Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр эмблемэлэрэ сүрэхтэннэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, “Сахамедиа” пресс-киинигэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр эмблемэлэрин, саайтын сүрэхтээтилэр. Мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников кыттыыны ылла.

edersaas.ru

Сергей Местников бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ сүҥкэн оруоллааҕын туһунан эттэ:

—Үбүлүөй чэрчитинэн сүүс социальнай суолталаах эбийиэк тутуллаллара былааннанар. 100 уопсастыбаннай үлэ, идиэйэ олоххо киириэхтээх. Экэниэмикэ салаатыгар 10 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ олохтонуохтаах. Онон, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо бу тэрээһиннэргэ кыттар кыаҕы ылыаҕа.

Үбүлүөй сүрүн тэрээһиннэрэ эһиил 2022 сылга ыытыллаллара былааннанар.

Тэрээһин эмблемэтин СӨ тас сибээһин уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Татьяна Пяткина билиһиннэрдэ:

— Эмблема элбэх символлаах, дириҥ суолталаах санаалары киһиэхэ үөскэтиэхтээх. Бастаан эмблемэҕэ 100 диэн сыыппараны көрүөххэ сөп. Маҥнайгы бэлиэ сэргэ. Саха норуотун баай култууратын кэрэһэлиир бэлиэ буолара саарбаҕа суох. Иккис төгүрүк – Саха Өрөспүүбүлүкэтин гиэрбэтэ. Үһүс бэлиэ – саха халандаара.

Үбүлүөйдээх тэрээһин брендбуга эмиэ бу бэлиэ тула оҥоһулунна. Брендбук көмөтүнэн тэрээһин туһунан нэһилиэнньэ билиэхтээх диэн миниистири солбуйааччы эттэ.

 Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0