Сахаҕа 2019 сыл – Байанай сыла

Ааптар: 
06.01.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт сылбыт Хотой Айыы сыла. Саха итэ­ҕэлигэр Хотой Айыы сыла түмсүү, ил-эйэ бэлиэтэ. Ханнык баҕарар түөлбэ тэринэн олорор дьон-сэргэ баһылыктаах буолар.

Баһылык төһө көдьүүстээхтик  иилиириттэн-саҕалыырыттан  дьон олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буолар. Ити өйдөбүл хас биирдии дьиэ кэргэнтэн саҕалаан,  бүтүн  судаарыстыба  таһымнанар. Өбүгэ үгэһэ, итэҕэлэ баһылыгы —  бас-көс тойон  киһини Хотой Айыыны  кытта сибээстиир:

Алтан Сабарай,

Аан Тайбыыр

Түрбүү Кынат,

Ала Мондоҕой

Күн Эрили,

Тоҕус холбооһуннаах

Хомпоруун Хотой Айыы, — диэн.

Киһи айылҕаттан бэйэтэ эрэ туспа олорор кыаҕа суох, дьоҥҥо-сэргэҕэ тардыһар, былыр-былыргыттан саамай улахан накаастабыл — дьонуттан-сэргэтиттэн тэйитии.

2018 сылга  Арассыыйа  бэрэсидьиэнин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын, Ил Тумэн дьокутааттарын таллыбыт, олохпутугар  сыал-сорук ту­­руоруннубут. Саха сирэ үлэҕэ-хамнаска, култуураҕа кэккэ ситиһиилэрдээх, ол курдук Хотой Айыы сылыгар «Тойон Кыыл» киинэ аан дойду  таһымнаах  бэстибээлгэ бастаан үгүс дьону үөртэ.

2019 сыл Байанай сылынан буолар. Баай Байанай Үрүҥ Айыы уола буолар, ойуур, тыа, булт-алт иччитэ. Саха кыылы-сүөһүнү үөскэтэр, оту-маһы харыстыыр, араҥаччылыыр диэн өйдөбүллээх. Билиҥҥи үөрэҕинэн  экологияҕа болҕомто ууруллара сөп. Булчут алгыһа:

Баай хара тыам иччитэ

Баай Байанай,

Хардаҕаспар хаайан кулу,

Кылыыбар кыһайан кулу,

Кэнтикпэр киллэрэн кулу,

Туора тобуктааххыттан

Тосхолоон кулу,

Адаар муостааххыттан

Анаан кулу,

Үрүҥ түүлээххиттэн

Өллөйдөөн кулу, — диэн.

Саха өйдүүрүнэн, Байанайдаах киһи дьолуоҕа тиксэр. Дьолуо диэн бу ситиһии, ситиһиилээх буолуу көрүҥэ.

Тохсунньу 1 күнүгэр христианскай халандаарынан үгүс омук  Саҥа дьылы бэлиэтиир. Аан дойду айыллыбытыттан сылы ааҕарбыт буоллар, 7527 сылбытын бэлиэтиэ этибит.

Саха итэҕэлэ тенгрианство хотугу салаата буоларын, түҥ былыргыттан силис тардарын үгүс учуонайдар сиһилии суруйан туралларын, Аан дойдутааҕы тенгрианство кэмпириэнсийэтэ  туоһулуур.

Кэлэр сылга ордук айылҕа харыстабылыгар аналлаах үгүс сокуон ырытыллан ылыллыа, хоту сир өр оһон быстыбат айылҕатын чинчийиилэр, туругун үөрэтиилэр ыытыллыахтара. Сир баайын хостуур, туһаҕа  таһаарар тэрилтэлэр эппиэтинэстэрэ үрдүө, онно эбии дьон  өйө-санаата уларыйан, айылҕаны харыстыыр экологическай култуурата саҥа таһымҥа тахсыа.

Саха итэҕэлинэн, 12 сыллаах кыра мөһүлгэнэн кэлэр чугастааҕы сыллар:

2019 —  Байанай сыла,

2020 —  Билгэ Хаан,

2021 —  Таҥха Хаан,

2022 —  Одун Хаан.

Олох кылгастык:  Билгэ Хаан —  билии, үөрэх Айыыта буолар, биллэрин курдук, аныгы олох билимэ олус түргэнник сайдар, аныгылыы технология олоххо киирэр. Бу би­­лии-сатабыл суоһурҕанарга, сэрии сэбинэн үлүһүйэргэ буолбакка,  дьон олоҕун тупсарарга оҥоһуллуохтаах.

Таҥха Хаан —  саха айылҕа оҕото, оттоон-мастаан, бултаан-алтаан, үлэтигэр-хамнаһыгар күн-дьыл туругун уруккуттан баччаҕа диэри тутуһар, хаһан ардах-­хаар кэлэрин, саас-күһүн төһө уһуурун куруук сибикилии, сэрэйэ сылдьар  буолар. Билигин да халаан уута хайдах таһымнааҕын, ардах-хаар түһүүтүн ситэри билэрбит буоллар, сотору-сотору сотон ааһар халаан уутугар бэлэмнээх буолуо этибит.

2022 сыл —  Одун Хаан сыла. Лоп курдук Саха Автономнай  өрөспүүбүлүкэтэ  тэриллибитэ 100 сылын туолар. Одун Хаан оҥоһуутунан Саха Сирэ Россия Федерациятын  биир субъега буолар. Ити сыл Россия  судаарыстыбатын кытта бииргэ олорбуппут 390 сылын бэлиэтиэхпит. Одун Хаан оҥоһуутунан, Чыҥыс Хаан ыйааҕынан  Арассыыйаны кытта биир дьылҕалаах, биир култууралаах, биир  экэниэмикэлээх буолабыт. Элбэх омуктаах Арассыыйа  төһөнөн иллээх-эйэлээх, төһөнөн тус-туһунан омуктарын култууратын  уратытын тутан  олорор да, оччонон түмсүүлээх, инникигэ ­эрэллээх, сайдар кэскиллээх буолуо!

Петр ТИХОНОВ-ТЭРЧИ

Мэҥэ Хаҥалас

Иннокентий Пестряков уруһуйа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0