Саха баайа Георгий Терешкин үтүөтэ умнуллубат

Ааптар: 
10.06.2018
Бөлөххө киир:

Былыргы саха баайдарын кэккэлэригэр дьоннорун-сэргэлэрин сырдатарга-сайыннарарга турууласпыт дьон аҕыйаҕа суохтар. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин төрүттээбит уонна оскуоланы астарбыт, улууска кулубалаабыт Георгий Петрович Терешкин (1843-1916 сс.) буолар.

edersaas.ru

Сиэйэҕэ оскуола аһыллыыта

Оччолорго оскуоланы сиэркэп эрэ иһинэн арыйар көҥүллэнэрэ. Ол иһин, үөрэҕи-билиини тарҕатыахтарын баҕарар дьон бастатан туран сиэркэп тутарга көмөлөһөллөрө, кыахтаах өттүлэрэ бэйэлэрэ үбүлээн туттараллара. Сиэйэ күөлүн соҕуруу өттүгэр олорор Георгий Терешкин Бутукайы, Нөөрүктээйини, Түбэйи холбоон, Сиэйэҕэ сиэркэп тутар, оскуоланы аһар туһунан боппуруоһу туруорбут. Манна сиэркэп тутулуннаҕына, Ботомоойу приходуттан араҕан, Бутукай туспа приход буолуохтааҕын бырачыастааннар, сорохтор Дьокуускайдааҕы аккыырайга уонна Духуобунай консисторияҕа үҥсүү түһэрбиттэр. Үҥсүбүт биричиинэлэрэ — Ботомоойу сиэркэбин ороскуота Кугдаар, Дьаархан нэһилиэктэригэр ыарахан буолуо диэн. Онуоха Георгий Петрович Ботомоойу аҕабыта Попов Василийдыын саҥа сиэркэп былаанын оҥорон аккыырайга уонна духуобунай консисторияҕа көрдөһүү түһэрэн, көҥүл ылбыта. Ити 1887 с. эбит. Онон 1890 с. сэтинньи 25 күнүгэр Бутукайга Георгиевскай сиэркэп тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Сиэркэп иһинэн 1892 с. оскуола аһыллыбыта. Аҕабыыт уола Попов Василий Мисаилович уон сыл устата учууталлаабыта. Оскуоланы Г.П.Терешкин үбүлүүрэ. Бу оскуолаҕа Түбэйтэн, Нөөрүктээйиттэн, Түбэй Дьаархантан, Кутанаттан, Күүкэйтэн, о.д.а. нэһилиэктэртэн элбэх ыччат кэлэн үөрэммитэ, улахан үөрэхтээх дьон тахсыбыттара. Онон, Бутукай оскуолтата улууска үөрэхтээһин сайдарыгар улахан суолталаах кыһа буолбута.

Бутукай нэһилиэгин тэрийии

Георгий Петрович салгыы Бутукай нэһилиэгин тэрийиигэ үлэлээбитэ. Ол архыып докумуоннарыттан көстөр: «В фонде Якутского областного управления имеется отношение Иркутского Генерал-Губернатора на имя Якутского губернатора от 11 сентября 1893 года, в котором он уведомляет о том, что «признавая доводы просителей об отделении их в отдельный улус (так в документе) уважительными, утверждая журнал Якутского Областного совета за №114, не встречаю препятствий к выделению инородцев Бутукайского, Мындайского, Токасского родов из Кугдарского наслега, в количестве 158 душ мужкого пола и 141 женского пола для образования Бутукайского наслега, с особым в нем родовым управлением». Ити курдук Бутукай нэһилиэгэ 1893 с. тэриллибитэ (1954 сылтан Сиэйэ нэһилиэгэ диэн ааттанар). Ыстаарыстанан (кинээһинэн) анаммыт Георгий Петрович бэйэтэ туруорсан тэрийтэрбит нэһилиэгин салайар кэмигэр элбэх тутууну ыыппыта. 1912 с. саҥа улахан оскуоланы туттарбыта. Нэһилиэк сайдыбыта, кэҥээбитэ, бэл, 1921 1930 сс. улуус киинэ буола сылдьыбыта.

Меценат үтүө дьыалата

Георгий Терешкин 1843 с. Мухтуйа (билиҥҥитэ Ленскэй) улууһун Нуотара сэл. дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Биэс саастааҕар ийэлэрэ өлөн аҕатын уонна кыра быраатын кытары Сунтаар улууһугар көһөн кэлбиттэрэ. Уол сүүрбэ сааһыгар диэри Габышев Лука баайга хамначчыттаабыт. Улаатан баран Бодойбоҕо көмүстээх Тайҕаҕа киирэн көнөн тахсыбыт.

Кини бэйэтин нэһилиэгэр эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин үрдүнэн таҥара итэҕэлэ тарҕанарыгар, үөрэх сайдарыгар сыраласпыта. Ол курдук, Сиэйэҕэ 1890 с. Георгиевскай сиэркэби, сиэркэп үлэһиттэрин олорор дьиэлэрин, 1890 с. церковнай-приходской оскуоланы туттарбыта. Дьокуускайдааҕы Спасскай манастыырга 5 тыһ. солк., Тойбохойго Иннокентьевскай сиэркэп тутуутугар 4 тыһ. солк. биэрбитэ. Бүлүү куоратын сиэркэбин тутуутун үбүлээбитэ. Намҥа Хатыҥ Арыы сиэркэбин дьиэтигэр 500 солк., Марха норуодунай оскуолатыгар 1 тыһ. солк., Элгээйи оскуолатыгар 1,5 тыһ. солк., Дьокуускайдааҕы дьахталлар училищеларыгар 2 тыһ. солк. сиэртибэлээбитэ. Бу училищеҕа 1891-1901 сс. попечителлээбитэ. 1895-1898, 1908-1909 сс. кулубалаан олорон, Өлүөхүмэттэн Сунтаарга диэри 50 көс усталаах айан суолун, муосталары оҥотторбута, Сунтаар улууһун Илиҥҥи Сибиир телеграбын ситимигэр холбоппута. 1912 с. Сиэйэҕэ саҥа оскуола дьиэтин туттарбыта, талааннаах ыччаттар үөрэнэллэрин үбүлүүрэ. Бу үтүөлэрин иһин «Святой Станислав» II степеннээх, «Святая Анна» III степеннээх уордьаннарынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Санкт-Петербург, Париж, Петергоф…

Үрдүкү Синод 1900 с. православнай таҥара итэҕэлин тарҕатыыга уонна үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлэрин сыаналаан, Георгий Терешкини Санкт-Петербург куоракка ыҥырбыта. Ити сыл Парижка Бүтүн аан дойдутааҕы этнографическай быыстапка тэриллибитэ. Онно Россия империятын быыстапкатын Сибиирдээҕи салаатын иһинэн Саха сиригэр аналлаах туспа муннук тэриллибит. Бу быыстапкаҕа Сунтаар кулубата Георгий Терешкин уонна кини тылбаасчыта, Элгээйи оскуолатын учуутала, бэйэтэ үөрэтэн француз, ньиэмэс тылларын баһылаабыт, Арҕаа Хаҥаластан төрүттээх Дмитрий Сивцев сылдьыбыттара, Саха сиригэр аналлаах муннукка балтараа чаас устата экспонен буолбуттар, ол эбэтэр бэйэлэрин көрдөрөн турбуттара. Сунтаартан бэс ыйын 1 күнүгэр айаҥҥа туруммуттар. Парижка от ыйын 20 күнүн эргин тиийбиттэр. Ити туһунан Дмитрий Дмитриевич бу курдук суруйбут: «Парижка уон хоммуппут, аара Венаҕа, Мюнхеҥҥэ, Кельнҥа, Берлиҥҥэ, Варшаваҕа тохтотолообуппут». Парижтан төннөн иһэн Петергофка Николай II ыраахтааҕыга ыҥырыллан, Императоры кытары көрсүбүттэр, уонча мүнүүтэ устата кэпсэппиттэр, ыраахтааҕы уон алта генералларын кытта бииргэ олорон аһыыр чиэскэ тиксибиттэр.

Георгий Петрович бу сырыытын туһунан кэпсээнин 1909 с. епископ Иннокентий маннык суруйбут: «Был словно без языка, так как кроме своего родного якутского, он не знает никакого другого, отличительной особенностью Парижа была его необыкновенная шумливость. Пробовал было подниматься на Эйфелеву башню, но со второго этажа, вследствии головокружения, скорее спустился обратно». Бу сырыы кэнниттэн Терешкин үөрэх наадатын өйдөөн, улууһугар оскуола аһарга өссө күүскэ турууласпыт буолуохтаах.

Үтүө киһи аата үс үйэ умнуллубат

Терешкин үстэ кэргэннэнэ сылдьыбыта да, оҕото суоҕа. Инньэ гынан, Евдокия диэн кыыһы иитэ ылбыта. Кыыс Тимофеев Михаил Николаевичка кэргэн тахсарыгар мин араспаанньабын илдьэ сылдьыҥ диэбит, онон эдэрдэр «Тимофеев – Терешкин» диэн араспаанньаны ылыммыттара. Күтүөт Михаил Николаевич Тимофеев — Терешкин талааннаах поэт, суруйааччы, публицист буолбута. Федор, Николай, Марина, Татьяна диэн оҕоломмуттара. Олор сыдьааннара үрдүк үөрэхтээх, үлэһит дьон буолбуттара. Георгий Петрович 1916 с. өлбүтэ.

2006 с. бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров ыйааҕынан, үөрэхтээһиҥҥэ Георгий Терешкин аатынан меценат бэлиэтэ олохтоммута. Бастакы бэлиэнэн «Колми-95» генеральнай дириэктэрэ Николай Румянцев наҕараадаламмыта.

Сиэйэ дьон-сэргэтэ Г.П.Терешкини истиҥ махталынан ахтабыт, кини аатын үрдүктүк тутабыт. Бэс ыйын 30 күнүгэр ыһыллар Сиэйэ ыһыаҕа нэһилиэк төрүттэммитэ 125 сылыгар, Г.П.Терешкин 175 сааһыгар ананар.

Сунтаартан Анатолий Степанов, Саха өрөспүүбүүкэтин үтүөлээх учуутала, “Саха сирэ” edersaas.ru. сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0