Архангельскай олохтооҕо, нуучча, англия, финн тылларын баһылаабыт Ольга Шедричева билигин бэйэтин баҕатынан аны саха, башкир тылларын үөрэтэ сылдьар. Былырыын “Саха сирэ” хаһыакка кинини кытта интервьюбут тахсыбыта. Быйыл Ольга: “Хаһыакка анаан сахалыы, тылга сыһыаннаах бастакы ыстатыйабын суруйдум. Таһаарыаххыт этэ дуо?” – диэн ыйыппытын үөрүүнэн өйүүбүт, бэчээттиибит.
Саха сиригэр Чиряевтар этнопедагогическай династияларын туһунан киэҥник биллэр. Константин Спиридонович Чиряев «Олох педагогиката» диэн үлэтэ национальнай иитиигэ үрдүк сыаналаах идеянан баай. Николай Константинович Чиряев, К.С. Чиряев уола, аҕатын дьыалатын салҕаан, төрөөбүт тыллаах оскуоланы аспыта. Дьокуускай куоракка Н.К Чиряев көҕүлээһининэн саҕаламмыт “Олох үөрэҕэ” этнопедагогическай киин үлэлиир.
Айыы биэрбит төрөөбүт тылым миэнэ
Саха сириттэн ураты этнопедагогика кииннэрэ Арассыыйаҕа Башкортостааҥҥа, Татарстааҥҥа, Хакасияҕа уо.д.а эрэгийиэннэргэ үлэлииллэр. Саха менталитетыгар саамай чугас Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин туһунан эттэххэ, этнопедагогическай түөрүйэ быраактыкалыын манна олус дьулусханнык сайдар эбит. Манна төрөөбүт тыл, төрүт тыыннаах үөрэх иһин биллэр суруйааччы, суруналыыс уонна педагог Марьям Буракаева улахан сыратын уурар. Ол туһунан кини “Аргымак” диэн кинигэтигэр кэпсиир:
– Мәрхәбә-эдьиий, оскуолаларга уруоктары барытын нууччалыы тылынан үөрэтэллэр. Чуолаан эттэххэ, үрдүк үөрэххэ башкирдыы үөрэппэттэр. Нуучча тылын билбэт оҕо кырааматынайа суох хаалыа, институкка киириэ суоҕа. Эн туох диигин?
— Кырааматынайа суох оҕо институкка киирбэт эбит буоллаҕа.
— Бэйэҕит кырааматынайа суох оҕо институкка киирбэт диэн этэҕит. Уонна эһиги оҕолоргутун кытта дьиэҕитигэр башкирдыы кэпсэтэҕит, онон оҕолоргутун кырааматынаһа суох хааллараҕыт эбит дии.
– Доҕоруом, иһит дуу. Хайдаҕын быһааран этиим. Кырдьык даҕаны, мин оҕолорум дьиэҕэ нууччалыы кэпсэппэттэр. Мин бэйэм оҕобун кытта тоҕо нууччалыы кэпсэтиэхтээхпиний? Мин ийэбин эбээт. Айыы биэрбит төрөөбүт тылым. Бу тылынан толкуйдуубун, бу тылынан ыллыыбын. Ол иһин доҕорум, чэ иһит. Нуучча оҕолоро тоҕо мөлтөхтүк үөрэнэллэрий? Кинилэр бары тоҕо институкка киирбэттэрий? Нуучча оҕолоро тоҕо төрөөбүт тылларынан үөрэнэллэрий? Нууччалар дьиэлэригэр нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. Уонна мин башкир оҕолорум кинилэргэ диктант суруйарга үөрэтэллэр. Онон эн үөрэхтээх киһи буоларгынан толкуйдаа, быһаар.
Бу “Аргымактан” башкирдыы үөрэтэр национальнай оскуолалар аһыллыытын туһунан кэпсиир кэрчиги ылан тылбаастаатым. Дьокуускай куоракка курдук Уфаҕа эмиэ национальнай оскуолалар аһыллыыларын устуоруйата майгыннаһар.
Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Марьям-эдьиий биэс оҕотун башкир үгэһинэн, башкир тылынан ииппитэ. Кини санаатыгар, төрөөбүт тыллаах эйгэ дьиэҕэ эрэ буолбакка, башкир тылыгар үөрэтэр оскуолаларга эмиэ улахан суолталаах. 1970-с сылларга башкир тыллаах оскуола аҕыйаабытыгар, Марьям-эдьиий кэргэнэ Диккат Буракаевтыын 20-с нүөмэрдээх башкир гимназиятын арыллыытыгар көмөлөспүттэрэ.
Төрөөбүт тыллаах оскуолаҕа төрөөбүт тыллаах үөрэх – иитии сорҕото эбээт. Норуот үгэстэрэ национальнай оскуола олоҕо.
Этнопедагогика теориятыгар норуот бэйэ култууратынан олорор. Араас култуура араас улахан күндү айымньылаах. Сахалар олоҥхолоохтор, башкирдар Урал баатыр диэн эпостаахтар. Ол иһин Башкортостааҥҥа Урал баатыр оскуолатын аспыттара. Билигин бу бырагырааманан элбэх оскуола, уһуйаан үлэлиир. Орто оскуолаларга сөптөөх “Олох ыллыктара” (башкирдыы “Тормош һабактары”) үөрэх кинигэтэ эмиэ суруллубут.
Саха тыллаах доҕотторбун кытта “Аргымак” туһунан кэпсээни ааҕан баран, кинигэҕэ суруллубут идеялар сахаларга эмиэ чугас буолалларын өйдөөтүм. Дьокуускайга да, Уфаҕа даҕаны ийэлэр, аҕалар оҕолорун төрөөбүт тылга үөрэтэр баҕалара үрдээн иһэр. “Айыы биэрбит төрөөбүт тылым миэнэ” диэн этии наһаа чаҕылхайдык ол баҕа санааны көрдөрөр.
К.С. Чиряев “Олох педагогикатыгар” үлэтин курдук “Аргымакка” олохтон холобурдардаах, баар дьон ойууланар.
Башкир тылын үөрэнээччитин көрүүтүнэн
“Олох педагогикатын” уонна “Аргымагы” тэҥҥэ ааҕабын. Кырдьык даҕаны, “Аргымагы” ааҕан, “Олох педагогикатын” бэрт чэпчэкитик ылынным. Уонна төттөрүтүн “Олох педагогикатын» ааҕан, “Аргымагы” чаҕылхайдык өйдөөтүм. Саха тылын 20 ый, башкир тылын 12 ый үөрэттим. Төрөөбүт тылларын харыстыыр дьону олус ытыктыыбын. Маҥнай Марьям Буракаева режиссёр Тансулпан Буракаева ийэтэ буоларын биллим. Башкир тылыгар учууталым Марьям-эдиий Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин саамай ааҕыллымтыа ааптара буоларын кэпсээбитэ. Классиктары сэргэ аныгы кэм суруйааччыларын эмиэ ааҕыахха наада. Аныгы суруйааччылары судургу уонна чопчу тылларын иһин сөбүлээн ааҕабын.
Айылҕа биэрбит саамай күндү баайа төрөөбүт тыл. Төрөөбүт тыл – тыынар салгын тыла, таптал тыла. Биһиги төрөөбүт тылбытынан саҥаран, бэйэбитигэр чугас тыыҥҥа сыстан, төрөөбүт тылбытынан ыллаан үөрүүбүтүн үксэтэбит, аһыыбытын аҕыйатабыт, сүрэхпитин ыраастанабыт.
Сахалар, башкирдар айылҕа оҕолоро буолалларын иһин таптыыбын. Саха уонна башкир тыллара кэрэ тыллар, көнө грамматикалааҕын иһин сөбүлүүбүн. Саха, башкир доҕотторбун төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэрин иһин ытыктыыбын.
Хаһан эрэ “Аргымагы” сахалыы тылбаастыам диэн эрэнэбин. Ол эрээри, башкир тылыттан саха тылыгар прозаны тылбаастыыр миэхэ өссө да уустук. Бу кинигэ биһиэхэ махтал, эрэл, таптал тылларынан олохпутун кэпсиир. Бу тыллары саха доҕотторбун кытта үллэстиэхпин баҕарабын.
Ольга ШЕДРИЧЕВА (Архангельскай).