Сахалыы оһуордаах таҥас суумкаттан төлөпүөнүн хостоон кэпсэтэ олорор эдэр ийэни сэргии көрдүм. Таҥаһа-саба аныгылыы, арай суумката сахалыы, оҕуруолаах, быысыпкалаах. Кэпсэтэн бүппүтүн кэннэ «суумкаҥ наһаа үчүгэй» диэн хайҕааччы буоллум, уһун унньуктаах уочаракка олорор дьон кэпсэтэн бардыбыт. Оһуордаах мааны суумканы ийэтэ тикпит эбит. Билигин итинник ойуулаах-мандардаах таҥаһы-сабы, малы көрдөхпүтүнэ, дэҥҥэ көстүбүт күндү тааһы булбут кэриэтэ үөрэбит, сүрэхпит түгэҕэр саха буолар куппут таайан, оһуорга-дьарҕааҕа ымсыырабыт.
Былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан иис-күүс саха дьахтарын сүрүн дьарыга этэ. Кэлин олох сайдан истэҕин ахсын ити идэни баһылыыр дьахтар ахсаана аҕыйаан испитэ. Ол эрээри, өбүгэ ситимин тардылыга эбитэ дуу, кэлин сахалыы моһуоннаах таҥас-сап, араас киэргэл «муода» буолбута, саха таҥаһа саҥалыы тыыннаммыта. Улуус-улуус ахсын араас талааннаах эбээлэр, ийэлэр, эдэр кыргыттар элбэхтэр. Кинилэри ханнык да ыраах сир тохтоппот буолан турар, тоҕо диэтэххэ, социальнай ситим нөҥүө бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, маастар-кылаастары тэрийэн уопут атастаһар буолбуттар. Нам улууһун Искра нэһилиэгэр элбэх оҕолоох иистэнньэҥ идэлээх Мотрена Ивановна Дьяконова олорор. Кини саха дьахтарын олоҕун, эбээ дьолун туһунан санаатын үллэһиннэ.
ЭБЭЭ ДЬОЛО
Мин оҕо сааһым Эбээн Бытантай улууһун Кустуур бөһүөлэгэр ааспыта. Сэттэ оҕолоох Гороховтарга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оскуоланы бүтэрэн баран икки сыл устата дойдубар сопхуоска ыанньыксыттаабытым. Онтон дьэ, 1980 сыллаахха култуура училищетыгар үөрэххэ киирбитим. Ити үөрэнэ сылдьан Нам улууһугар уон биэс буолан быраактыкаҕа кэлбиппит. Миигин дьүөгэбин кытта Аппааны кулуубугар ыыппыттара. Онно саҥа быраактыкаланыах буолан эрдэхпинэ, аны миигин Искра нэһилиэгэр соҕотохтуу ыһыаҕы тэрийтэрэ ыытан кэбиспиттэрэ. Оруобуна ыһыахтар үгэннэрэ этэ. Дьэ, ол ыһыахха кэргэммин кытта билсэн, үөрэхпин бүтэрэн баран ыал буолан, Нам улууһугар кийииттии кэлбитим. Билигин биэс оҕолоохпут, тоҕус сиэннээхпит. Биэс оҕобут бэһиэн ыал дьон.
Кэргэним аҕыс оҕолоох Парниковтар дьиэ кэргэн төрдүс оҕолоро. Кини ийэтин араспаанньатын ыламмыт, биһиги Дьяконовтар диэн дьиэ кэргэн буолабыт. Иис-күүс эйгэтигэр миигин ийэм үөрэппитэ. Оҕо эрдэхпиттэн ийэбэр көмөлөһөн кыралаан быһар-отор, тигэр этим. Ийэм, аймахтарым үксэ түүлээхтэн иистэнэр буолаллара. Дойдубут, айылҕабыт да ирдэбилинэн оннук таҥас быдан сыаналанара, онон кинилэр быыстапкаҕа да кытталларыгар өрүү күндү түүлээхтэн, таба тириититтэн, тыһыттан тикпит араас оһуордаах таҥастара тэлгэнэн сыталлара харахпар көстөр. Ол ырааттаҕа даҕаны дии, ол эрээри оҕо эрдэҕинээҕи дьарыгым кэлин идэм буолбут эбит диэн ардыгар санаан аһарабын. Билигин оҕолорбор, сиэннэрбэр тигэбин, оҕуруонан киэргэтэбин. Саха дьахтара барыта да мин курдук оҕо эрдэҕиттэн кыра иистэн саҕалаан тикпитэ идэҕэ кубулуйбут буолуохтаах. Билигин сахалыы оһуордаах араас суумкалары, киэргэллэри, харысхаллары дьон аһары сэҥээрэр буолла. Социальнай ситимҥэ биллэриигэ көрдөххө, атыыга хамаҕатык бараллар. Кэлин саха дьахталлара, кыргыттара, эр да дьон ыһыахха саха таҥаһын хото кэтэр буолбуттара үөрдэр. Дьиҥ төрүт үтүө үгэспитин илдьэ сылдьарбыт туох куһаҕаннаах буолуой. Ол иһин мин кыргыттарбар, сиэннэрбэр тикпитим, кэтэ, илдьэ сылдьалларын көрдөхпүнэ үөрэбин. Кыра нэһилиэккэ олорор буоламмыт, киһи сакааска тигэрэ уустук. Куорат, киин сирдэргэ сэҥээрии элбэх буолуо, онно быыстапка да дэлэйэ, киһи киһини да үтүктэн иистэниэх баҕата үөскүүр буолуохтаах. Оҕолорбут оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхтэринэ кэргэмминиин иккиэн этэрбэс тигэрбит. Тыһын мин тигэрим, оттон кэргэним улларара. Бэргэһэни түүлээхтэн арааһы тигээччибин. Сакааска нэһилиэгим дьоно биирдэ эмит тиктэрэллэр этэ. Кэлин араас харысхаллары, дэйбиирдэри, заколкалары биһирээн оҥоробун. Ылар дьон баар буоллаҕына, атыылыыбын.
Искра нэһилиэгэр 27 сыл кулуупка үлэлээбитим. Иистэнэрим таһынан, эдэр эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. Успуорт көрүҥүттэн тенниһи аһары сөбүлүүбүн. Пандемия иннинэ биирдэ эмит улууска күрэхтэһэ барар этибит, дьаҥ туруоҕуттан киһи мээнэ онно-манна сылдьыбат буолла.
Билигин үлэлээбэппин. Сүөһүлээх-астаах буоламмыт, ону көрөбүт. Хата, гаас киириэҕиттэн абыранан олоробут. Билигин биһиги дьолбут, үөрүүбүт сиэннэрбититтэн тахсар. Киһиэхэ сиэн диэн аһары чугас уонна минньигэс буолар эбит. Ити эмиэ олох, айылҕа анаан оҥорбута буолуо. Киһи сааһырдаҕына, сиэҥҥэ сымныыр, таптала күүһүрэр. Оттон киһи идэтин таптал үөскэтэр, сиэннэрбэр, төһө да сылайбыт буоллахпына, тэрээһиҥҥэ кытталларыгар таҥас тигэбин.
«ОҔОҔУН СӨПКӨ ИИТИЭҤ – ОЛОХ ДЬОЛУН БИЛИЭҤ»
2016 сыллаахха улууспутугар ыытыллыбыт «Далбар Хотун» куонкуруска кыттыбытым, “Дьоһун хотун” аакка тиксибитим. Дьиэ кэргэммэр бүтүннүү сахалыы таҥас тикпитим, саха дьахтарыгар ханнык эрэ кэмҥэ итинник куонкуруска кыттыы кэмэ кэлэр быһыылаах. Киһи онно бэлэм буолар. Урут тикпит, бэлэмнээбит тигиилэрим, быыстапкаҕа да туруон сөптөөх оҥоһуктар итинник эрэ тэрээһиннэргэ бар дьон хараҕар сыанабылы ылар быһыылаахтар.
Биһиги дьиэ кэргэн саха сиэринэн сир астыырбытын, оттуурбутун сөбүлүүбүт. Сайыммыт кылгаһа бэрт буолан, бу үтүө кэмнэри толору туһана, айылҕалыын алтыһа сатыыбыт. Биһиги оҕолорбутун кыра саастарыттан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыаран улаатыннарбыппыт. Биэс оҕоттон соҕотох уолбут Иван билигин Кэбээйигэ ыал буолан олорор. Кыргыттар үгүстэрэ оҕо уһуйааныгар үлэлииллэр. Элбэх бииргэ төрөөбүт буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааппыттара эппиэтинэскэ үөрэппитэ буолуо дии саныыбын. Билигин сиэннэрбитин оннук иитэбит. Сахалыы өс хоһооно баар дии, «Оҕоҕун сөпкө иитиэҥ – олох дьолун билиэҥ” диэн.
ИИСТЭНЭРГЭ БАҔА НААДА
Биһиги нэһилиэкпитигэр сиэлтэн, кылтан дэйбиир, сөрүө өрөргө уонна түүлээхтэн бэргэһэ тигэргэ үөрэтэ, маастар-кылаас ыыта Татьяна Карамзина кэлэн барбыта. Ити дьарыгы кыралаан баһылыахпын баҕарабын. Киһи ыарырҕатара, дьиҥэ, суох буоллаҕа, баҕа эрэ наада. Маастар-кылаас ыыта нэһилиэкпитигэр кэлэллэрэ буоллар, үөрэ-көтө үгүс дьахтар сылдьыа этэ. Улахан кыыһым бэйэм курдук иистэнэр. Кыра кыргыттар, баҕар, кэлин иистэниэхтэрэ. Дьиэ, оҕо-уруу, үлэ-хамнас кыһалҕата үтүрүйэр буоллаҕа. Мин саныахпар, иистэммэт дьахтар диэн суох, санаатын уурбат дьахтар элбэх. Үгүстэр тэрилтэҕэ үлэлиир буолан соло да булбаттар. Онон, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кэм саха дьахтарыгар талаанын арыйарыгар тоҕоостоох кэм быһыылаах.
Ульяна Захарова.
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.