Бу күннэргэ Амма улууһун Эмис нэһилиэгин “Чуораанчык” уһуйааныгар “Саха балаҕана – төрүт иэримэ дьиэбит” диэн саха балаҕанын үөрүүлээх быһыыга-майгыга, санэпиднуорманы тутуһан, арыйыы буолла.
— Уһуйаан ветераннара, үлэһиттэрэ, оҕолоро, тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар, эҕэрдэлээтилэр, бэлэх туттардылар. Үрдүк таһымнаахтык ыыттылар, уһуйааннар кичэйэн бэлэмнэммиттэрэ көһүннэ. Лена Аркадьевна иилээтэ-саҕалаата.
Манна нэһилиэк олохтоохторун, депутаттарын, дьаһалтатын аатыттан бары да иитиллибит уһуйааммытын эҕэрдэлээтим, кэһиибин туттардым. Дьаһалта тэрилтэлэргэ биллэрбит граныгар уһуйааннар кытта сылдьаллар, кинигэлэрин типографияҕа чэпчэтиилээх таһаарыыга республика “Медиа-Холдинг “Якутия” сөбүлэспитин кэпсээтим. Үбүлээһинэ кыттыһыы бэрээдэгинэн бардаҕына табыллар.
Уһуйааммыт сахалыы иитиинэн, олоҥхонон дьарыктаммыта ыраатта. Оҕолор сахалыы күпсүүрү оҕустулар, Ирина Ноговицына кэрэ куолаһынан ыллаата, оһуохай таһаарда. Түмүккэ ыалдьыттары 100% cахалыы астан турар сандалыга ыҥырдылар. Күммүт да сүрдээҕин туран биэрдэ. Ситиһиилээх буолуҥ, уһуйааммыт, — диэн нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин иһитиннэрдэ.
edersaas.ru