Саха дьахтарын халадаайа байбаралаах этэ дуо?

Ааптар: 
15.06.2023
Бөлөххө киир:

Билигин саха дьахтарын халадаай ырбаахытын баһыйар үксүгэр байбаралаан тигэллэр. Буолаары буолан, дэлэйдик иҥэрэн. Дьиҥэр, 19-с үйэтээҕи тигиилэри түмэллэргэ, оччотооҕу хаартыскаларга көрдөххө, байбарата суох буолаллар.

edersaas.ru

Суотту ыһыаҕар 1980-с сыллардаахха Мария Ивановна Пермякова былыргы (эбээтин гиэнэ быһыылааҕа, эппитэ да өйбөр туппатахпын) былаачыйаны кэтэн баран тэрээһиҥҥэ түбүгүрэн, дьаһайа сүүрэ-көтө, тиэтэйэ-саарайа хаама сылдьарын сэргии көрбүтүм өйбөр хаалбыт. Былаачыйа байбарата суоҕа, күөхтүҥү өҥнөөҕө, сүрдээх киэҥ буолан көстүүтэ кэрэ этэ, эрчимнээх хаамыытыгар атаҕар сөрүөстэн эриллибэтин, ырааҕынан тэйэ сылдьарын бэркиһээн, көҥүллэтэн тэллэҕин арыйан көрбүтүм, 30-35 см кэриҥнээх кэтит хлопок таҥаһынан биэтэс тигиллибит, ол сиигэ биллибэт гына куруһубанан баттатыллыбыт. Ол иһин былааччыйа атахха эриллибэккэ, тэбэ сылдьар эбит. Бу халадаай түөрт балаһаттан тигиллибит буолан, киэҥэ сүрдээх этэ, Мария Ивановна сэниэлээхтик хааман истэҕинэ, кэнниттэн субуллан көрөргө үчүгэйэ, дьахтар быһыытын-таһаатын тупсарар көстүү этэ.

Уус Алдан түмэллэригэр (Дүпсүн, Танда, Чараҥ) 18-19 үйэтээҕи таҥастар хараллан тураллара биллэр уонна кэм аастаҕын аайы уоттуйан, эргэрэн иһэллэрэ чуолкай. Ону үйэлэрин уһатан чөлүгэр түһэрэр, саҥардар маастардар бааллара үөрүүлээх, хайҕаллаах дьыала. Холобур, уус-уран оҥоһук маастара Алдана Иннокентьевна Егорова үлэлэрин көрүҥ.

Сиэхтэрин дьогдьуурун үрдүк гыналлара олус сатабыллаахтык, мындырдык тигэллэрин туоһулуур. Дьахтар оҕотун эмиийдэтэригэр диэн халадаай иннинэн, уолугунан тимэхтэрдээх. Былыргы хаартыскалары элбэҕи көрөбүт, байбара онно суох, арай 20-с үйэ саҥатыгар интэлигиэнсийэ тиктэрэр былаачыйаларыгар алын өттүнэн хос хаттыгас тигиигэ иҥээһин (складка) баар буолбута көстөр. Оттон байбара нуучча хаһаахтарын дьахталларын дьууппаларыттан киирбит буолуон сөп. Уонна ол халадаайы киэргэппэт, кэһиэччиккэ дьүөрэлэспэт, букатын атыннык көстөр, барбат (гармонията суох) буолар.

Кэһиэччик хантан үөскээбитэ буолла? Түҥ былыр тирии сэлиэччиги оҕуруонан киэргэтэн тигэллэрин билигин «Сардаана» фабрика балачча майгыннатан тигэр, атыыга баар. Оттон хаарыс солко кэһиэччиги сыныйан көрдөххө, оноото, ону сабар хаппаҕа (клапана) оччотооҕу Европа эр дьоно кэтэр кафтаннарын быһыытыгар улаханнык майгынныыр. Хаһаахтар аҕалан атыылаабыт дуу, атастаһыкка биэрбит дуу кафтаннарын сиэҕин быһан саха дьахтара кэппит буолуон сөп курдук. Халадаай да арҕааттан хаһаахтар аҕалбыт былаачыйаларыттан таҕыстаҕа. Синньигэс биилин өрө таһааран, быһыыларыгар табыгастаах гына уларыттахтара. Ол устуоруйатын саха таҥаһын учуонайа С.И. Петрова чинчийбит, үөрэппит буолуохтаах.

Уус Алдан маастара А.И. Егорова Байаҕантай улууһун кулубата В.Л. Заболоцкай иккис кэргэнин Т.Д. Заболоцкая былаачыйатын реконструкциялаабыт. Дьиҥнээҕэ Танда устуоруйа-архитектура түмэлигэр 8566 нүөмэринэн бэлиэтэнэн хараллан турар эбит, 19-с үйэ бүтүүтэ тигиллибит. Алдана Иннокентьевна хлопок марлевка матырыйаалынан тикпит, биэтэһин – штапелинэн. Саҕатын тигиитэ уратытын, сиэҕин да олордуутун, быһыыта үчүгэйин бэлиэтиир. Аллараа өттө үс муннуктуу быһыылаах, 5 см кэтиттээх солконон киэргэтиилээх.

Байбарата суох хаарыс солко кэһиэччиктээх халадаайы
1960-с сыллардаахха Суотту Далбар хотуттара А.Н. Васильева, Е.В. Васильева кэтэллэрин көрөр этим уонна бастакы тырахтарыыс дьахтар Е. Протопопова хойут 1990 сылларга диэри кэппитин өйдүүбүн. Кинилэр төбөлөрүгэр кэтэр сайыҥҥы дьабака бэргэһэлэрэ хойуутук тигиллибит оҕуруонан ойуулаах буолара.

Ыһыахтар чугаһаатылар, сахалыы өбүгэ үгэһин тутуһан кэрэ көстүүлээх халадаайдары сайбаччы кэтиэҕиҥ. А.К. Фадеева салайар «Ай-Тик-Куо» маастар иистэнньэҥнэр бөлөхтөрө, «Кэрэ» фирма, о.д.а. сакаастары ылаллар, баҕаҕытынан тигэллэр. Саха таҥаһын сүнньүн тутуһуоҕуҥ, классика буолбуту алыс талбыппытынан уларытымыаҕыҥ.

Төрүт култуура педагога Наталья МОРДОВСКАЯ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1