Саха былыргы дьахтара…
Сырдык илин халлаантан
Сардаҥа куттаах Айыылартан
Сүрэхтэнэн, араҥаччыланан,
Сэттэ аҕыс-балыс
Ситимниир Айыыһыттартан
Сандаарыйа айыллан,
Сирэм күөх айылҕаҕа
Сириэдийэ ууһаан-тэнийэн
Саха омугу түстээтэҕэ,
Сүүрбэ биирис үйэҕэ аҕаллаҕа.
Саха былыргы дьахтара…
Соҕуруу дойдуттан төрүттээх
Сүдү омук этибит.
Суостаах көһүүлэргэ үтүрүллэн,
Сатабыллаах өбүгэлэрбит
Саха омук кэскилин көмүскээн
Суос соҕотох быыһанар
Суолу-ииһи тобулан,
Сындааһыннаах чысхаан тымныылаах
Сахабыт сирин булбуттара,
Сүҥкэннээхэй дойдуну баһылаабыттара.
Саха былыргы дьахтара…
Суолта биэрэрэ уруулаһыыга.
Сиэр-туом үгэһинэн,
Сураһыы түмүгүнэн,
Санаа хоту кэпсэтиинэн
Суорумньуһуттаах эр бэрдэ
Сыҥаах хоҥноруулаһан,
Сулуу быһаарсыылаах
Сүктэн барара сөбүлээбит кыыһын.
Саҕаланара ыал түбүктээх олоҕо,
Саха ыала – олохпут төрдө.
Саха былыргы дьахтара…
Синньигэс көнө уҥуохтааҕа,
Сэргэх ыраас сэбэрэлээҕэ,
Суһуоҕун ньуура толбоннооҕо,
Сытыары сымнаҕас майгылааҕа,
Сырдык үтүө ыралааҕа,
Сытыы мындыр өйдөөҕө,
Сүрүн-кутун күүһүнэн,
Санаата модунунан
Самныбат тулуурдааҕа,
Сөҕүмэр сатабыллааҕа.
Саха былыргы дьахтара…
Саха омук орто дойдуга
Симэлийбэтин туһугар
Сайыннын, кыаҕырдын диэн
Соргулаах толкуйдааҕа.
Сирдээҕи дьоллоох олох
Саҥа үүнэр үйэлэргэ
Сайдыы хаамыытынан
Саргыланан кэлиэхтээҕин,
Саха итэҕэлигэр олоҕуран
Силбэһиннэриэн баҕарара.
Саха былыргы дьахтара…
Сөп-сөп сааһын тухары
Сүүрбэччэтэ оҕолоноро.
Саҥардыы төрөөбүт оҕото
Суостаах-суодаллаах тымныыга
Соһуччутук дьаҥныырын,
Сатыырынан эмтиирэ,
Сүмэлээх отунан-маһынан.
Сүрүннээн эмтээһиннэрэ – ойууннааһын,
Сорохторо эрэ өрүттэллэрэ,
Салҕанара кэмчи үөрүүлээх олоҕо.
Саха былыргы дьахтара…
Саха тутуута — балаҕан
Сыһыары сыбахтаах хотоҥҥо
Сүөһүлэрин туталлара.
Сүүрбэччэ төбөлөөхтөрө,
Сүрүн баайдара-дуоллара.
Суһал сырыыларга
Сыспай сиэллээхтэрэ.
Сүөһүнү-аһы бэрийии
Сүҥкэн түбүктээх үлэ
Сүктэриллэрэ киниэхэ.
Саха былыргы дьахтара…
Сүгэһэр оҥостуммакка
Сиэрдээх суолта биэрэн
Салгыбакка көрөрө
Сууйара-тарыыра,
Сирийэн эмтиирэ
Суорҕан-тэллэх оҕонньоттору,
Сүһүөхтэрэ уйбат эмээхситтэри.
Сэмэй уостубат тапталынан
Сибэтиэй иэһин толорон
Сириэдийэн аастаҕа.
Саха былыргы дьахтара…
Саамай биир бүппэт
Сыра-сылбака эрэйэр
Сындааһыннаах үлэтэ – иис.
Сүнньүнэн кыһыҥҥы түүннэргэ
Салаллан, төхтөрүйэн кэлэрэ.
Сибэчи, тымтык уотугар
Сымса араас иис ньымата,
Сүбэ-ама эбээттэн ийэҕэ,
Солбуллан ийэттэн кыыһыгар
Ситим буолан бэриллэрэ.
Сөхтөрөр уран оҥоһуктары айбыта.
Саха былыргы дьахтара…
Саха таҥаһын эгэлгэтин
Сарыыттан, түүлээхтэн,
Сукунаттан, тирииттэн
Соннору, бэргэһэлэри,
Саҕынньахтары, атах таҥаһын,
Суорҕаннары, сэби-сэбиргэли
Саталлаахтык иистэнэрэ.
Сүктэр кыыһын эрдэттэн
Саҥалыы сиргэ ийэ ууһун
Сайыннардын, тэниттин диэн
Санаатын ууран тэрийэрэ.
Саха былыргы дьахтара…
Сайынын, күһүнүн оттоһон,
Сыыйа бурдук хомуура,
Салгыбакка эмтээх оту,
Сир аһын арааһын
Санаа хоту хомуйара.
Салаҥ элбэх иһити-хомуоһу,
Сахалыы ураһа туос киэргэлин
Сөбүлээн туран ураннык оһуордуура.
Сааскы быстарыы хаһааһын:
Сыма, бэс, тар үөрэлэрин
Сүһүөх-сүһүөх астыыра.
Саха былыргы дьахтара…
Сэймэктэһиилээх кыргыс үйэлэргэ,
Сут-кураан, ыарыы-сүтүү
Суос-суодал кэмнэргэ,
Сыралаах, дьүккүөрдээх үлэтинэн
Сылайбытын умнан дьонун көрөрө.
Сороҕор соһуччу көһөн күккүрээн,
Сүөһүтүн-аһын хомунан
Сындалҕаннаах айаҥҥа турунара.
Сыдьааннара үлэ боруонугар
Сэриигэ барбыт эр дьону
Сөҕүмэрдик солбуйбуттара.
Саха былыргы дьахтара…
Сылаалаах, биир кэм үлэттэн
Сынньанар диэни билбэккэ,
Сиһин биирдэ да көннөрбөккө,
Сааһыран, бэйэтэ эмэхсийэн
Сылаата-элээтэ баранан
Сиэннэрин, оҕолорун ортолоругар
Санаа ымыытын эппитэ:
“Сир дойдуга олороргутугар
Сиргэ кэлбит аналгытын толоруҥ.
Саха саргытын салайсыҥ
Санаам баҕам хоту туоллун. Дом!”
Саха былыргы дьахтара…
Саҥа дойдута тыйыстык көрсүбүтэ.
Саһарҕалыы ыралаах, айылгылаах
Сүрүн-кутун балысхан күүһүнэн
Саха култууратын сайыннардаҕа,
Силистээн-мутуктаан элбэх көрүҥнээтэҕэ
Саха омук үйэтэ уһаатын
Сайда-үүнэ турдун диэн
Сахалыы алгыстаан, харысхаллаан
Сэмэйдик кэнэҕэски ураанхайдарга,
Сарсыҥҥылаах сахаларга
Сыаналаммат бэлэх хааллардаҕа.
Саха былыргы дьахтара…
Солбуллубат улуу ийэ, үлэһит,
Сүрэҕэр сөҥүөрдүбүт айааччы.
Саха култууратын төрүттээбиккэ,
Сыралаһан туран сайыннарбыкка.
Саха оһуохайа, хомуһа,
Сир саарыгар аатырбыт – олоҥхобут
Саргылаахтык сураҕырарыгар,
Саханы саха дэппиккэ,
Саха күн-күбэй ийэлэргэ,
Саха былыргы дьахтара барахсаҥҥа
Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйүөҕүҥ!
Борис Борисов
Амма с.