Саха дьахтар таҥаралаах

10.01.2017
Бөлөххө киир:

Омук дьахтары өрө тутар, сүгүрүйэр, тапталын, махталын аныыр буоллаҕына, култууралаах, духуобунастаах, инникилээх. Тоҕо диэтэр, ханнык баҕарар уопсастыба сүрүн төрүтэ – дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэнтэн киһи Киһи быһыытынан сайдыыта, инники олоҕор туһаныахтаах үөрүйэҕэ, иитиитэ, духуобунаһа, майгыта иитиллэн тахсар. Онон дьиэ кэргэнтэн киһи аймах салгыы сайдара, эбэтэр эстэрэ быһаччы тутулуктаах диэн этиэххэ сөп. Оттон дьиэ кэргэҥҥэ кэргэн, ийэ, эбэ оруола улахан.

Ийэ


Дьиэ иһинээҕи дьыаланы барытын ийэ быһаарар. Оҕону иитии, дьиэлээхтэр бэйэ-бэйэлэрин кытары сыһыаннара, ас-таҥас атыылаһыыта, о.д.а. Мантан саамай сүрүнэ – оҕону иитии. Оҕо хайдах киһи буолан тахсара ийэттэн тутулуктаах. Онон бүтүн норуоту Ийэ иитэр диэтэххэ, сыыспаппыт буолуо.
Ийэ баар — бу орто дойдуга күндүттэн күндү. Ийэттэн ордук эн тускар кыһаллыбыт, көрбүт-харайбыт, ис-сүрэҕиттэн таптыыр ким да суох. Ийэ эмиийин үүтүн кытары оҕо түҥ былыргы өбүгэлэрин кистэлэҥ куттарын (информацияларын) иҥэринэр. Ийэ тапталын нөҥүө оҕо бу сиргэ кэрэ, үтүө сыһыан баарын билэр, өйдүүр, талаһар буолар. Аан дойдуга туох баар кэрэ, сырдык санаа, истиҥ иэйии, таптал аан бастаан Ийэттэн саҕыллар. Ийэ итии тапталыгар сууланан улааппыт киһи дьахтарга да сымнаҕас, истиҥ сыһыаннаах буолар.
Ийэҕэ сүгүрүйүү – духуобунас көстүүтэ. Ийэҕэ сүгүрүйэр буолан, норуот чөл туруктаах, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһар.

Кэргэн


Дьахтарга таптал кэргэҥҥэ сыһыан нөҥүө көстөр. Кэргэн – олох очурун-чочурун, араас ыараханнарын, үөрүүнү-көтүүнү да тэҥҥэ үллэстэр, дьолу бэлэхтиир холоонноох доҕор, тапталлаах сэгэр. Дэлэҕэ да олоҥхоҕо этиллиэ дуо:

Хоойго сытар холоонноох хотунум,
Тэгил сиртэн тэҥнээх кэргэним буол, – диэн.

Эр киһи дьиэтигэр күнү быһа үлэлээн сылайан-элэйэн кэллэҕинэ, сылаас, ыраас дьиэҕэ минньигэс ас сыта дыргыйарын, кэргэнэ, оҕолоро үөрэ көрсөллөрүн саҕа үчүгэй суох. Бигэ туруктаах, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык, тапталынан сыһыаннаһар дьиэ кэргэҥҥэ хас биирдии киһи нус-хас сынньанар, уоскуйар, кута-сүрэ чөл буолар. Оттон маннык сылаас эйгэни үчүгэй холумтаннаах кэргэн, ийэ оҥорор. Кэргэн – эрэллээх тыыл, эр киһини үрдүккэ, ситиһиигэ кынаттыыр, умса түстэҕинэ сүүһүттэн, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр, дьарамай саннын тоһуйар кыахтаах. Үчүгэй кэргэннээх киһи – дьоллоох киһи.

Кэрэ кыыс


Тыллан эрэр сибэкки курдук эдэр кыыс – норуот кэскилэ. Ол иһин өбүгэлэрбит кыыс оҕону хаппахчыга харайан, киискэ кистээн, маанылаан, харыстаан иитэллэрэ. Ол эбэтэр, аныгылыы өйдөөтөххө, өйүн-санаатын сааһылаан, сиэрдээх, ыраас, бэрээдэктээх, үчүгэй ийэ, хаһаайыстыбаннай кэргэн буоларга туһулаан иитэллэрэ.
Кыраһыабай кыыс – норуот кэрэни кэрэхсииргэ тардыһыыта, сырдык-ыраас, нарын буолуу бэлиэтэ, ис уонна тас кэрэ дьүөрэлэһиитэ. Кэрэ кыыс барахсаан тырымнаан кэллэҕинэ – тулатын сырдатар, сүрэхтэри уулларар, бэйэтэ да билбэтинэн үтүөҕэ эрэ сирдиир. Ол да иһин “Кэрэ аан дойдуну быыһыаҕа” диэн этэн эрдэхтэрэ…

Тэҥ бырааптаныы


Дьахтар уруккуттан тэҥ бырааптаах буолбатах этэ. Былыр дьахтар баттанан олорбутун билэбит. Дьахтар иккис суортаах киһи быһыытынан ааҕыллара, кини үөрэхтэнэр, тэҥҥэ аахсар, быыбардыыр бырааба суоҕа. Дьахтары төрүүр-ууһуур хааһах, дьиэ үлэһитин курдук көрүү баара. Ордук Европа, Америка дойдуларыгар. Үгүс үйэлэргэ баттанан олорбут ол дойдулар дьахталлара аныгы кэмҥэ аны аһара баран, «феминизм» бириинсиптэрин өрө тутан, эр дьону билиммэт, тэҥнээбэт, бэрт былдьаһар турукка киирдилэр. Аһара баттаан, атаҕастаан олордоххо, төттөрүтүн ылаҕын диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Оттон биһиги санаабытыгар билигин баттанан олорор мусульманскай дойдулар дьахталлара, төттөрүтүн, бэйэлэрин баттаммыт курдук санамматтар. Онно былыр-былыргыттан эр киһи – уопсастыбаны хамсатар күүс, оттон дьахтар оруола – бастатан туран, ийэ, кэргэн буолуу диэн өй-санаа кытаанахтык иҥмит, үйэлээх үгэстэринэн бигэргэммит. Дьиибэргиэхпит иһин, кинилэр дьахтарга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Дьахтары атаҕастааһын — аньыы. Дьахтар баай-дуол да өттүнэн күөмчүлэммэт. Илдьэ кэлбит халыымын кэргэнэ матайдыыр, туһанар бырааба суох. Огдообо хаалбыт дьахтарга кэргэнин аймахтара бары көмөлөһөллөр, сороҕор өлбүт кэргэнин бырааттара саҥастарын ойох ылаллар. Ол да иһин дьахтар бэйэтин баттаммыт курдук санаммат.
Араб дьахталлара нуучча дьахталларыгар этэллэр үһү:
— Эһиги дьикти үгэстээххит: туора эр дьоҥҥо анаан киэргэнэҕит, кырааскаланаҕыт, маанытык таҥнаҕыт, оттон дьиэҕитигэр сокуоннай эргит иннигэр кырааската суох, арбайбыт баттахтаах, илдьирийбит халааттаах сылдьаҕыт. Оттон биһиги уулуссаҕа туора харахтан кэрэбитин кистиибит, арай, кэргэммит иннигэр эрэ туох баар киэргэлбитин кэтэн, мааны таҥаспытын таҥнан көстөбүт.
Этэр эттэҕинэ, диэх курдук. Ол эрэн, маннык өй-санаа кыыс, дьахтар чиэһин харыстыырга, кэнэҕэски ийэ, кэргэн чөл өйдөөх, доруобуйалаах буоларыгар, айылҕаттан аналын толороругар туһуламмыт эбит. Маннык иитиллибит кыыс күүлэйдээбэт, арыгылаабат, туохха барытыгар чэпчэкитик сыһыаннаспат. Ол эбэтэр, дириҥник өйдөөтөххө, кыыс, дьахтар өйө-санаата – норуот чөл буолуутун, уопсастыба бигэ туругун мэктиэтэ эбит.
Оттон биһиэхэ хайдаҕый? ХХ үйэ дэлэйдик куду анньан биэрбит тэҥ бырааптаныыта, көччүйэр көҥүлэ сахаларга тугу биэрдэ?

Дьахтар хобулугун анныгар…

Аныгы кэмҥэ уопсастыбаҕа дьахтар оруола үрдээбитин бары билэбит. Матриархат диэн өйдөбүл биһиги олохпутугар бигэтик киирдэ. Ол олус ырылхайдык көстөр: кыргыттар, дьахталлар үрдүк үөрэхтэнэн, бары эйгэҕэ эр дьону кытары тэҥҥэ үлэлииллэр. Сорох эйгэҕэ эр дьону үтэйэн да кэбистилэр. Холобур, суруналыыстыкаҕа урукку кэмҥэ барыта эр дьон үлэлииллэрэ, билигин кырылас кыргыттар буолан эрэллэр. Оҕо саадыгар, оскуолаҕа эр дьон иитээччи, учуутал ахсаана тарбахха баттанар. Ол күлүк көстүүтэ – оҕону иитиигэ эр дьон кыттыспат буолуулара. Ити ордук уол оҕону иитиигэ охсуулаах.
Дьахтар барыта үөрэхтэнэн, хамнастаах үлэлэнэн, эр дьону бэйэтигэр тэҥнээбэт да буолан эрэр. Дьиэ кэргэҥҥэ харчы өлөрөөччү, булааччы-талааччы үксүгэр дьахтар буолла. Ол аата эр киһи уонна дьахтар үйэлэр тухары бигэргэммит оруолларын бэрт кылгас кэмҥэ атастаһан кэбистилэр. Эр киһи онтон самнан, санаата оонньоотоҕо аатыран, арыгыга убанар. Дьахтар төһө да күүстээхпин дэннэр, кини айылҕатын быһыытынан күүстээх сарыҥҥа өйөнүөн, эрэллээх эркиннэниэн баҕарар. Эр киһини хобулугун анныгар киллэрбит дьахтар тупсан-туругуран барбат, дьоллоохпун дэммэт, бэйэтэ да билбэтинэн санаата оонньуур, кыйыттар.
Дьиҥинэн, бу олус дириҥ, ыарахан, тугунан диэлийэн тахсара биллибэт боппуруос.
Билигин арҕааҥы маассабай култуура, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр содур буолууну, харчыга, баайга ымсыырыыны күөртээһиннэрэ, соҥнууллара кыыс, дьахтар өйүн-санаатын түҥнэри эргитэр. Кыыс, дьахтар бэйэтин айылҕаттан аналын умнан, арҕааҥы эдьиийдэрин үтүктэн, бас-баттах барыытын холобурун ыччат ортотугар көрөбүт. Сөптөөх иитии тиийбэтиттэн эдэр кыргыттар төрөппүттэрин көрүүлэриттэн тахсаат, таптаабат да эрээри мэнээк күүлэйдээн, арыгыны-табаҕы боруобалаан, арааска бары түбэһэллэр. Кыргыттар оскуола саҕаттан половой олоҕунан олорон бараллар. Мантан кыыс уйулҕата да уларыйар, доруобуйата да айгырыыр. Оттон уолаттар маннык кыргыттары убаастаабат буоллулар. Уолаттар өттүлэриттэн эппиэтинэһэ суох буолуу, кыыһы туһана эрэ сатааһын, кэргэннээх да эрээри көссүүлэһии маассабай, буолуохтааҕын курдук, киһи соһуйбат көстүүтүгэр кубулуйан эрэрэ хомолтолоох…
Бу барыта былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үгэспитин, дьахтарга харыстабыллаах сыһыаны кылгас кэм иһигэр туора сотуу, мэлдьэһии буолан эрэр. Бу норуот омук быһыытынан кэхтиитигэр тиэрдэрин өйдүүр кэммит кэллэ.
Туох барыта оҕону иитииттэн тахсар. Тэлэбииһэргэ, көмпүүтэргэ, оскуолаҕа сэлээннээбэккэ, оҕо ис туругун, бэрээдэгин кыратыттан иитэн-такайан улаатыннардахпытына эрэ, тас эйгэ дьайыытыттан харыстыыр кыахтаахпыт.
Хас биирдии киһи дьахтар уонна эр киһи оруолун табатык өйдөөтөҕүнэ эрэ, иһинэн-таһынан барыы тохтуо, орто оломун булуо этэ. Кэнники кэмҥэ өй-санаа өттүнэн бу хайысханан хамсааһыннар бааллар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0