Саха дьахталларыттан бастакы драматург Мария Эверстова-Обутова төрөөбүтэ 90 сылын көрсө

12.03.2018
Бөлөххө киир:

Күөрэгэйикөтүппүт драматург, оҕо суруйааччыта, 1993 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Ытык киһитэ Мария Петровна Эверстова-Обутова 1928 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр Нам улууһун Көдөhү нэһилиэгэр төрөөбүтэ.


Аҕата Петр Николаевич Обутов аахпат-суруйбат эрээри, тэрийэр дьоҕурдаах буолан, холкуоска биригэдьиир, бэрэстээтэл этэ. Ийэтэ — Евдокия Прокопьевна Обутова үс оҕотун көрөн дьиэтигэр олорбута. Мария эһэтэ — ийэтин аҕата олоҥхоһут эбит. Атын улуустартан олоҥхотун истэ кэллэхтэринэ хас да күннээх түүн олоҥхолуура үһү.

Көдөһү бастакы сүһүөх оскуолатын бүтэрэн баран, 1942 сыллаахха Дьокуускай куоракка  аймахтарыгар олорон, салгыы 2N-дээх орто оскуолаҕа үөрэммитэ. Чуолаан бу сылларга кини оскуола литературнай куруһуогар дьарыктаммыта, аан бастакы хоһооннорун суруйбута. Куруһуок “Хотугу уоттар” диэн илиинэн суруллар сурунаалы таһаарара.  Мария Обутова Дьокуускай 2-с оскуолатын 1947 сыллаахха бүтэрбитэ. 1949 сыллаахха Ксенофонт Агеевич Эверстов диэн военкомат үлэһитигэр кэргэн тахсыбыта, кэргэнин үлэтинэн Саха сирин барытын кэрийэ сылдьан, олорбуттара.

Мария Эверстова-Обутова хоһоонноро, уочаркалара, ахтыылара 1950 сылтан саҕалаан, сурунаалларга, хаһыаттарга тахсыталаан барбыттара. Оттон 1964 сыллаахха кини Өймөкөөн улууһун уус-уран самодеятельноһыгар анаан, маҥнайгы драматын «Күөрэгэйи» суруйбута. Оройуон уус-уран самодеятельноһыгар бу пьеса иккис миэстэни ылбыта уонна култуура салаатын, дьүүллүүр сүбэ улахан болҕомтолорун ылбыта. Кинилэр уонна суруйааччы Николай Заболоцкай “Күөрэгэй” драманы Саха музыкальнай-драматическай тыйаатырын репертуарыгар киллэрэргэ этии оҥорбуттара. Онон, «Күөрэгэй» драма 1968 сыллаахха Саха музыкальнай-драматическай тыйаатырын сценатыгар туруоруллубута уонна улахан ситиһиилэммитэ. Уопсайа 200-тэн тахсата бу испэктээх  көрдөрүллүбүтэ. Бу кэнниттэн  Мария Эверстова-Обутова “Элигиэттэр”, “Тэккээ”, “Өйдөһүү”  драмаларын айбыта. Бу эмиэ барыта Саха тыйаатырын сценатыгар ситиһиилээхтик турбута. Драматург Эверстова-Обутова оҕолорго анаан 11 аччыгый формалаах испэктээҕи, икки остуоруйа-пьесаны, олоҥхо-пьесаны, үҥкүү сюиталарын, оҕолорго кэпсээннэри, хоһооннору, сценарийдары суруйбута. Оттон оскуола алын сүһүөх кылаастарыгар ааҕыыга анаан, соавтор быһыытынан, 9 кинигэни бэчээттэппитэ. Олоҥхону үйэтитиигэ, Ыһыах үгэстэрин сөргүтүүгэ суруйааччы эмиэ биллэр-көстөр кылааты киллэрбитэ.

Мария Петровна аҕыс оҕо ийэтэ, элбэх оҕо эбэтэ, хос эбэтэ. Кини биһиги өрөспүүбүлүкэбит духуобунай-култуурунай сайдыытыгар үгүс үтүөлэрин учуоттаан, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристэбэтэ, СӨ Сибээскэ уонна информационнай технологияларга министиэристибэтэ кыттыылаах, үбүлүөйдээх хамыыһыйаны тэрийдэ.

Онон, быйыл төрөөбүтэ 90 сылынан, саха дьахталларыттан бастакы драматург Мария Эверстова-Обутова аатын үйэтитиигэ, кини литературнай нэһилиэстибэтин, олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар матырыйааллар өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа тахсыахтара дии саныыбыт.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Айымньылара

  • Күөрэгэй: 4 хартыыналаах лирич. драма. — Дьокуускай, 1972
  • Ньургуһун – Оҕолорго хоһоон хомуурунньуга. Дьокуускай, 1978
  • Мөккүөр — Оҕолорго пьесалар. Дьокуускай, 1981
  • Хампа күөх кытылга. Хомуурунньук. 1987 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0