1917 сыллаахха Саха сиригэр, дойду бүттүүнүгэр курдук, национальнай-култуурунай тутул норуот үөрэҕин тиһигин саҥалыы тутууттан уонна сайыннарыыттан, үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһууттан, култуурунай-сырдатар үлэни күүскэ ыытыыттан саҕаламмыта. Национальнай оскуоланы сайыннарарга, саха омук тылын уонна култууратын быраабын чөлүгэр түһэрэргэ анаан олохтоох дьону үлэҕэ ылыы бэлиитикэтин ыытарга, салайыы сэбиэскэй аппараатын төрүт олохтоох дьон күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар дьүөрэлии тутарга улахан болҕомто ууруллубута. М.К. Аммосов олохтоох дьону үлэҕэ ылыыны уонна Саха сирин атын олохтоох омуктарын төрүт култуураларын сайыннарыыны Сэбиэскэй былаас кэмигэр омуктар тэҥ бырааптаах буолууларын бэлиитикэтин курдук сыаналыыр этэ. Ити бэлиитикэ нэһилиэнньэ үөрэҕэ суох буолуутун утары үлэни ыытар, төрүт олохтоох омуктары орто анал, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр салгыы үөрэттэрэр, олохтоох каадырдары бэлэмниир кыаҕы биэрэрэ. Коммунистическай тутул бастакы сылларыгар саха култуурата бары хайысханан тэтимнээхтик сайдыбыта.
Норуот үөрэҕириитин сайыннарыы
Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэнньэ барыта кэриэтэ үөрэҕэ суох этэ. 1917 с. Саха сирин уобалаһыгар 264 тыһ. тахса киһи олороро. Нэһилиэнньэ 84% кэриҥэ тыа сиригэр олороро. Эмиэ оччо кэриэтэ саха этэ, 9,5% нуучча, 6,5% эбэҥки, эбээн, дьүкээгир, чукча уонна да атын омук олороро. 1917 с. чахчынан, Саха сиригэр 173 оскуола баара, онно 253 учуутал үлэлиирэ уонна түөрт үөрэх тэрилтэтэ: реальнай училище, дьахтар гимназията, дьахтар епархиальнай училищета уонна духуобунай сэминээрийэ баара. Ааҕар-суоттуур дьон 2% эрэ этэ, оттон олохтоох нэһилиэнньэттэн 0,7% эрэ ааҕара-суоттуура.
1919 с. ахсынньы 26 к. ылыныллыбыт РСФСР Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин «РСФСР олохтоохторун ортотугар үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһар туһунан» Дэкириэтэ улахан суолталаах буолбута. Улахан дьону ааҕарга үөрэтэр үлэ күүскэ ыытыллыбыта.
Төрүт суругу-бичиги уонна бэчээт дьыалатын сайыннарар дьаһал ылыныллыбыта. 1917 с. аан дойдутааҕы дорҕоон транскрипциятыгар олоҕуран саха алпаабыта оҥоһуллубута.
П.А. Ойуунускай көҕүлээһининэн 1921 с. кулун тутар 31 к. саха тылынан үөрэх кинигэтин бэлэмниир хамыыһыйа тэриллибитэ. 1921 с. С.А. Новгородов таҥан оҥорбут букубаара уонна саха тылынан бастакы ааҕар кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
1922 с. атырдьах ыйыгар Саха АССР Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин үөрэтиллэрэ булгуччулаах «саха тыла» биридимиэти өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар киллэрэр туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Ону таһынан саха тыла алын сүһүөх оскуола бастакы бөлөҕөр үөрэтэр тылынан буолбута. Ол туһунан саха литературатын төрүттээччи А.Е. Кулаковскай улаханнык үөрэн туран маннык диэн суруйбута: «Коммунизм улуу идеята ханнык да кыра-хара норуокка тугунан да кэмнэммэт улахан дьолу тосхойдо – ийэ тылбытынан оҕолорбутун сайыннарар кыаҕы биэрдэ».
Саха сиригэр алын сүһүөххэ булгуччулаах үөрэнии киирбитигэр (1930 сылтан 1941 сылга диэри) алын оскуола ситимин сайыннарарга сүҥкэн үлэ ыытыллыбыта. Үөрэнээччилэр наука төрүтүн дириҥник өйдүүллэригэр, нуучча уонна саха тылын уонна литературатын хаачыстыбалаахтык үөрэтэллэригэр бары күүс түмүллүбүтэ, саха тылын үөрэтии методикатын научнай төрүтүн оҥорор үлэ ыытыллыбыта. Ити сылларга алпаабыт уонна грамматика тупсарыллыбыта. Ону таһынан Саха сирин Хоту төрүт олохтоох омуктара бэйэлэрэ суруктаах-бичиктээх буолбуттара. 1937 с. нэһилиэнньэ ааҕар дьоно 85,4% тиийбитэ.
1976 с. бүттүүн орто үөрэхтээһиҥҥэ көһүү түмүктэммитэ, ол научнай-тиэхиньиичэскэй өрөбөлүүссүйэ ирдэбилинэн ыытыллыбыта уонна дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар модун тирэҕинэн буолбута. 70-80 сс. бүттүүн уопсай орто үөрэхтээһиҥҥэ көһүүнэн сибээстээн алын уонна ситэтэ суох орто оскуола ахсаана эмискэ аҕыйаабыта, ол оннугар орто оскуола ахсаана биллэрдик эбиллибитэ.
Саха АССР үлэлээбит сылларыгар өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бүттүүнэ ааҕар-суоттуур буолбута. Саха сирин аптаныамыйата силигилээн турар кэмигэр, 1987 с. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 690 бары көрүҥнээх уопсай үөрэх оскуолата баара, манна 200 тыһ. кэриҥэ үөрэнээччи үөрэнэрэ. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар үөрэтии нуучча, саха, эбэҥки, эбээн тылынан ыытыллара.
Саха сирин учууталлара Москубатааҕы постпредствоҕа. 1920-с сс.
Үрдүк үөрэх уонна наука
Саха сирин уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна култуурунай олоҕор-дьаһаҕар биир сүрүн миэстэни 1934 с. алтынньы 8 к. арыллыбыт уонна Саха сиригэр үрдүк үөрэх сайдарыгар олук уурбут Саха судаарыстыбаннай педагогическай института ылар. Педагогическай институт нэһилиэнньэни уопсай алын уонна орто үөрэҕинэн хааччыйарга үрдүк квалификациялаах педагогическай каадырдарга күүскэ наадыйыы түмүгэр арыллыбыта.
Итиэннэ 1925-1930 сс. ССРС Наукатын академията Саха АССР оҥорон таһаарар күүһүн кэлим чинчийиигэ ыыппыт аатырбыт эспэдииссийэтин түмүгэр Саха сиригэр кэккэ научнай тэрилтэлэр арыллыбыттара, олор үөрэх, култуура, сырдатар тэрилтэлэр тэҥҥэ сайдалларыгар тирэх буолбуттара.
1930 с. М.К. Аммосов этэн турардаах: «Түргэн тэтиминэн сайдыахпытын научнай-идеологическай каадыр туһунан турар сытыы боппуруос – преподаватель, учуутал, научнай үлэһит, суруналыыс уо.д.а. тиийбэтэ атахтыыр. Национальнай өрөспүүбүлүкэ итинник хамаанданан үлэлиир научнай-идеологическай каадыр өттүнэн быстар мөлтөх».
Пединститут олохтоох ыччаттартан үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар, өрөспүүбүлүкэ научнай уонна айар-тутар күүһүн түмэ тардар киин буолбута. ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев, РСФСР оскуолатын үтүөлээх учууталлара Д.Г. Новопашин, М.И. Кершенгольц, М.И. Николаева, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учууталлара Е.Ю. Келле-Пелле,
П.П. Оконешников, П.А. Старостин уонна да атын үгүс биллиилээх дьон онно үөрэнэн, кынаттанан тахсыбыттара.
Историческай, филологическай, философскай наукалар хандьыдааттара уонна дуоктардара, литератураны чинчийээччилэр, суруйааччылар, суруналыыстар үөрэммит оскуолаларын төрүттээбит, сахаттан бастакы историческай наука дуоктара Г.П. Башарин, Арассыыйа наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, физико-математическай наука дуоктара Г.Ф. Крымскай, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, биологическай наука дуоктара
Н.Г. Соломонов, куйаарга үөскүүр үрдүк күүрүүлээх энергия сардаҥатын үөрэтиигэ кэккэ үлэлэри оҥорон ССРС Ленинскэй бириэмийэтин лауреаттара буолбут Д.Д. Красильников, Н.Н. Ефимов, физико-математическай наука дуоктара, 1973–1986 сыллардаахха Саха судаарыстыбаннай университетын (СГУ) ректорынан үлэлээбит А.И. Кузьмин уонна да араас наукалар үгүс дуоктардара научнай уонна практическай үлэлэргэ үрдүк ситиһиилэммиттэрэ.
Сэбиэскэй Сойуус хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи уобаластааҕы кэмитиэтин (Якутский обком КПСС) бастакы сэкирэтээрэ, Сэбиэскэй Сойуус хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин чилиэнэ Г.И. Чиряев, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлэ
А.Я. Овчинникова, Саха сирин норуодунай бэйиэттэрэ, суруйааччылара С.П. Данилов, Софр. П. Данилов, Р.Д. Ермолаев-Баҕатаайыскай, В.С. Соловьев-Болот Боотур, Л.А. Попов,
В.С. Яковлев-Далан, Саха сирин норуодунай артыыһа А.П. Самсонов уонна да атын биллиилээх дьон, бэлитиичэскэй диэйэтэллэр эмиэ Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрбиттэрэ.
Ол гынан баран, Дьокуускайдааҕы пединститукка, дойду атын да үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах үөрэтии көрүҥэ Саха сирин күнтэн-күн үрдүү турар ирдэбилин ситэ хааччыйбат этэ. Ол иһин 1946–1951 сыллардаахха Саха АССР уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ
И.Е. Винокуров Саха сиригэр университет көрүҥнээх үрдүк үөрэх кыһатын тэрийэри көҕүлээн, дойду үрдүкү инстанцияларыгар туруорсан саҕалаабыта. Кини тыа хаһаайыстыбатыгар уонна доруобуйа харыстабылыгар үрдүк квалификациялаах исписэлиис тиийбэтин аахсан туран, чугастааҕы сылларга Саха сиригэр эбии икки үрдүк үөрэх кыһатын: тыа хаһаайыстыбатын уонна мэдиссиинэ институттарын тэрийэр туһунан тыл көтөхпүтэ эрээри, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, ол баҕа санаата туолбатаҕа.
Саха сиригэр үрдүк үөрэх кыһата 1956 сыллаахха атырдьах ыйыгар пединститут базатыгар тирэҕирэн Саха судаарыстыбаннай университета тэриллиэҕиттэн үөскээбитэ. Саха судаарыстыбаннай университетын тэриллиитигэр уонна сайдыытыгар сахаттан бастакы философскай наука дуоктара, омук уонна омуктар сыһыаннаһыыларын эйгэтигэр дойдуга үрдүк биһирэбили ылбыт теоретик, философскай уонна уус-уран айымньы тылбаасчыта, суруналыыс уонна лиэктэр, СГУ бастакы ректора уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк үөрэҕи төрүттээччи А.Е. Мординов оруолун бэлиэтиэх тустаахпыт. «Саха судаарыстыбаннай университета өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатыгар, дьон-сэргэ үөрэхтээх буолуутун уонна култууратын таһымын үрдэтэргэ анаан саха омугуттан каадырдары бэлэмниир соруктаах», – диэн кини суруйан турардаах. А.Е. Мординов этэринэн, Хоту дойдуга олохсуйан олорор омуктар букубаартан университекка диэри тиийэллэригэр култуура сайдыытын сүүнэ улахан суолун ааспыттар.
Саха сиригэр үрдүк үөрэх тиһигин сайдыытын өссө биир түһүмэҕинэн 1986 сыллаахха СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын базатыгар Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун (1995 сыллаахтан – Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академията, 2020 сыллаахтан – Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет) тэрийии буолбута.
Саха сиригэр үрдүкү оскуола тэриллиитин сэргэ наука тэтимнээхтик сайдан барбыта. Саха наукатын устуоруйата саха норуотун билиҥҥи литературатын төрүттээччи П.А. Ойуунускай 1935 сыллаахха Саха АССР Норуот комиссардарын сэбиэтин (Совнарком) иһинэн Хоту дойду кыра норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун тэрийиэҕиттэн саҕаламмыта. Ол институт Гуманитарнай чинчийии уонна Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларын институтун аатын сүгэн күн бүгүн үлэлии турар.
Саха АССР сирин-уотун, онно олорор омуктар устуоруйаларын, тылларын уонна култуураларын тиһиктээхтик үөрэтэр, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар научнай үлэлэри түмэр уонна ыйар-кэрдэр инниттэн 1947 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр базата тэриллибитэ. 1949 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи салаата буолбута (билигин – Саха сиринээҕи Наука киинэ). Академия Саха сиринээҕи салаатын иһинэн 1951 сыллаахха балаҕан ыйыгар Биология института, 1957 сыллаахха – Геология института, 1960 сыллаахха – Ирбэт тоҥу чинчийэр институт, 1962 сыллаахха – Космофизика чинчийиилэрин уонна аэрономия института уонна Ботаническай сад тэриллибиттэрэ.
ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи салаата дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүн биир бөдөҥ научнай киинэ буолбута. Өрөспүүбүлүкэ наукатын оччотооҕу кэлэктиибин 1964–1988 сыллардаахха Социалистическай Үлэ Дьоруойа, академик
Н.В. Черскэй салайбыта. 1988 сыллаахха ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатын Президиумун бэрэссэдээтэлинэн, оччолорго ССРС Наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Г.Ф. Крымскай талыллыбыта. 1970 сыллаахха Академия Саха сиринээҕи салаатын иһинэн Хоту дойду физико-тиэхиньиичэскэй проблемаларын института арыллыбыта, ол институту 1986–2004 сыллардаахха Россия Наукаларын академиятын сахаттан бастакы академига, тиэхиньиичэскэй наука дуоктара
В.П. Ларионов салайбыта, оттон 1980 сыллаахха Хоту дойду хайа дьыалатын института уонна да атыттар тэриллибиттэрэ.
Онтон ыла Академия Саха сиринээҕи салаатын научнай тэрилтэлэрин үгүс чинчийиилэрэ сэбиэскэй наукаҕа улахан суолталаах кылааты киллэрбиттэрэ уонна Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн үлэ күүһүн сайыннарарга улахан сабыдыалы оҥорбуттара.
Уус-уран култуура сайдыыта
Норуот уус-уран култууратын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллубута. Литература уонна ускуустуба көмөтүнэн киһи тулалыыр эйгэҕэ кэрэни, сырдыгы көрөр, айар-тутар дьоҕурун күүһүрдэр сорук турбута. Онон сиэттэрэн тыйаатырдар, бибилэтиэкэлэр, кулууптар, науканы уонна култуураны сырдатар учреждениелар баар буолбуттара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха АССР суруйааччыларын, худуоһунньуктарын, суруналыыстарын, композитордарын айар сойуустара көдьүүстээхтик үлэлээн барбыттара. Национальнай уус-уран интэлигиэнсийэ араҥата баар буолбута: суруйааччылар, худуоһунньуктар, ырыа айааччылар, тыйаатыр уонна киинэ диэйэтэллэрэ. Ол иннинэ национальнай уус-уран интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэринэн, Арассыыйаҕа демократическай хамсааһын уонна нуучча литературатын сабыдыалынан ХХ үйэ саҥатыгар саха уус-уран литературатын төрүттээбит уонна норуоттарын үөрэҕириитигэр бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, А.Е. Кулаковскай,
А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев уонна В.В. Никифоров буолбуттара.
Ити кэмҥэ саҥа саха литератордара баар буолбуттара: П.А. Слепцов-Ойуунускай,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, С.Р. Кулачиков-Эллэй,
С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон уонна да атыттар.
Саха национальнай ускуустубата: муусука, тыйаатыр, живопись – Арассыыйатааҕы уонна сэбиэскэй ускуустуба туонатыгар биллэн-көстөн барбыта. Бастакы идэтийбит худуоһунньуктар баар буолбуттара: нуучча духовенствотыттан төрүттээх, төрүт олохтоох И.В. Попов,
М.М. Носов, саха норуотун бастакы худуоһунньуга, Дьокуускайдааҕы художественнай училищены төрүттээбит
П.П. Романов. Бу дьон айар үлэлэрэ Саха сиригэр нуучча ускуустубатын үгэстэрин баһылааһыҥҥа олугу уурбута.
Бу эйгэҕэ биир биллэр-көстөр бэлиэ түгэнинэн 1941 с. тохсунньу 24 күнүгэр Саха сирин сэбиэскэй худуоһунньуктарын сойууһун тэрийии буолбута. Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба чаҕылхай маастардарын саҥа көлүөнэтэ үүнэн тахсыбыта, олор истэригэр саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын ядрота буолбут
Г.М. Туралысов, С.А. Александров, Л.А. Ким, А.П. Мунхалов,
В.С. Карамзин, В.С. Парников уонна да атыттар бааллара. Бэйэтин айар үлэтинэн Саха сирин ускуустубатын киэҥ хабааннаахтык билиһиннэрбит бастыҥ маастарынан ССРС норуодунай худуоһунньуга А.Н. Осипов буолар.
Ити кэмҥэ бу билигин куораттарбыт уонна оройуоннарбыт кииннэрин болуоссаттарын уонна искибиэрдэрин киэргэтэр айар үлэлэрдээх скульптордар плеядалара үөскээбитэ. Саха норуотуттан бастакы идэтийбит скульпторынан С.А. Егоровы ааттыыбыт. Оттон 1960-с сылларга уһулуччулаах скульптордар
К.Н. Пшенников уонна П.А. Захаров бэйэлэрин айар үлэлэрин саҕалаабыттара.
5 судаарыстыбаннай уонна 20 норуот тыйаатырдара баар буолбуттара. Бу тыйаатырдар сонун туруорууларынан уонна испэктээктэринэн өрөспүүбүлүкэ дьонун сэргэхсиппиттэрэ. Тыйаатыр диэйэтэллэрин ортолоруттан дойду үрдүнэн киэҥ биһирэбили уонна билиниини ылбыт дьонунан ССРС норуодунай артыыстара В.В. Местников, Д.Ф. Ходулов, РСФСР уонна РФ норуодунай артыыстара С.А. Григорьев,
Т.П. Местников, П.М. Решетников, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ А.С. Борисов буолаллар.
Оттон сахалыы идэтийбит муусука атаҕар туруутугар сахалартан бастакы композитор
М.Н. Жирков сүрүн оруолу ылбыта. Кини 1947–1949 сылларга «Ньургун Боотур» уонна «Сыгый Кырынаастыыр» бастакы сахалыы опералары, «Полевой цветок» уонна «Алый платочек» балеттары суруйан хаалларбыта.
Итиэннэ сахалыы муусука култуурата сайдыытыгар, 1950–1960 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит композитордар Г.А. Григорян, Г.Н. Комраков, Н.С. Берестов,
В.Г. Кац бэйэлэрин улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. 1970-с сыллартан саҕалаан саха композитордара З.К. Степанов,
В.В. Ксенофонтов, А.Н. Созонов, саха бастакы дьахтар-композитора П.Н. Иванова, эбээн бастакы композитора П.М. Старостин биллэн-көстөн барбыттара.
1979 сыллаахха Саха сирин композитордарын сойууһа, филармония, 1980 с. – Үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбыла (1992 сылтан – С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үҥкүү национальнай тыйаатыра) тэриллэллэр.
Саха оператын киэҥник аатырдыбыт дьонунан ССРС норуодунай артыыһа А.Е. Ильина-Дмитриева, РСФСР үтүөлээх артыыстара Е.А. Захарова,
Н.С. Шепелева, М.М. Лобанов уонна да атыттар буолаллар.
Балетмейстер идэлээх бэйэбит каадырдарбыт баар буолбуттарын кэннэ тыйаатыр араас жанра уонна истиилэ үөскээбитэ, ол иһигэр национальнай фольклорга олоҕурбут жанрдар уонна истииллэр. Саха балетын солистара, РСФСР үтүөлээх артыыстара
Е.А. Степанова, Н.С. Посельская, К.А. Иванова уонна А.П. Ултургашев, Н.И. Христофорова көрөөччү үрдүк биһирэбилин уонна тапталын ылбыттара.
Саха АССР уус-уран култуура сайдыытыгар идэтийбит диэйэтэллэр эрэ буолбакка, киэҥ араҥа эмиэ улахан кыттыыны ылбыта. Ол курдук, 1983 сыллаахха 23 норуот тыйаатыра, 160-тан тахса оҕо мусукаалынай оскуолата үлэлиир этэ.
Норуот уус-уран тылынан этээччилэрэ туора туран хаалбатахтара. Олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар С.А. Зверев-Кыыл Уола, Д.М. Говоров, Н.А. Абрамов-Кынат, П.П. Ядрихинскай, Н.И. Степанов, Е.Е. Иванова, М.Т. Шараборин-Кумаров, Е.Г. Охлопков ССРС Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн киирбиттэрэ.
Бэчээт эйгэтигэр улахан ситиһии оҥоһуллубута. 1985 сыллаахха Саха сирин үрдүнэн 53 өрөспүүбүлүкэтээҕи, оройуоннааҕы, биэдэмистибэ иһинээҕи хаһыат бэчээттэнэн тахсар этэ. Хаһыат биир төгүллээх тираһа, нэһилиэнньэ ахсаанынан ааҕан таһаардахха, хас биир үһүс олохтооххо тиксэрэ. 608 библиотека пуондатыгар харалла сытар кинигэлэртэн хас биир Саха сирин олохтооҕор ортотунан 7 кинигэ тиксэр этэ.
Национальнай эрэгийиэннэргэ күүскэ дьайбыт дойду сэбиэскэй кэминээҕи устуоруйатын биир сүрүн уратытынан култуура үйэлээх баайын илдьэ сылдьааччыларынан уонна айааччыларынан көннөрү туруу үлэһит уонна бааһынай дьон буолбуттара буолар. Ити кэмҥэ наукаҕа, литератураҕа, ускуустубаҕа киэҥ аан аһыллыбыта, бааһынай, дьадаҥы, чыыныттан-хааныттан тутулуга суох дьон оҕолоро институкка, университекка үөрэнэр кыахтаммыттара, онон чахчы норуот интэлигиэнсийэтэ, суруйааччылар, мусукааннар, худуоһунньуктар, учуонайдар баар буолбуттара. Чуолаан эттэххэ, чопчу бу кэмҥэ саха норуота бэйэтин устуоруйатыгар төрөөбүт култууратын таһынан, улуу нуучча норуотун, итиэннэ тас дойду култууратын толору туһанар, баһылыыр кыахтаммыта. Бу иннинэ Арассыыйа импиэрийэтин кэмигэр саха дьонун үгүс өттө маннык кыаҕа суоҕун бэлиэтиир тоҕоостоох. Саха аптаныамыйалаах Сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэ аҕалбыт үтүөтэ-өҥөтө – сонно!
Кэлэр, түмүктүүр ыстатыйаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын билиҥҥи устуоруйатын туһунан сырдатыллыаҕа.
Сүрүн хаартыскаҕа М.К. Аммосов ССРС АН экспедициятын кытта, 1925 с. от ыйын 15 күнэ
Алексей Еремеев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ.