрэ иэниэм кэдэҥнээтэ. Көрбүтүм – кэннибэр мааны таҥастаах үс далбар хотун тобулу көрөн олорор эбит. Хайыспыппар, ботугураһаллар: «Ээ, майгынныыр эбит», — диэн. Бу түүлү өбүгэлэр көҥүл биэрбит бэлиэлэрин курдук тойонноон, Тыгын Дархан буоларга быһаарыммытым. Сүдү киһини оонньуур эппиэтинэс эрэ буолбакка, бэйэтэ ураты турук эбит. Хата, ааппын сэрэйбит курдук, эрдэ уларыппытым да үчүгэй эбит, араҥаччылыыр көмүскэллээх курдук этим. Киинэ тахсыбыта үс сыл буолла да, барытын аһары үчүгэйдик өйдүүбүн.
“Сахалыы” мобильнай сыһыарыы
Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омугун кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.
Бу бырайыак сахалыы билбэт дьону кэпсэтэргэ үөрэтэр сыаллаах. Уустук кырамаатыка быраабылаларын буолбакка, оонньуу, кэпсэтии курдук үөрэтэр буоланнар, киһи түргэнник саҥара үөрэнэр. Сыһыарыыны тэҥэ, куурустары эмиэ ыыталлар.
Лилия этэринэн, Технопарк тута харчынан өйөөбүт. Ону таһынан, сыһыарыы оҥоһуллан тахсыытыгар бастаан үп краудфандинг(баҕалаах дьон хас баҕарар сууманы ыытар ньымата) көмөтүнэн хомуллан саҕалаабыт. Оттон үрүн оруолу Ил Дархан Гранын сүүйэн, бырайыактарын олоххо киллэрэр кыахтаммыттара ылбыт.
“Бастаан учууталлар, тыл үөрэхтээхтэрин, бэчээт эйгэтин үлэһиттэриттэн өйдөөбөт буолуу баара. Ол гынан баран, сыһыарыы олоххо киирэр түбэлтэтигэр, кини күүс-тирэх, көмө буолуо этэ диэн саарбахтаабаппын. Саха тылын учууталларын кытта сүбэлэһэн баран, сыһыарыыбытын оскуола оҕолоруттан саҕалыахха диэн биир тылга кэлбиппит. Сыһыарыы түөрт түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэх 8 саастарыттан оҕолорго ананар, эһиилги сылга салҕааччылар, ону кытта, адьас кыра оҕолорго эмиэ туспа туомнаахпыт. Саамай үрдүк “продвинутай” таһымҥа эмиэ үлэлэһэ сылдьабыт”, – дииллэр дьоруойдарым.
Лилия тус олоҕор баар чахчыга олоҕуран, киһи омук быһыытынан бэйэтин толору сананыыта, омугунан киэн туттуута сүрдээх улахан суолталааҕын эттэ: «Мин саха тылын үчүгэйдик билбэт уонна саҥарбат буолан, үөрэтии кыһалҕатын этинэн-хаанынан толору өйдөөбүт киһибин. Бу сыһыарыы, саха тылын үөрэтэр эрэ буолбакка, онно сыһыаннаах араас контены буларга көмөлөһүөхтээх».
-Билиҥҥи глобализация уонна сыыппара үйэтигэр төрөөбүт төрүт тылынан кэпсэтии, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн тылы үөрэтии, тылга тапталы иҥэрии сайдыыга биир сүрүн олук буолуохтаах. Бырайыак социальнай хайысхалаах. Былаан быһыытынан, анал сыһыарыынан кыра оҕотуттан саҕалаан, саха тылын билбэт омук киһитигэр тиийэ бары туһаныахтаахтар. Бырайыак үс түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэҕэр бырайыак салайааччылара саха тылын билбэт саҥа үөрэтэр киһиэхэ уонна аҕыстарыттан үөһээ саастаах оҕолорго анаан чэпчэки барыйааны оҥорон таһаардылар. Сыһыарыы ис-тас көстүүтүн, тутулун оҥорбуттар, — диэн этэллэр Бэчигэннэр.
Былаан быһыытынан, иккис, үһүс түһүмэхтэргэ үлэ сотору саҕаланыа. Тылы сайыннарыыга эбии үөрэхтэри угуохтаахтар уонна иккититтэн аҕыһыгар диэри саастаах оҕолорго анал салааны эбэн биэриэхтээхтэр.
Бырайыак сүбэһиттэринэн «Саха бикипиэдьийэтин» тэрийээччи, лингвист Николай Павлов, Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов уонна саха тылын учууталларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Жанна Барашкова буолаллар. Сыһыарыы саха тылын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыынан эрэ буолбакка, учууталларга, төрөппүттэргэ эбии онлайн туһанар матырыйаалынан буолар.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
-Биһиги бырайыакпытыгар үлэлэһэр дьоҥҥо: Таймыыртан төрүттээх, контенынан дьарыктанар Ксения Большаковаҕа, продакт – менеджер Яна Колодезниковаҕа, редактор Анна Прудецкаяҕа, методистарбытыгар (бастакы түһүмэх)– Федорова Марианна Макаровнаҕа, Шишигина Лена Владимировнаҕа, (иккис түһүмэх) – Плотникова – Федорова Ульяна Романовна уонна СММ, пиар өттүнэн үлэлиир Сардаана Осиповаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит! Сахалыы саҥарыан, суруйуон баҕарар дьону көҕүлүүбүт, сыһыарыыбытын туһаныҥ, идиэйэлэргитинэн үллэстиҥ диэн ыҥырабыт!